*** Биир мүнүүтэ(Алексей Суола)
Тас көрүҥэ
Биир мүнүүтэ –
Күндү даҕаны бириэмэ.
Мүнүүтэ иhигэр
Күн сирин кэрэтин,
Күөгэл-нусхал айылҕатын,
Дьүрүһүйэр музыкатын
Киһи кэрэхсии, сөҕө
Истэр, көрөр, манньыйар.
Мүнүүтэ иhигэр
Таптал тыла этиллэр
Сүрэххэ үйэ тухары
Оспот бааһы хааллара.
Мүнүүтэ иhигэр
Киһи үүнэр олоҕор
Биир чиң хардыыны
Киэңник үктээн уурар.
Билиитэ, өйдүүр өйө
Өссө кэңиир, киһи сайдар.
Олоххо, доҕоччуок,
Оо, үгүс ээ итинник
Олус күндү бириэмэ.
Дьоллоох биир мүнүүтэни
Харыстаа эн өрүү…