*** Куп-кугас баттахтаах (Алексей Суола)
Тас көрүҥэ
Куп-кугас баттахтаах,
Халлаан күөҕэ харахтаах,
Күлэр-үөрэр мичилийэр
Нуучча кыыһын көрүстүм.
Көрсөөт мин долгуйдум
Кистээн үөһэ тынным
Нарын илиитин тутаммын
Элбэҕи этиэхпин баҕардым.
Килбигийэ мин өр
Кинини одууластым,
Кэрэтигэр тартаран
Харахпын араарбатым.
Уһун кыламан быыһыгар
Саспыт күөх харахтар
Мин диэки көрөөт
Мичиңнии сахтылар…
Киhиэхэ ардыгар
Кыра да наада,
Күндү ити көрүү
Кынаттаата дууhабын.