*** Эйигинэ суох олох отой(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эйиигинэ суох олох отой
Олоҕу олох диэҕим суох.
Эн эрэ, эн миэхэҕэ,
Yрүң күнүм чаҕыла эбиккин.

Эйиэхэ, эйиэхэ эрэ анаан
Бу хоhоон тылларын талабын,
Ис дууhам иэйэр тылларынан,
Таптал таңаратын симиибин.

Эйигинэн эрэ биллим дии
Сирим, олоҕум кэрэкэтин,
Ыра сырдыгар тардыhыыны,
Таптал эрэйин - өрөгөйүн.