Иһинээҕитигэр көс

11 (Атастарбар - В. Г. Чиряев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

11


Биэс уон биэс сааспын томтойо туоллум,
«Бэлиэрий эһэбит» диэн буоллум.
Балык ыамнаах, киһи күннээх,
Көрүлүүр даҕаны кэмнээх.
Оҕо саас айдааран ааста —
Оҕонньор буолар уолдьаста.
Үөлээннээх доҕоттоор, үөскээбит үйэбит
Үрүҥ күн анныгар үчүгэй да эбит,
Олохпут күөх сааскынан тыынар,
Оҕо саас дьолунан күн тыгар.
Көҥүлү, дьолу көтөҕөн аҕалбыт
Күн-Ленин,— улуу учуутал, аҕабыт!
Дьол-соргу туһугар кыайыыны айбыттар,
Дьон-норуот аатыгар үлэлии турбуттар.
Айылҕа күүстэрин баһыйар уохтаахтар
Аатырыан аатырбыт коммунист буолаллар.
Күлүмнүүр-мичиҥниир ыраас халлааннаах,
Көҕөрөр-наҕарар, чыычаах ырыалаах,
Күөх тыаҕа, алааска бокулуон уурдум,
Көҥүлгэ көрчүппүт төрөөбүт дойдум!
Эйэни көмүскүүр күн сирин үрдүгэр
Эрэллээх доҕоттор биһиэхэ үгүстэр!
Эйэлээх буолуохха, эйэбит улааттын,
Эйэбит балаҕан аайытын кытааттын!
Самныбат саргылаах биир саха уолабын,
Сайаҕас санаалаах мин поэт буолабын.
Кэскиллээх кэс тылбар — мин аатым ааттаннын,
Кэнчээри ыччакка мин ырыам ылланнын!


1961

Антология иһинээҕитэ