Иһинээҕитигэр көс

2

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Манчаары олорбут уонна охсуспут кэмэ — XIX үйэ бастакы аҥара. Ол саҕана Саха сирэ Россия государствотыгар холбоспута икки сүүс сыла туолбута. Россия олоҕун сайдыытын сабыдыала ыраах Өлүөнэ кытылыгар сыллата күүһүрэн иһэрэ.

XVIII үйэ бүтэһигэр — XIX үйэ бастакы чиэппэригэр Россия империятыгар феодальнай, крепостной тутул утарсыылара тыҥаабыттара, кылаассабай охсуһуу сытыырхайбыта, революционнай өй-санаа тарҕанан барбыта.

1773—74 сс. Е. И. Пугачев баһылыктаах бааһынайдар сэриилэрэ дворяннар уйулҕаларын хамсаппыта, баттаммыт кылаастар өйдөрүн-санааларын уһугуннарбыта. Е. И. Пугачөв хамсааһынын биир суол уратытынан нуучча бааһынайдарын сэриитигэр баттаммыт омуктар (башкирдар, татардар, мариецтар, мордвалар уо. д. а.) кыттыспыттара буолар.

Бааһынай сэриитэ хам баттаммытын кэннэ, кини кыттыылаахтарын, сүүһүнэн-тыһыынчанан дьону, хаатырга улэтигэр, сыылкаҕа анаан, Сибирь үгүс муннуктарыгар ыыталаабыттара. Кинилэр уһук сирдэргэ общөствөннай санаа уһуктуутугар сабыдыаллаабыттара чахчы. Ону тэҥэ 1812 с. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии Россия бары омуктарын биир патриотичөскай санааҕа түммүтэ. Саха сирэ 1812 с. сэриигэ 67.413 солк. суумалаах үбү хомуйан ыыппыта, сэрии алдьатыытыгар тубэспит нэһилиэнньэҕэ активнай көмөнү оҥорбута.

Итинник улахан историческай хамсааһыннар Саха сирин экономичөскай да, өй-санаа да өттүнэн сайдыытыгар олук буолбуттара саарбаҕа суох. Саха сирин бу кэмнээҕи историятын туһунан киэҥник биллэр чинчийиилэр тахсан тураллар. Тустаан Манчаары сырыыта, Манчаары үйэтэ О. В. Ионова «Манчаары Баһылай» диэн үлэтигэр, Г. П. Башарин хас да ыстатыйатыгар уонна «Саха сиригэр аграрнай сыһыаннаһыылар историялара (XVIII үйэ 60-с сыллара — XIX үйэ ортото)» диэн монографиятыгар, «Саха АССР историятын» 2-с томугар сырдатыллыбыттара [1].

XIX үйэ маҥнайгы аҥарыгар саха баайдара экономичөскай өттүнэн балайда күүһүрбүттэрэ. Өссө XVIII үйэ иккис аҥарыгар саха тойотторо сахалар бэйэлэрэ, нуучча администрациятын таһынан, уобаластааҕы салалталаах буолуохтаахтар диэн туруорсубуттара, ону тэҥэ дворянскай сословиеҕа киирэргэ дьулуспуттара. Саха тойотторо Соппуруон Сыраанап 1768 сыллаахха уонна Сэһэн (Өлөксөй) Ардьакыап 1783—1790 сс. Екатерина II ыраахтааҕыны көрсөн, саха тойотторугар былааһы уонна дворянскай ааты бэрдэрэргэ көрдөһүү түһэрбиттэрэ. Нуучча ыраахтааҕыта уһук сирдэр тойотторо политичөскай уонна экономичөскай өттүнэн күүһүрэллэриттэн куттанара. Ону тэҥинэн тойоттор байыылара ясак уонна нолуок төлөөччулэр дьадайыыларыгар тиэрдэрэ. Ыраахтааҕы хааһынатыгар үп-харчы киириитэ аччыыра. Ити кэннэ ыраахтааҕы былааһа норуот хамсааһына, бырачыаһа элбиириттэн эмиэ дьиксинэрэ. Ыраахтааҕы былааһа бу кэмҥэ, Саха сириттэн үгүс нолуогу, үбү ылар баҕаттан, сири киис-саһыл түһээннээн үллэстэри ууратан, кылаас быһыытынап үллэстиини олохтообута. Сири үллэстии саҥа систематыттан тойоттор син биир ночоотурбатахтара. Үлэһит сахалар олохторо тупсубатаҕа. Хата, көлөһүннээһин эбии күүһүрбүтэ, быстыы-дьадайыы элбээбитэ. Дьэ оннук быһыыга-майгыга Саха сиригэр Манчаары уонна кини доҕотторо баайдар уораҕайдарыгар сабыта түһүтэлээбиттэрэ.

Быһаарыы

[уларыт]
  1. О. В. Ионова. Манчаары Баһылай. Якутскай, 1946: Г. П. Башарин. История аграрных отношөний в Якутии (60-ө годы XVIII—серөдина XIX в.), М. 1956; История Якутской АССР, т. II, М.-Л., 1957


Манчаары норуот номоҕор төнүн