Иһинээҕитигэр көс

2 (Атастарбар - В. Г. Чиряев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

2


Атаһыам, үөрэх суолунан,
Аргыстаспыт кэриэспин,
Таптыыр сүрэҕим суоһунан
Туойар ырыам этиэхтин!
Кинигэ, хаһыат арыйан,
Күннүктээн үөрэтэрбит,
Сырдык үөрзх суолун тутам,
Саҥата суох үөрэрбит.
Күүлэй күргүөмэр көрүлээн,
Күөх кырыска тустарбыт,
Көҥүл олох дьолун билэн,
Көрүлүү улаатарбыт.
Кылыы, куобах, буур тэрийэн,
Кырдал устун сырсарбыт,
Сылайан, хонууга тиэйэн,
Сынньалаҥнаан сытарбыт.
Атаһыам, хаһан баҕарар,
Аччыгый сааспын өйдүөм,
Оҕонньор да буолар сааспар
Оҕолуу үөрэ көрсүөм!


1961

Антология иһинээҕитэ