Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
4
Күөх халлааҥҥа күн суоһа
Күлүм оонньуу тунаарар.
Эдэр сааскым атаһа,
Эн күүтэриҥ буолаарай?
Атаспын күүтэ санаан,
Айан суолун көрөбүн:
Сыыһы-буору тыал ытыйан
Сылайбакка көтөрүн.
Күүт: мин тиийиэм, баҕар, саас,
Баҕар, көмнөх түһүүтэ,
Кэрэ кэмҥэ, үтүө чаас,
Кэлиэ күндү мүнүүтэ.
Улуу махтал санаанан
Уһун күн ахтан ааһыам.
Устан ааспыт быһыынан
Умнуом cyoҕa, атаһыам!
1961
|
|
Антология иһинээҕитэ