Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
5
То5о куруук батыһан,
Таптыыр кыыһым бу баарый,
Көтө дайа дайбанан,
Көстө сүтэн хаалбатый?
Күлбүт-үөрбүт бэйэтэ,
Кубалыы устан кэлээт,
Моойбун кууһа түспүтэ
Бу баарга дылы эбээт.
Арыт күүтэр быһыынан
Ахтар-саныыр кэмнэрбэр,
Күөх төлөнү быыһынан
Күлүгэ тиийэн кэлэр.
Тоҕо куруук батыһан,
Таптыыр кыыһым бу баарый,
Көтө дайа дайбанан
Көстө сүтэн хаалбатый?
1961
|
|
Антология иһинээҕитэ