Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
6
Өйдөөтүм, эн аптаах ааккынан,
Өйдөөҕү төбөтүн сүүйбүккүн;
Дьон хаанын хамнатар уоккунан
Дьоло суох үөрүүнэн күлбүккүн.
Өйдөөтүм, утахтаан астыммат,
Өһүргэс өлүүлээх муҥнааххын,
Уодай хаан оонньуурун уйуммат,
Охсуһуу уодаҕан саҥнааххын.
Өйдөөтүм, санаакам айманан-,
Өһүмэр баҕанан туолбуккун;
Төлөннөөх сүрэҕим чоҥкуйан,
Төбө5үн хоҥкутан турбуккун.
Өйдөөтүм, эн аптаах ааккынан,
Өйдөөҕү төбөтүн сүүйбүккүн;
Дьон хаанын хамнатар уоккунан
Дьоло суох үөрүүнэн күлбүккүн»
1961
|
|
Антология иһинээҕитэ