Таптыыр кэргэннэнэн, оҕо төрөтөн, ыал буолан олорорго Манчаары Баһылай үйэлээх сааһын тухары баҕарбыта диэн сэһэннэргэ кэпсэнэр. Ол баҕа санаатын толорорго бүтүн олоҕун устатыгар дьулуспута. Бэйэтэ, ыраас хааннаах-сииннээх, саар-тэгил, уурбут-туппут курдук уҥуохтаах дьоһун-мааны киһи, дьахтар аймахха сөбүлэтэрэ даҕаны. В. Г. Королөнко суруйарынан, Манчаары дьахтарга уйана, дьахтар кэрэтин сыаналыыра үһү.
Биир киэҥник тарҕаммыт сэһэнинэн Манчаары Бэрт Маарыйаҕа сылдьыыта буолар. Бу уус-уран өттүнэн ситэри чочуллубут, элбэх варианнаах сэһэн.
Бэрт Маарыйа, аҕаһа өлбүтүн кэнниттэн алта оҕо тулаайах хаалбытын аһынан, күтүөтүгэр, кырдьаҕас киһиэхэ, кэргэн тахсар. Бэрт Маарыйа иккитэ оҕоломмутун кэнниттэн кэргэнэ ыалдьан өлөр. Онон аҕыс тулаайах оҕолуун аҥардас хаалар. Эдэр дьахтар бэйэтин олоҕун бүтүннүүтүн аҕыс тулаайах оҕону киһи-хара оҥорорго анаабытын дьон ордук сэргээн кэпсиир. Бэрт Маарыйа — улахан суобастаах дьахтар. Кини кэрэ дьүһүнүнэн да, майгытынан-сигилитинэн да тэҥҥэ аатырар-сураҕырар.
Манчаары мааны дьахтар үрдүк аатыгар эрдэттэн илдьиттээн, сэрэтэн баран кэлэр.
Ыар халҕаҥҥын харгыстаары аспатым, —
Ыар дьылҕабын манньытаары,
Сырдык, ыраас сирэйгин көрөөрү,
Сындалҕаннаах олохпун сыаналатаары кэлбитим, —
диир Манчаары.
Төһө да өйүнэн-суобаһынан аатырбытын иһин, Бэрт Маарыйа «ороспуой буолбут» киһини тэҥнээх ыалдьыт-хоноһо курдук тутуон сатаммата биллэн турар. Баай дьахтар баайа өтөр. Кини, Манчаарыттан сэрэнэн, оҕуруктаах өйдөөх, албын-көлдьүн Сысыыгын кинээһи, күүстээх-быһый дьоннору, ол иһигэр күтүөтүн, ааттаах күүстээх Хачыкаат Уйбааны, илдьэ олорбут.
Манчаары үтүө дьахтары көрөөрү, кинини кытта кэпсэтээри кэлэн тутуллубут хомолтолоох түгэнин сэһэннэргэ бэркэ ымпыктаан-чымпыктаан кэпсииллэр. Бу сэһэн бары варианнарын сайдыытын үрдүкү кэрдииһинэн Манчаары Бэрт Маарыйаҕа анаан ыллаабыт ырыата буолар. Ырыа араас ис хоһоонноох. Ардыгар Манчаары, ороспуой буолан, киһилии олоҕу олорботоҕуттан кэмсинэр, ардыгар баай дьахтар кинини туттарбытын хомуруйар. Ол гынан баран ырыалар бүтүүлэрэ дэхси оптимистическай, санаа түһүүтэ суох. Манчаары, тутулуннар даҕаны, хаһан эрэ миэхэ да сырдык күн үүнүө диэн ыраланар.
Манчаары дьиҥнээх таптала Дүпсүн улууһун Куһаах Хаппытыан кыыһа Күөх Кэтириинэ этэ. Сэһэннэр үгүстэригэр этиллэринэн, Манчаары бу дьахтары дьоннор ыйыыларынан күрэппит. Сорох кэпсээннэринэн Манчаары Күөх Кэтириинэни күүһүнэн, харытын үүттээн, ситиинэн сиэтэн, атыгар мэҥэстэн илдьибит. Бу фольклор эбиитэ. Дьыалаҕа Манчаары Капитон Слепцов уораҕайыгар хайдах саба түспүтэ, Кэтириинэни хайдах күрэппитэ барыта баар. Онно дьахтары муҥнаабыта-сордообута адьаһын ахтыллыбат. Доҕотторун көмөлөрүнэн кинини кыстык оҥостубут сиригэр — Чааппаҥа сиһигэр күрэтэн илдьибит уонна онтон сотору тутуллубут.
Манчаары Күөх Кэтириинэни сорун сордообута диэн кэпсээн тарҕаныыта тойоттор, баайдар өттүлэриттэн холуннарыы-баһааҕырдыы буолуон сөп. «Ороспуойу» сүрдээн-кэптээн кэпсээн, дьон санаатын киниттэн тэйитэ сатаабыттара чуолкай буолуохтаах.
Атын өттүттэн сыаналаан көрдөххө, фольклорнай айымньыларга өрүүтүн баар буолар антитеза туттуллубут диэххэ эмиэ сөп. Маннык муҥнаммыт дьахтар, сэһэннэргэ кэпсэнэринэн, Манчаарыга олус убанар, кинини олус таптыыр. Бу тарҕаммыт мотив, баҕар, таптал күүһүн көрдөрөрө буолаарай?! Күөх Кэтириинэ, маҥнай атаҕастаммытын үрдүнэн, Манчаарыны кытта бииргэ олорон, кинини билэн-көрөн баран, сөптөөх, холоонноох доҕорун быһыытынан өйдөөн, кини эрэйдээх олоҕун чэпчэтэ сатыыр. Ыраахтаабы уһун илиилээх суутуттан куотан сылдьар «ороспуой» күүс өттүнэн күрэппит кэрэ дьахтарыгар бэйэтин тапталын ылыннарыытын кэпсиир сэһэннэр — саха фольклорун таптал туһунан сэһэннэриттэн биир суол күүстээхтэрэ. Манчаары кэрэ кыыс (кэпсээннэр үгүстэрэ Күөх Кэтириинэни 18 саастаах кыыс диэн этэллэр, оттон дьыала көрдөрөрүнэн, Капитон Слепцов кыыһа Кэтириинэ — огдообо дьахтар) тапталын үтүө майгытынан, өйүнэн-санаатынан ситиһэр.
Баҕар, бу сэһэннэргэ былыр-былыргыттан дьахтары күрэтии туһунан сахаларга тарҕаммыт кэпсээннэр мотивтара киирбиттэрэ буолуо. А. А. Саввин 1939 с. Бүлүү оройуонун Тоҕус нэһилиэгиттэн манныгы суруйбуттаах:
«Былыр дьахтары уоран аҕалаллара үһү ийэтиттэн-аҕатыттан. Онуоха барсыбат дьахтары харытын үүттүүллэр уонна, онно ситии уган баран, сиэтэн илдьэллэр үһү».[1]
Бу кэпсээни А. А. Саввин сыбаайба сиэригэр киллэрэр. Күрэтии былыр кэргэн ылыы биир суол абыычайа буолар. Манчаары дьахтары күрэтиитин туһунан сэһэҥҥэ ити былыргы, үгэс буолбут мотив киирэн хаалара олуоната суох. Фольклорнай айымньыларга көһө сылдьар мотивтар, поэтичөскай ойуулааһыннар, этиилэр баар буолааччылар.
Күөх Кэтириинэ обраһыгар Манчаары күрэппит атын дьахтарын — Байаас ойоҕо Мотуруона — обраһа бэркэ маарынныыр. Уратыта диэн, Манчаары бу дьахтары дьон сүбэтинэн, сурах хоту сөбүлээн күрэппэт. Кини Мотуруонаны, маҥнай көрөөт, сөбүлүүр уонна таптаабытын күүһүттэн илдьэ барар. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Мотуруона сүүс сааһыттан тахсан иһэн өлбүт. Кини, кырдьан баран, Баһылай диэн сиэнигэр кэпсиирэ үһү: «Манчаары Баһылай үчүгэй киһи этэ, илиибин дьөлө үүттээбэтэҕэ, сэтиилэммэтэҕэ. Итини сымыйанан кэпсииллэрэ. Ол иһин бу сиэммин Баһылай диэн ааттаппытым», — диэн.
Үгүс сэһэннэргэ икки дьахтар мөссүөннэрэ холбоһоллор, биир буолаллар. Күөх Кэтириинэ уонна Мотуруона — саха фольклора дьахталлар тустарынан айбыт биһирэмнээх образтарыттан биир бастыҥнара.
Быһаарыылар
[уларыт]- ↑ НА СО ССФ Архива, ф. 5, оп. 3, дь. 97, л. 68.
Манчаары норуот номоҕор төнүн