Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
8
Учуутал доҕорбун син санаан кэлэбин,
Убаастаан-ытыктаан бу ыллаан эрэбин!
Оскуола — үөрэхпит күлүмнүүр кыһата,
Олохпут — ыччатым самныбат саргыта.
Күн-Ленин үөрэҕэ сандаара тыкпыта,
Күн-Ленин биһиэхэ суолбутун ыйбыта.
Үлэлиир, үөрэнэр олус да үчүгэй,
Үөрэммит ыччатым дьылҕатын итэҕэй!
Учуутал, эн үлэҥ бочуоттаах, ыарахан,
Үөрэммит ыччатыҥ махтала улахан.
Норуокка таптаммыт эн албан ааттааххын,
Норуотум эрэммит сылайбат уохтааххын.
Айылҕа төрөппүт артыыһын курдуккун,
Аччыгый атаскын үөрэтэ турбуккун.
Баттахпыт маҥхайан, хаар эбэ көстүүтэ,
Баттыктаах-тайахтаах хаамарбыт кэлиитэ:
Үөрэммит ыччатым түбэһэ түспүтэ,
Үтүөлээх үлэһит аатыран көрүстэ.
Олордуох-туруоруох бокуойу булбата,
Омуннаах ыччатым оҕолуу кууспута.
Ырааҕы-чугаһы сэһэргээн аһарда,
Ытыктаан-маанылаан, ыалдьыттаан атаарда.
Үөрүүттэн-дьолбуттан хараҕым ууланна,
Үөһэнэн үрүҥ күн кубалыы уһунна,
Сүрэҕим сөбүлүүр ол дьиҥнээх киһини,
Советскай оскуола ииппитэ кинини!
Учуутал, эйиэхэ, кэс тылбын хааллардым:
Олоххор, үлэҕэр үтүөнү баҕардым!
1961
|
|
Антология иһинээҕитэ