Иһинээҕитигэр көс

9 (Атастарбар - В. Г. Чиряев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

9


Сайа5ас поэкка кулгаа5ар чоргуйдун
Саллыбат талааным куолаһын сатата.
Номоҕон дууһаны кө5үтэн долгуттун
Нохтолоох сүрэҕим талаһар баҕата!
Күөрэйэр талааным санаабын сайыһан,
Саҥарбат күлүктүү, тыаһа суох батыста.
Көҥүлгэ тардыстар баҕабын кучуйан,
Санныбын таптайан, үлэлии барыста.
Поэтыам, кыбыстар буолума кырдьыктан,
Билбиккин итэҕэй, кэннигэр кэхтимэ,
Эйигин, поэты, биһириир норуоттан
Эҕэрдэ күндүлүүр мичигин кэһимэ!
Эрэнэн кэбиһиэх, дойдубут поэта,
Э5эрдэ төлөнө күндээрэр уоттарын,
Тааллыбат тапталым күлүмүн кэриэтэ,
Тардыһар талааммыт күөрэйэр уохтарын.
Поэтыам, айыыны сытыытык сыаналыах,
Бэйэбит норуоппут тапталын суоһунан,
Дойдубут дьолломмут олоҕун сырдатыах
Дууһаны долгутар уобарас ууһунан!


1961

Антология иһинээҕитэ