Yрүҥ туллук эрэ... (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Yрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр,

Маҥан туллук эрэ далластыыр,

Ыраастыыра эрэ бөлтөрдүүр,

Доҕойумалыыр эрэ доҕоруом!


Ылбаҕайдыыр эрэ чыычааҕыам,

Туохха баҕас туора көрөн,

Туоххаhыйар эрэ буоллуҥ дуо,

Туллуктуур эрэ доҕоруом!


Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,

Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,

Кыталыктыыр эрэ кыылларга,

Кытарабын эрэ, кыртайааныам!


Күлүбүрдэс эрэ дьүhүҥҥүн,

Күлүмнээн эрэ көрөргүн

Күннээҕэр эрэ күндүтүк

Көрөбүн эрэ, көмүhүөм!


Нарынныыр эрэ тарбаххын,

Наскыйар эрэ бэйэҕин

Хатыҥныыр эрэ мастарга

Ханыылыы эрэ хайгыыбын!


Субуллар эрэ суһуоххун

Халлааным эрэ кустугар

Ханыылыы эрэ саныыбын,

Хайҕаллаах эрэ киэргэлиэм!


Томтойор эрэ түөстэргин

Толорукаан эрэ кутуллубут

Чорооннордоох эрэ кымыска

Доҕуйабын эрэ, тоҕойуом!


Күөгэлдьигэс эрэ бэйэҕин

Күлэн эрэ күөмчүлүүр

Күүһүм эрэ суохуйа,

Күөкэйдиир эрэ көмүһүөм!


Сайаҕастай эрэ санааҕын

Саҥабынан эрэ салгытар

Санаакайым эрэ суохуйа,

Саргылардаах эрэ саhарҕаам!


Өрөгөйдөөх эрэ өйгүн

Өрө эрэ этэммин

Өһүргэтэр эрэ өйүм

Өрүү эрэ суохуйа!