Иһинээҕитигэр көс

Айманар айылгылаах мин ааргы сүрэҕим (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Туллуктар (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Барыта баар хоһооҥҥо (В. Потапова)




Айманар айылгылаах мин ааргы сүрэҕим,
Эмиэ мэнээк тэбиэлии миигин ыксатаҕын.
Хаһан, ханнык хабыр хапсыһыыларга
Хатыһа барабын, дьэ, төлкөлөөтүөҥ?..
Бу сир тыыннаҕын тухары
Хаһан да бүтүө суох түбүктэн салҕарбын
Хайаан да көҥүллүө суох буолаҕыҥ.
Мин кэлэр кэмнэргэ кэриэс кэһиибин,
Мин үүнэр үйэлэргэ үрүҥ алгыспын,
Мин ааспыт аһыыларбар ахтылҕаным аймалҕанын
Дьэ кэлэн кэрэһиттиэҥ кэллэҕэй,
Бу үйэҕэ эн этиҥ эбээт кэтэмэҕэй...

Чуумпура түс, иһит көрдөһүүбүн,
Түүҥҥү чуумпу чуор кулгаахтара
Эн түрүлүөҥҥүн истэн уйгуурдулар,
Эн куоласкын истэн уолуйдулар...