Иһинээҕитигэр көс

Туллуктар (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мин да оҕо этим (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Айманар айылгылаах мин ааргы сүрэҕим (В. Потапова)



Туллуктар


Харалдьыктан халтарыһан,
Халлааҥҥа ыһыллаллар,
Үрүҥ көмүс манньыаттыы,
туллуктар.
Ыраахтан ымсыыра, сайыһа көрөбүн
Ыраас да ыраас халлаан улаҕатыгар
Кинилэр умсан ырааталларын,
Ил эрэ аҥаардаах айаннарын.

Күрэнэр курдуктар кинилэр миигиттэн
Күлүмүрдэс күнү көрсө,
Көстүбэт ыраах үрдүккэ...
Мин бырастыылаһар курдукпун бу түгэҥҥэ
Оҕо сааһым хаарыан доҕотторунуун,
Тэйдэр-тэйэн, хаалабын соҕотоҕун...

Хайа эрэ дойду харалдьыгын ирдэһэн,
Кинилэр ханна эрэ тиийиэхтэрэ турдаҕа.
Хастара тулуйуой уһун айан сындалҕанын,
Хастара маннааҕы харалдьыкка эргиллиэй этэҥҥэ?..
Кинилэрдиин мин эмиэ
Ыраах-ыраах айанныахпын баҕардым,
Ол иһин, бүтэһигин, көҥүллүк
Баҕардым кимтэн да кистээбэккэ мэниктиэхпин...
Саастан сааска айан
                            эмиэ да кылгас курдук,
                            эмиэ да кэтэх көһүйэр кырамана...
Харалдьыктан халтарыһан,
Халлааҥҥа ыһыллаллар,
Үрүҥ көмүс манньыаттыы,
                                             туллуктар.
Таптыыр харалдьыкпытыгар, чэйиҥ эрэ,
Мэниктии түһүөҕүҥ кэм кэлиэн иннинэ!...