Аны... ооҕуй үөнү ылыаҕыҥ...
←Саастарын тухары булдунан... | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Бастакы глава) Копырин Николай Захарович |
Климат араас курдааҥыннарыгар...→ |
Аны аан дойдуга киэҥник тэнийэн үөскээбит ооҕуй үөнү ылыаҕыҥ. Ооҕуй саха фольклоругар кыратык киирбит. Биһиэхэ олус бадарааннаах сири «ооҕуй оҕус бадараанныыр иһик бадылҕаҕа» дииллэр, ииччэх-бааччах быаны ооҕуй ситимигэр холууллар. Нуучча литературатыгар оботтоох баайы, бар дьону супту уулуур паразиты ооҕуйга холууллар («такой паук, что все село высосал»; «Ах, ты — наук!»). Ооҕуйунан баайы дьүһүннээһин нууччаттан саха суругунан литературатыгар эмиэ киирэн турар. Саха советскай поэта Эллэй этэр: «Ооҕуй баай уулаабат, сор баттал тууйбат, ол иһин көҥүл күн көмүстүү күндээрдэ» (89—129).
Ол эрээри сорох омуктарга ооҕуй атыннык өйдөнөр, хоһуйууга туттуллар Збит. Арҕаа Африка норуоттарыгар ооҕуй туһунан төһө эмэ остуоруйа баар. Кинилэр ооҕуйдарын обраһа Европа саһылын обраһыгар майгынныыр дииллэр. Африка остуоруйаларыгар кыра, мөлтөх, бүрэ көрүҥнээх буолан баран, эр санаалаах, дьулуурдаах, булугас өйдөөх харамайдар куруук кыайыылаах тахсаллар. Манна норуот бардам күүстээхтээҕэр өйү, сатабылы, байым баайдаахтааҕар дьадаҥы үлэһит киһини ордороро этиллэр (102—18). Кинилэргэ ооҕуй өйү, муудараһы аан дойдуга хайдах тарҕаппытын туһунан остуоруйа баар (124—252).
Ооҕуйу вьетнамецтар эмиэ сүрдээҕин ытыктыыллар. Ооҕуй ситим тарпытын көрдөхтөрүнэ, үчүгэй күннэр буолаары гыннахтара, үчүгэй сонуну истээри гыннахпыт диэн үөрэллэр. Вьетнам норуота ооҕуйга сүгүрүйэр буолбута бэйэтэ туспа номохтоох. Ооҕуй ситим тардарыгар элбэх бириэмэ барар. Өр муҥнанан оҥорбут ситимин дьоннор биирдэ тоҕо сотоҥ кэбиһэллэр. Ол ооҕуйу төһөлөөх эрэйдиирэ буолуой? Ол гынан баран кини, хата, тулуура бэрт буолан, ситимин хат-хат тарда турар.
Ол эрээри кини аһыммат, тымныы сүрэхтээх дьону биирдэ дьиэ иччитигэр үҥсүбүт. Дьиэ иччитэ: «Эн, Ооҕуй барахсан, дьоҥҥо туох да көдьүүһү аҕалбаккын, арай кинилэр дьиэлэрин муннугун киртитэҕин. Дьоннор эйигин туох иһин таптыахтарай? Арай ханна эрэ атын сиргэ көстөххүнэ ордук буолуо»,— диэбит. Онуоха: «Мин дьоҥҥо хайдах көмөлөһөрбүн билэрим буоллар, ону үөрүүнэн оҥоруом этэ. Үрдүк үтүө таҥара, эн миэхэ сүбэлиэҥ буолаарай?»— диэн хомойбут Ооҕуй саҥа аллайар. Дьиэ иччитэ, толкуйдуу түһэн баран, этэр: «Бачча кыра бэйэҥ дьоҥҥо тугунан кыайан көмөлөһүөҥ буолла. Сөбүлэһэр буоллаххына, миэхэ көмөлөһөөччү буол. Дьону кытта олоруоҥ, дьоннор тугу кэпсэтэллэрин, кэргэн иһигэр туох сонун тахсарын миэхэ этэр буолуоҥ. Уонна дьоҥҥо мин ааппыттан үтүө сураҕы тиэрдээччи буолуоҥ».
Ооҕуй ити этиини үөрүүнэн ылыммыт, онтон ыла кини Дьиэ иччитин эрэллээх, солбуллубат көмөлөһөөччүтэ буолбут (142—264). Таҥараҕа тус бэйэтигэр көмөлөһөөччү буолартан ордук үрдүк чиэс баар буолуо дуо! Итинтэн ыла дьоннор ооҕуйу олус ытыктыыр, харыстыыр буолбуттар.
Биһиги манна дракон, ооҕуй тустарынан аҕынныбыт. Аан дойду араас омуктарын поэзияларыгар итинник тус-туспатык киирэр харамайдар элбэхтэр.
Бэл диэтэр бэрт элбэх норуот былыр-былыргыттан сөбүлээн ииппит-үөскэппит ынах сүөһүтэ поэзия образтааһыныгар араастаан кииртэлиир буолар эбит.
Нуучча литературатыгар ынах, ньирэй поэтическай киэргэтийгэ төрүт да киирбэттэр.
Оттон Индия поэзиятыгар ынах саамай үтүө, кэрэ, нарын сүөһү быһыытынан поэзия бастыҥтан бастыҥ киэргэлэ буолар. Кинилэргэ саамай хайҕанар дьахталлар эрэ буолбакка, сарыабыналар, үрдүк таҥаралар, ынахха холуллаллар. Үрдүктүк ытыктанар Рама таҥара ийэтэ Каушалья ынахха, оттон Рама бэйэтэ ньирэйгэ холуллаллар.
Ыраас таптал, дириҥ билии, ытык итэҕэл курдук абстрактнай өйдөбүллэр Индия поэзиятыгар ынахха си-бээстзэн, ынаҕынан дьүһүннээн хоһуйуллаллар. Ынах оҕотун таптааһына ырааһа, нарына хас индиец өйүгэр-санаатыгар төһөлөөх поэтичнайдык иҥмитин өссө маннык холобуртан көрүөххэ сөп. Индиецтэргэ туох да хардата суох, күүскэ ылларан таптааһыны бэлиэтээн этэр «уа1за1уа» диэн термин баар эбит. Ити термин үөскээбит төрдө «уа1;5а» (ньирэй) диэн тыл. Ол аата, «уа1за1уа» нууччалыы судургу тылбааһа «телячество» диэн буолар.
Индиецтэргэ оннооҕор ынах инчэҕэй буорга, бадарааҥҥа үктэнэн барбыт суола дьикти поэтическай көстүү буолар эбит. Орто үйэлэрдээҕи Индия аатырбыт поэта Тулси Дас бу курдук хоһуйар:
- А кто же чтит с благословеньем, радуясь такому дару,
- Как след коровьего копыта переходит всю сансару.
(104—57) 20
Тус-туспа эстетическэй көрүү халлаан араас көстүүлэрин өйдөөһүҥҥэ эмиэ биллэр.
Былыргы сорох омуктар халлааны муора дииллэр, сулустар — ол муораҕа устар балыктар; сорохтор халлааны тыа дииллэр, сулустар — ол тыаҕа сылдьар кыыллар; сорохтор халлааны сир дииллэр, сулустар — ол сир күөллэрэ (151—85).
Эвенкилэр саныылларъшан, халлаан — киэҥ-нэлэмэн тайҕа тыа, Улахан Араҥас сулус — тайах, Аччыгый Араҥас Сулус — кини тугута. Күнүс кинилэр, ойуур иһигэр киирэн хааланнар, көстүбэттэр, түүн ойууртан тахсан кэлэллэр, ол иһин киһи хараҕар көстөллөр. Оччоҕо халлаан булчуттара тайахтары, ол аата сулустары, сонордообутунан бараллар (99—69).
Манна эвенкилэр бэйэлэрин сирдээҕи дьарыктарын халлааҥҥа көһөрбүттэрэ көстөр.
Ити эвенкилэргэ эрэ сыһыаннаах буолбатах. Грузиннарга тапталлан оҥоһуллубут халлаан («о кованом небе») туһунан номох баар. «Таҥара сири олохтууругар, кинини алтанынан бүрүйбүтэ»,— диэн илиҥҥи Грузия хайаҕа олохтоохторо ыллыыллар. Күнү эмиэ халлаан уустара таптайан оҥорбуттарын курдук грузин норуотун остуоруцатыгар этиллэр (115—18). Итинник образтааһыннар Кавказ, чуолаан Грузия, бэрт былыргы металлургиялаах буолбутун туоһулуохтарын сөп.
Ыйга баар хара толбоннору сахалар «ый иччитэ», «аргыһахтаах кыыс» дииллэр. Чукчалар ыйы «аллараа дойду күнэ» дииллэр. Ол иһин чукча ойууттара ыйы үөтэллэр. Ыйы уһуннук көрдөххө, киһи өйүн сүтэрэр; ый бэйэтигэр тардан ылыан сөп үһү. Хаһан эрэ ый бэ-йэтигэр тардан ылбыт уола, биитэр кыыһа (бутуһунан остуоруйалар араас варианнара бааллар) ыйга хара толбон буолан көстөр диэн буолар (106—22).
Оттон Америка индеецтэригэр ый — киһи мэҥнээх сирэйэ. Бу туһунан индеецтэр араас биистэригэр тарҕаммыт номох хас да варианнаах. Олортон биирдэстэрэ маннык:
Былыр уолаттар уонна кыргыттар тус-туспа олороллоро үһү. Аан бастаан бииргэ хонуохтаах түүннэригэр кыргыттар хижинаҕа урут киирэн сыппыттар, уолаттар таһырдьа кутаа аттыгар хаалбыттар. Онтон уолаттар хижинаҕа киирбиттэр. Биирдии бэйэлэрэ биирдии кыыһы ылаллар. Хараҥаҕа ким кимин билбэт. Биир уол кыыһа кимин хайаан да билиэн баҕарбыт. «Кимҥиний?»— диэн сибигинэйэр да, кыыс саҥарбат. Онуоха уол тарбаҕынан бадарааны сотон ылан, кыыс сирэйигэр ымньыыр.
Халлаан сырдыан иннинэ уолаттар хижинаттан тахсаллар. Уол, кутаа аттыгар олорон, кыыс сирэйин бэлиэтээбитин туһунан кэпсиир. Сарсыарда сырдаабытын кэннэ көрбүттэрэ — уол бэйэтин бииргэ төрөөбүт балтын сирэйин бэлиэтээбит эбит. Онтон ыла убайдаах балыс улуу айыыны оҥорон, онтон саатан, күҥҥэ уонна ыйга кубулуйаннар, халлааҥҥа уста сылдьар буолбуттар. Мэҥнээх сирэйдээх балта (ый) халлаан атын улаҕатыттан быктар эрэ, уол (күн), саатан, саһа охсор үһү.
Карибтар диэн индеецтэр биир биистэрэ ол ыйга кубулуйбут кыыс. Хйали диэн уолуттан ууһаан-тэнийэн барбыппыт дииллэр үһү (123—124, 243).
Халлааҥҥа түүн сыдьаайар сырдык балаһаны нууччалар — «үүт суол» («млечный путь»), Украина бааһынайдара — паннар батталларыттан куотар суол, чукчалар — ахса биллибэт элбэх арыылардаах өрүс, балыксыт полинезиецтэр — уһун-синньигэс балык, эвенкилэр — булчут хайыһарын суола дииллэр.
Этиҥ китайдарга — драконнар охсуһаллара, саха-ларга — аан дойду атыыра кистиирэ, индиецтэргэ — ынах маҥырыыра, чукчаларга — түлүөн тириитигэр оонньуур кыргыттар айдаараллара. Оттон ардах сүөһү иитиитинэн, сир оҥоһуутунан дьарыктанар индиецтэргэ ол маҥырыыр халлаан ынаҕын илгэлээх үүтэ буоллаҕына, ардахха наадыйбат булчут чукчаларга ол оонньуур, айдаарар халлаанкыргыттарын ииктэрэ буолан алдьатара эмиэ өйдөнүөн сөп.
Славяннар былыр халлаан сорох бөлөх сулустарын сири оҥорор сэптэрин-сэбиргэллэрин аатынан (суханан, барананан, кыраабылынан, хотуурунан уо. д. .а) ааттаталаабыттара дьон сирдээҕи олоҕо, дьарыга, сирдээҕи событие, комедия, драма халлааҥҥа тыктарыллыбытын туоһулуур курдуктар.
Бэл тыал хайа диэкиттэн үрэрэ атын-атын эстетическэй сыһыаны үөскэтэр. Сахаҕа илинтэн үрэр тыал ардаҕы, быйаҥы аҕаларын иһин хайҕанар, «иэйэхситтээх илин халлаан итии тыала» диэн буолар.
Оттон «Зеленый Мыс» арыыларыгар олохтоохторго илинтэн, Сахараттан, үрэр тыаллар, суту, өлүүнү аҕалар буоланнар, абааһы көрүллэллэр, кинилэр поэзияларыгар омсолооҕу хоһуйарга туттуллаллар. Ол иһин Африка биир эдэр поэта Овидио Мартинс «Мы бичуемые восточным ветром!» (138—231), — диир.
Саҕах түөрт өттүн бэлиэтээн этии да уратылаах. Сахалар илин өттүлэрэ күн тахсыытын туһун, кэлин өттүлэрэ (арҕаалара) күн киириитин туһун диэки эбит буоллаҕына, вьетнамецтарга илиннэрэ соҕуруу, кэннилэрэ хоту буолар эбит. Былыргы египтяннар Египеттэн соҕуруу сытар сирдэри «иннигэ» (впереди), оттон Сир ортотунааҕы муораны, Нил өрүс төрдүн «кэннигэ» (позади) баар сирдэр диэн ааттыыллара үһү (124—60). Ити хаһан эрэ быдан былыр сахалар арҕааттан илин, египтяннар, вьетнамецтар хотуттан соҕуруу сыҕарыйан олохсуйбуттарын кэрэһэлиир быһыылаах.
Сахалар хоту уонна соҕуруу диэннэрэ былыргы тюрк-скай төрүттээхтэрин туһунан тылы чинчийээччилэр этэллэр. Былыргы тюрк тылыгар «йохору»— үөһэ, өрө, оттон «ходы», «хойы» — аллара диэн буолар збит (101— 11). Ол аата, илин диэки сирэйдэннэххэ, хоту — хаҥас диэки аллара түһүү, соҕуруу — уҥа диэки өрө тахсыы буолар. Оттон вьетнамецтарга «арҕаа тахсыы», «илин түһүү» (149—5) диэн этиилэр эмиэ сирдэрин рельебиттэн үөскээбиттэр: кинилэр арҕаа өттүлэринэн туруук таас хайалар күөнтүүллэр, илининэн муора эҥсиллэр.
Киргизтэргэ сир обраһа эмиэ иҥнэри. Сахалар айыыны үөһэ, абааһыны аллара олохтообут буоллахтарына киргизтэр киэнэ төптөрү эбит. Киргизтэр абааһылара хараҥа күүстэрэ — үөһэ, хайаҕа.
Чингиз Айтматов «Маҥнайгы учуутал» диэн сэһэнигэр Алтынайы хайа дьоно уоран үөһэ илдьэ бараллар. Кыыс үөһэ хайаҕа олорон күҥҥэ, сырдыкка чугаһаабыт курдук төрүт да санаммат, били аллараа адьарай аймаҕын хаайыытыгар олорор сахалар Туйаарыма Куоларыныы, тымныы, хараҥа ииҥҥэ, түүл-бит курдук дойдуга түбэспиттии туттар. Хайаҕа тымныы, хараҥа, эргиччи түүн курдук буоллаҕына, сылаас, сырдык, өҥ-быйаҥ аллараттан, налыыттан аллар. Күн аллара, степкэ сырайар, стептэн илгэлээх итии салгын илгийэр. Киргизтэргэ хайаттан киэҥ-нэлэмэн хонууга киирии суола — тиллии, ырааһырыы, өй-санаа, дууһа сэртэхсийиитин символа (112—89,91).
Оттон дэхси сир олохтоохторо хайаҕа сыһыаннара киргизтэр өйдөбүллэригэр сөп түбэспэт диэххэ сөп. Нуучча улуу поэттара Пушкин, Лермонтов Кавказ хайаларын хайдах курдук сөҕө-махтайа көрбүттэрэй, умсулҕаннаахтык хоһуйбуттарай! Нуучча поэзиятыгар хайаны дабайыы ыараханы кыайыы, үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка талаһыы буолар буолбат дуо?