Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Климат араас курдааһыннарыгар... (Копырин Н.З.)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Аны... ооҕуй үөнү ылыаҕыҥ... Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бастакы глава)
Копырин Николай Захарович
Омуктар уһулуччу таптыыр өҥнөрө...


Климат араас курдааһыннарыгар олорор омуктар тымныыга уонна итиигэ сыһыаннара тус-туспа. Уһун тымныы кыһын хоту дойду олохтоохторугар элбэх эрэйи, түбүгү үөскэтэр. Былыр намыһах сайдыылаах, батталлаах үйэҕэ кыһын кыыбаҕата дьадаҥыга сортон-муҥтан атыны аҕалбат этэ. Арай Советскай былааска, оҥоруулаах күүстэр барҕарар усулуобуйалара үөскээн, киһи киһини көлөһүннүүрэ суох оҥоһуллан, биһиги кыһыны улахан кыһалҕата суох аһарар буоллубут.

Саха норуота олуурдаах уһун тымныы кыһын эрэйин-кыһалҕатын аччатарга былыр-былыргыттан баҕара саныыра. Ол санаа баҕата Улуу Кудаҥса, Чачыгыр Таас ойуун курдук сир-халлаан сокуонун уларытарга соруммут улуу, модун образтары үөскэппитэ.

Кыһыны, сүрдээн-кэптээн, Дьыл Оҕуһа диэн дьүһүйбүттэр. Күнү-ыйы бүөлүүр күөх эбириэн оҕус күһүн хотугу муустаах муора улаҕатыттан тахсан кэлэр. Саас кини хантан кэлбит сирин диэки төннөр, биитэр өлүгүн сааскы уу мотуога илдьэ барар. Кыһын тымныыта улам мөлтөөн иһиитин сиэринэн бу оҕус бастаан «муоһун кылаана кыларыйар», онтон «бастакы муоһа тостон түһэр», онтон «иккис муоһа тостор», тиһэҕэр, ыкса саас буолуута «сиһэ булгуруйар» диэн этэллэр.

Биһиги поэппыт А. Е. Кулаковскай хоһуйарынан, «айыҥат аймаҕын кытта аат-миҥэ былдьаһар, атаан-мөҥүөн аахсар анабыллаах» анысханнаах Хотугу байҕал эбэ хотун «богдо үрүйэ», Өлүөнэ, бар-дьоҥҥо аһыныгас санаатын иһин, өһөөн, анаан-тэрийэн ыыппыт «уоҕан уола» эбит «Дьыл оҕуһа» диэн. Бу Оҕус «ыыс быдан тыыннаах, болуо муус муруннаах, кыаһаан муус кыла-маннаах, аймыыр муус арҕастаах, көмнөх хаар көлөһүннээх, хайыр ойбон харахтаах, уһун ураа муостаах, күнү-ыйы күкүрдүүр күр муус көҕүстээх». «Кини бэйэлээх хаамыталаан хачыгыраатаҕын аайы халыҥ хаар хаҥыыр, сүүрэкэлээн күһүгүрэйдэҕин аайы сүдү тымныы сүлүһүннүрэр, муннун бууһугураттаҕын аайы мунан барар буркун турар, тыынан кыскырыттаҕын аайы тымныы-дьыбар тыйыһырар, ураалаҥкыр муоһуттан улуу сата турар». Кини «аас-майах аргыстанан, иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдэнэн, оп-соллоҥ ойоҕостонон, дьаҥ-дьаһах таһаҕастанан, ыарыы-сүтүү ындыыланан, өлүү-сүтүү көтөллөнөн» кэлэн «күн дьонун күһүҥҥүттэн ыла күл-көмөр гынар буолбут» (43—93).

Поэт тымныы кыһарҕаныгар төрөөбүт айылҕатын («Өрөгөйдөөх Өлүөнэтин») кыратык да буруйдаабат, хата, бу айылҕа аһыныгаһын уһулуччу чорботон, бэлиэтиир. Лена, бар дьоҥҥо көмөлөһөрүн иһин буруйданан, аҕыс ый тухары «хаар хаайыыланар», «муус олбохтонор», «аҥардас хараҕын эрэ уутунан харылыы сытар гына харгыстанар».

«Тымныы оҕуһа», «тымныы муоһа» саха ырыатыгар-тойугар үгүстүк киирбит образтар буолаллар.

Тымныы сир олохтоохторугар кыһын кыһалҕата үлахан буоллаҕына, итии сир дьонун олус куйаас эмиэ эрэйдиир. Биһиги ёылааска, кинилэр сөрүүҥҥэ баҕараллар. Кинилэр ити үйэ-саас тухары уот куйааһы мөлтөтөр баҕа санаалара эмиэ араас образтары үөскэтэллэр. Холобур, Кытайга, Вьетнамҥа былыр халлааҥҥа уон күн биирдэ тахсан, алдьархайдаах сут, кураан буолбутун туһунан номохтор бааллар эбит. Китай норуотун номоҕунан уон күн халлааҥҥа уочаратынан тахсаллара үһү. Ол бэрээдэктэрэ уларыйан, биирдэ, Яо диэн үһүйээҥҥэ этиллэр император баһылаан олорор кэмигэр, уон күн онуон тэҥҥэ тахсыбыттар. Сир-халлаан умайар уот куйааһа турбут. Ханна да хаххаланар күлүк суох. Үүнээйи куурарын-хатарын ааһан, бэл таас, тимир кытта ууллар, киһи хаана тымырдарыгар оргуйан хаалар куттала үөскээбит. Оттон сахаҕа сир-дойду дэлбэритэ тоҥор, бургунас ынах муоһа булгурута барар тымныыта хоһооҥҥо киирэр (37—45).

Император, ыксаан, үрдүкү таҥараттан үҥэн-сүктэн көмүскэл көрдөспүт. Үрдүкү таҥара И диэн бэргэн ытааччыны ыыппыт. Бу ытааччы тоҕус күнү тоҕута ытыалаан кэбиспит, биир эрэ күнү ордорбут. Онтон ыла халлааҥҥа соҕотох күн тахсар буолбут, тыынар тыыннаах, үүнээйи торолуйан үөскээбит (154—175, 181).