Иһинээҕитигэр көс

Бадаҕа, мин таптыырым (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эмиэ эн эйэҕэс күлүгүҥ (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Мин эйиигин көрө иликпин (В. Потапова)




Бадаҕа, мин таптыырым
Биир эдэркээн киһини,
Баттаҕын тарыы сатыырым,
Бурулларын иһин.

Оо, мин да олус эдэрим,
Уонна өрүү этэрим:
“Бу үйэлэргэ салҕаныа”, —
Билбэтим өтөр сайҕаныан...

...Ким эрэ миэхэ биирдэ
Сэрэтэн эппитин өйдөөтүм —
“Таптала суох бу сиргэ
Олоҕу биллин — өстөөҕүм...”