Эмиэ эн эйэҕэс күлүгүҥ
Иннибэр көстө элэҥниир,
Эмиэ хап-хара түннүгү
Илбиһирэн тыал илгиэлиир...
Чуумпу хоһум иһин
Хараҥа халыҥыы хаххалыыр,
Ардах, курулаан түһэн,
Курус дорҕоонунан таммалыыр.
Тыйыс санаабын ылынан,
Тымныыны бэйэбэр ыҥыран,
Харса суох утары харбастым —
Түүн түннүгүн тэлэйэ астым.
Кып-кыра күлүк буоламмын
Турдум мин хоҥкуйаммын.
.