Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Балаҕан ыйын 1 күнэ
Балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ
Бүгүн эмиэ мичилийэ үүннэ.
Сэттэлээхтэр уонна уон сэттэлээхтэр
Сиэттиһэннэр бу иһэллэр.
Кинилэр оҕо саас кэһиилээхтэр,
Сибэкки мичээрдээх илиилээхтэр...
Оскуола, оо, ким умнуой, эйигин —
Оҕо саас дьоллоох биһигин,
Оонньуу-күлэ ойуоккалаабыт
Күн уоттаах кылааспытын,
“Биири”, “биэһи” да ылаттаабыт
Чаҕыл сырдык сылларбытын...
Умнубаппыт эбээт дьиэбитин,
Син ол кэриэтэ саныыбыт, суохтааммыт,
Ыраахтан үөрэбит эйигин сурааммыт...
Убайы-эдьиийи көрбүттүү, сэргээммит
Оскуолабыт кэмнэрин сэлэһэбит,
Сири, Ыйы эргийэр космонавтар ,
Албан аатырбыт да поэттар,
Сибэкки үүннэрэр идэлээхтэр
Уонна да эҥин бэйэлээхтэр
Сүгүрүйэ, ытыктыы ааһаллар
Сүүрбэһис үйэбит халлааныгар
Көтүппүт ол оскуолаларын,
Кырдьаҕас, чулуу учууталларын.
Балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ
Бүгүн эмиэ мичилийэ үүннэ.
Дорообо, олохпут улуу түгэнэ,
Сыдьаайа тур сүппэт өҥүнэн!
|
|