Балык ыама (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ардах (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Итирик Бурсуй ырыата (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Балык ыама


Халыҥ хаар
Хаппахтаан кэбиһэн
Хараҥаҕа хаайбыт
Ханньыылаах бииһин ууһа,
Харгыстаабыт хаар-муус
Халбарыйарын кытта
Хараҥаттан быыһанан,
Хаана ирэн
Харылас сүүрүгү
Харсыһа харбаан,
Хаадыктаах ууну булан
Хаҥаан-элбээн кэллэ.

Саахаллаах дьыл
Салаҥ дириҥҥэ саһыарбыт
Саҥырыалаах балыга,
Сааскы уу
Сайарын кытта
Саргылаах ууну булан,
Саҥырыатын сайа үннэн,
Саҥа ыччат үөскүүр
Салалтатын салайда.

Идэмэрдээх тымныы
Ийэ ууларга
Иһитэн кэбиспит
Искэхтээх балыга,
Итии кэлэрин кытта
Иитиллэр сири
Ирдээн булан,
Искэҕин ыан,
Ирбэнньик ыччаты элбэттэ.

Күбэ дьыл
Күтүр дириҥҥэ
Күрэтэн кэбиспит
Күөл балыга,
Күр муус
Көтөҕүллүбүтүн кэннэ
Күөрэйэн тахсан,
Күн уота көрбүт
Күөх оттоох кытыыга
Көрүлүү-нарылыы ыата.

Кыһыл көмүс кырыстаах ыама
Кыама суох кырдьыгынаата,

Үрүҥ көмүс өҥнөөх төрүөх
Үгүс үлүгэр үөскээтэ,

Хара көмүс хатырыктаах ыама
Халыан элбэх хаҥаата.



Сүрүн сирэйгэ