Итирик Бурсуй ырыата (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Балык ыама (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Көтөр кэлиитэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Итирик Бурсуй ырыата


Уой, нойоттоор! Уой, хотуктаар!
Ыллыыр санаам ыксалаата,
Көрүлүүр күнүм көһүннэ,
Арыгылыыр чааһым ананна!
Нокоо! Кут эрэ!
Дьиэ!.. Диэ!.. Дьиэ!..
Кут диэтим!
"Холуочуйан хоһооннонно" диэйэҕит, -
Хос санаабын хостуубун;
"Итирэн этэр" диэйэҕит, -
Истиҥ тылбын иһитиннэрэбин;
"Арыгылаан ахтар" диэйэҕит, -
Амарах санаабын айдаарабын!
Кутуҥ! Кутуҥ! Кутуҥ!
Омуртах аайы толоро туруҥ,
Истэх аайы эбэн иһиҥ,
Аҕыйаттах аайы аҕалан иһиҥ!
Хаһата харса суох анньыҥ,
Хатыыста харса суох кыһыҥ,
Утахта тохтоло суох булуҥ!
Оксиэ дуо, оҕолоор!
Халыҥ хаһанан
Харчы кэбиһэр,
Суон саалынан
Мохсуо кэбиһэр,
Айгы-буйгу,
Аан-чалбараҥ диэн
Бу аата буолбат дуо!
Кута олор, уол!
Тоҕуннар тоҕуннун,
Таһымнаатар таһымнаатын!
Халыҥ хайдыбат,
Суон тостубат,
Баай бараммат!
Иһиҥ, - диэтим, - иһиҥ!
Испэтэххитинэ, сирэйгитигэр ыһыам!
Омурпатаххытына, уолуккутугар кутуом!
Дьиэ!.. Дьиэ!.. Дьиэ!..
Мэйиим эргийдэ,
Хааным тарҕанна,
Куттаҕым курулуйда!
Аһаатар аһыахха
Астыктык, акаарылаар!
Истэр иһиэххэ
Эр киһилии, эрэйдээхтэр!
"Итирдэ, бадаҕа,
Иллэҥ барбыт илиилэннэ" диэн
Бостуой толкуйдаамаҥ!
Хата мин киһи
Күүстээх санаам дьэ күүрдэ,
Ойор тымырым дьэ оҕуста,
Тардар тымырым дьэ татта!
Эрбэҕим эрчимирдэ,
Тиҥилэҕим тирэҕирдэ,
Түөһүм күүһүрдэ!
Уоскуйуохпун уохтаах арыгыта
Кута тарт, уол,
Оройгун оҥуо суоҕа буоллар!
Оксиэ дуо, оҕолоор!
Уол оҕо одьунааһа,
Киһи бөҕө киргиллээҕэ,
Саха бөҕө талыыта диэн
Мин буолабын!
Ону эһиги билэҕит дуо,
Уостубут уолаттар?!
Бу орто дойдуга
Соҕотохто төрүөбүт аакка
Ээ, дьэ, истим!
Ээ, дьэ, аһаатым!
Ээ, дьэ, сиэтим!
Дьэ, кистээбэккэ эттэххэ,
Саһыарбакка саҥардахха -
Толору дьоллоох,
Ситэри кэскиллээх,
Өҥөр үскэмнээх,
Баай талымнаах
Уола хаан буолабын!
Кулут уол!
Кутаргын кубулутума!
Куккун үргүтүөм,
Куйахаҕын күүрдүөм!
Оксиэ дуо, оҕолоор!
Туохтан даҕаны толлубаппын,
Кимтэн даҕаны килбигийбэппин,
Хантан даҕаны хаайтарбаппын!
Наай гыннар кумалаан оҕо
Оҥостуохтара суоҕа...
Ол эрээри, кэҥсэ буолан нэһилиэги
Кэриимниирим баһа биллибэт,
Умнаһыт буолан улууһу
Ороскуоттуурум баһа биллибэт...
Ахсаана суох аһыы олоруоҕуҥ,
Иҥнигэһэ суох иһэ олоруоҕуҥ,
Кубулуҥсата суох кутуна олоруоҕуҥ!
Оксиэ!
Күөрэйэр күнүм,
Таарайар тааскам,
Тэһэ барар дьэтим,
Өрө барар өрөгөйүм
Сибилигин буолбат дуо?!
Оксиэ дуо, оҕолоор!
Субу чаасар,
Субу күммэр,
Субу дуолбар
Ким-хайа кэлэн миигин
Уон кудулу-куорай тарбаҕынан
Уҥуоргу өттүбүттэн олус уунуой!
Биэс иҥсэ-мэнэгэй тарбаҕынан
Алын өттүбүн алыс харбыай!
Чэчэгэйбин тэһиэх,
Оройбун оҥуох,
Күүспүн мөлтөтүөх
Ким баар буолуой!
Тылбын кыайыах,
Санаабын хаайыах,
Өйбүн сүүйүөх
Сөптөөх доҕор ким баарый?
Кут!.. Кут!.. Кут!..
Оксиэ, оҕолоор!
Хадьардаһан баҕас
Хара күлүктээх баар буолбат ээ -
Хампы сынньыам этэ!
Ииссэр баҕас
Имириир тыастаах баар буолбат ээ -
Илдьи сынньыам этэ!
Тыытыһар баҕас
Тыынар тыыннаах баар буолбат ээ -
Тырыта сынньыам этэ!
Баалкылаах даҕаны миигин
Батара биллибэт,
Торҕо биилээхтээн даҕаны
Толуннарара биллибэт!
Өргөс кылааннаахтаах даҕаны
Өлөрөрө биллибэт!
Чэйиҥ эрэ, нокоолор!
Ким тыл аахсан чыыбыргыах баарый?
Кэлиҥ эрэ!
Кут!.. Оксиэ!..
Түҥ-таҥ... түлэс-балас... бул-бал
Буоллум дуу? Ө-ө-ө-өх...


1915 с., Бүлүү.

Сүрүн сирэйгэ