Иһинээҕитигэр көс

Көтөр кэлиитэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Итирик Бурсуй ырыата (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Куорат кыргыттара (Өксөкүлээх Өлөксөй)


Көтөр кэлиитэ

[уларыт]

Күн сирин диэкиттэн
Күөкэспит быһыылаах,
Көмүстээх куорсуннаах
Көтөр бииһин ууһа,
Көҕүһэ-көҕүһэ
Көтөн кэлэн,
Көй-боллох уйаланан,
Көмүс-ньээкэ сымыыттанан
Көччүйэн-көрүлээн эрэр.

Соҕуруу дойду диэкиттэн
Солотуу көмүс хотоҕойдоох,
Солко-сурук куорсуннаах
Солун көтөр
Суугунаан кэлэн,
Соҥуруо көмүс сымыыттанан
Соргута улаатта.

Кытай сирин диэкиттэн
Кылыбырас сырыылаах,
Кыһыл-күөх түүлээх
Кынаттаах кыылларым
Кылаан бэттэрэ,
Кыттыһа-кыттыһа
Кырылаһан кэлэн,
Кылбаҕыр көмүс сымыыттанан
Кыһалҕаларын ситтилэр.

ТУЛЛУК

[уларыт]


Туус маҕан хаар
Турар эрдэҕинэ,
Туох-ханнык иннинэ
Туттаҕар дьүһүннээх,
Тутум бэйэлээх
Туллуктуура барахсан,
Тустаах суорумньу курдук,
Туналҕаннаах халлаанынан
Туйааран кэлэн,
Тууйуллубут санаабын
Туругурдан туһалаата.

ХОТОЙ

[уларыт]

Тумустаах кыыл тойоно,
Көтөр кыыл сүрдээҕэ,
Кынаттаах кыыл ыраахтааҕыта —
Чуучугуруур туус тумус,
Чаачыгырыыр таас таҥалай,
Бүрүө харах,
Бүтэй мүлгүн,
Төгүрүк түрбүү кынат,
Атара кутурук,
Алтан сабарай,
Ала мондоҕой,
Тайбыыр дьаҕыл,
Сүҥкэн эрэли
Хомпоруун хотой кыыл,
Туллук чыычааҕынан тотон,
Үрүҥ чыычааҕынан үтэлэнэн,
Аччыгый чыычааҕынан
Аһылыктанан кэлэн, —
Хоҥкугур төбөлөөх,
Хоҥнорхой хатырыктаах,
Хоппоҕор силистээх
Хоҕудал хара тииккэ
Хоҥсоллон олорорун
Холобурдаан көрөн баран,
Хомурахтаах хаар-муус
Хоҥноору гыммыт диэн,
Хорбуйбут санаам
Хоһулайан тиийэн кэллэ.


ТУРААХ

[уларыт]

Көй көтөр
Көстүөн арыый иннинэ,

Тэнтик-мунтук көппүт,
Тэлиэс-былаас тайбаабыт,
Тэрилик-турулук көрбүт
Дааҕынай кыылым кэлэн
Дабдарыс-ибдэрис ойдо,
Таахыр-туукур хаамта,
Даах-дуук ыллаата.


ТУРУЙА

[уларыт]

Сотору соҕус
Соҕуруу дойдуттан
Суй-маҕан халлааны
Субатынан соҕус
Суруйа охсон кэлбит,
Сундуллубут уҥуохтаах,
Суптуллубут тумустаах,
Сурдуҥу дьүһүннээх
Субан туруйа кэлэн,
Солко-нуолур хонуубар
Суодаҥнаһан эрэллэрин
Суһумнаан көрөн баран,
Сутаакы дьылбыт
Суураллыбыт эбит диэн,
Суһуктуйбут ньуурум
Сууйулунна курдук.


ХААС

[уларыт]

Хараҥатыҥы дьүһүннээх,
Ханаҕар быһыылаах,
Халыгырас саҥалаах
Хаастыыра барахсан
Хабыр-дьолуо халлаан
Хабырыттар тараһатынан
Хаҥынаһан кэлэн,
Харалдьыттаах сиргэ
Харабыллаах аһыы олороллорун
Харахтаан бараммын,
Харгыстаан турбут
Хаҕыс дьылбыт
Халбарыйбыт эбит диэн,
Харыастыбыт санаам
Халбарыйда курдук.


КӨҔӨН

[уларыт]

Күөкэллибит моойноох,
Күөх баттахтаах,
Күндү-үтүө түүлээх
Көҕөнүктүүр куһум
Күндүл-маҕан халлааны
Күлэр-таллан өрөһөтүнэн
Көмүс-уйгуур табыталыгар
Көтөхтөрөн кэлэн,
Көлүйэ күөлгэ
Күөкэс гына түһэн,
Көҥүлүнэн көччүйэн эрэрин
Көрөөхтөөн бараммын,
Күтүр күбэ дьылбыт
Күрэммит эбит диэн,
Күл-көмөр буолбут санаам
Күүһүрэн тиийэн кэллэ.


КЫТАЛЫК

[уларыт]

Кытай сирин диэкиттэн
Кыырай-маҕан халлааны
Кырсынан айаннаан
Кылбаарыйан кэлбит,
Кырыылаах тумустаах,
Кылдьыылаах харахтаах,
Кыҥкынас ырыалаах,
Кынтаҕыр быһыылаах,
Кылбаҕыр дьүһүннээх
Кынаттаах кыылым
Кырасыабай бэрдэ
Кыталыктыыра барахсан,
Кытыл сирбин
Кырыйа көтөн иһэн,
Кырпаҕа суох кырдалбар
Кынтас гына түһэн,
Кырыымпалыы кыҥкынаабытын
Кыбычылаан истэн баран,
Кыдьык хаан аргыстаах,
Кыһалҕа кыттыгастаах,
Кыыдааннаах кыһын баҕадьы
Кырыата-кыдьыга
Кыларыйбыт эбит диэн,
Кыһарыллыбыт санаам
Кый-бырах кыйданна.


КЫЫРТ

[уларыт]

Хотоҕойдоох хоодуоттара,
Табыталлаах талыылара,
Кынаттаах кытыгырастара
Кыырт, кырбый икки
Кыра көтөрү
Кыама суох
Кырган аххан эрэллэр.


МОХСОҔОЛ

[уларыт]

Кустук доҕуһуола,
Чаҕылҕан даҕыһыала,
Сындыыстыы сырыылаах,
Күүрүүлээх этиҥ күүстээх,
Курулас куорсуннаах,
Кырылас кынаттаах,
Хорулас хотоҕойдоох,
Моонньугар мойбордоох
Мохсоҕол обургу
Булт бөҕөнү булан
Бурайа оонньоон эрэр.


БЫТАХАЙ КӨТӨР, ЧЫЫЧААХ

[уларыт]

Бытахай көтөр
Бырдьыгынас буолла,
Кыра көтөр
Кырдьыгынас буолла.
Быгылах быыһын аайы
Бырылас былдьырыыт,
Бадараан саҕатын аайы
Барылас бараах буолла.
Таҥара сарыыта
Талах ойуурдарга
Тардыы көмүс табыталлаах
Талыы ырыаһыттара,
Таҥараны санаан, дьаргыстылар.
Күн тахсыыта Күөх тыаларга
Көмүс түөстээх Күндү ырыаһыттара
Күн айыыга үөрэн
Күүгүн бөҕөнү түһэрдилэр.
Күнүскү диэкинэн
Күөх көбүөр хонууларга
Күөмэйдээх үтүөтэ
Күөрэгэйдиирэ барахсан,
Күн үчүгэйигэр үөрэн,
Күөрэйэн көтө-көтө,
Көр бөҕөнү түһэрдэ.

Аламай маҕан күн Арҕаалыырын саҕана,
Араан тыаларга
Алтан түөстээх
Алыптаах айахтаахтара
Айбыт айыыны санаан
Араас ырыаны арыйдылар.
Им сүтүүтэ иһиирдилэр,
Түүн үөһэ үһүүрдүлэр.


КЭҔЭ

[уларыт]

Кэрэ-дьаҕыл дайдым
Киэркэйбитин кэннэ
Кэлэн баран,
Кэлэҕэйдээн сылдьыбыт,
Кэрдэстигэс кэҥириилээх,
Кэдэгэр систээх,
Кээдьэгэр быһыылаах
Кэҕэлиирэ кыылым,
Киҥкил-силик тыам
Кэрискэ маһыгар
Кэдэллэн олорон,
Кэрэ-чуор куолаһынан
Кэрэ билэтик эппитин
Кэрэхсии истэммин,
Кэрэ солун дьылыкайбыт
Кэлбит эбит диэн,
Кэри-куру буолбут санаам
Кэҥээн тиийэн кэллэ.


АНДЫ

[уларыт]

Кэнньэ-кэнэҕэс,
Кэлэр кэхтибитин кэннэ,
Эрдэ кэлбит
Эргэрбитин кэннэ,
Урут кэлбит
Уйаламмытын кэннэ,
Хара дьүһүннээх,
Харалҕан харахтаах,
Хохуоралаах хонуруулаах,
Холуочуктуу холуон,
Итириктии имэҥнээх,
Ааттаах кыыл
Анды барахсан
Айаннаан кэллэ...


Сүрүн сирэйгэ