Иһинээҕитигэр көс

Былыттаах күн (Варвара Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Yрүҥ өҥ үчүгэй даҕаны!.. (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Индигиир... (В. Потапова)



Былыттаах күн


Атара сэлиинэн
Айанныахтаах түгэннэрим
Аргыый аҕай үктүүллэр
Күнэ суох күн
Мөдөөт атылларынан.
Мин билэбин -
Дууһам дьулуһар
Ахсым айаҥҥа,
Мин түүйэбин -
Yйэм сарбыллар
Бу маннык халлааҥҥа.
Сыыдам сырыыны
Айхаллыыр,
Оо, мин дохсун сүрэҕим,
Уоскуйума,
Улуктуйума,
Бу нэс,
Бу нүһэр барыартан!
Көһүт,
Былыт түгэҕиттэн,
Бытааннык да буоллар,
Быгыахтаах
Чаҕылхай сырдыгы!
Көһүт,
Миигин эрэ буолбатах,
Бар дьоҥҥун даҕаны,
Долгута,
Соһута,
Мичилитиэх,
Күүттэриилээх
Күндү Күнү!
Көһүт,
Көһүт эрэ!