Иһинээҕитигэр көс

Индигиир... (В. Потапова)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн


Индигиир,
Таба муоһунуу лыҥкыныыр
Дохсун долгуҥҥун истэрим,
Халлаан оройун кыҥыыр
Очуостаргар түһээн тиийэрим.

Индигиир,
Миигин эн билиммэккин, -
Ыраах суолбун буруйдуугун,
Алгыс тылбар эрэммэккин, -
Аар тоҥунан одуулуугун...

Индигиир,
Билэбин, итэҕэйэбин, -
Бүтэйдии сэрэйэбин,
Сааскы хорсун тыал күүһүгэр
Долгуйа ойуулуох сүүрүккэр!..