Иһинээҕитигэр көс

Бэйэбэр (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дьоннор, дьону таптааҥ! (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Үчүгэйиэн бу Сиргэ (В. Потапова)



Бэйэбэр


Билбэппин төһөнү кыайарбын —
Бэйэм кыахпын сэрэйбэппин,
Арай туох баар дьолбун, дьылҕабын
Дьоҥҥо уунары кэрэйбэппин.

Тоҕо эрэ мин төрөөбүтүм
Тоҥ буорга турар балаҕаҥҥа,
Тоҕо эрэ ымсыыран кэлбитим
Тыйыс дьыбардаах халлааҥҥа...

Туох билиэй, баҕар, мин даҕаны,
Толук буолуом Дьол ситэригэр,
Ол иһин ханнык да буурҕаны
Сирдьит оҥостуом Сир үрдүгэр.

Холорук кэриэтэ ытыллан,
Мин дууһам Үтүөнү ирдиэҕэ,
Олох мэник оҕугар табыллан
Охтон эрэргэ тиийиэҕэ.

Айхаллан, оо, мин алгыс Дьылҕам,
Айыллыбытым иһин Аан дойдуга!
Айыыһыт буоллун тыйыс айылҕам
Этигэн сүрэх айманар тойугар!