Дьоллоох кэм, дьоллоох көлүөнэ… (Петрова Тамара Ивановна)
Олунньу 13 күнүгэр – саха тылын күнүгэр - ааспыт кэммитин эргиллэн көрөр, инникибитин торумнуур идэбитинэн Национальнай оскуола концепцията киириэҕиттэн ыла а) тэрээһин өттүгэр; б) үөрэтии ис хоһоонугар туох–ханнык уларыйыы тахсыбытын араас кэмҥэ бэчээттэммит матырыйаалтан кылгатан ылан көрөбүт.
Национальнай оскуола концепциятыттан
[уларыт]1990 сыл муус устар 12 күнүгэр саха омукка ичигэс салгын илгийбитэ – бу күн 36 саастаах университет преподавателэ, математик Егор Петрович Жирков Дьокуускай куорат дьогдьойор саалыгар, Пионер дыбарыаһа диэн ааттанар улахан уораҕайыгар дьон толору мустубут түһүлгэтигэр Саха Республикатыгар төрүт омуктары үөрэтэр оскуола уларыта тутуу усулуобуйатыгар хайа суолунан сайдара наадатын туһунан кэскиллээх санаатын кэпсээбитэ.
Ол Бырайыак сылтан ордук үөһэнэн-алларанан үгүс дьүүллэһиини ааһан, 1991 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр Саха ССР Миниистирдэрин Сэбиэтин 272 ¹ уурааҕынан «Национальнай оскуоланы саҥардан сайыннарыы Концепцията» диэн бигэргэтиллэн, сокуон күүһүн ылбыта. Онтон саҕалаан үөрэх-иитии эйгэтигэр урут хайа да «реформа» кыайбатах улахан уларыйыы тахсыбыта - айар тыына уһуктубут дьон-сэргэ хамсааһына чахчы да сүрдээх этэ. Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ!
Олох диэн куруук да охсуһуу, илин-кэлин түсүһүү буоллаҕа... Утум быстар куттала урут да баара, хойут да баар буолуоҕа. Онон 20 сыл ааспытын кэннэ, бу күннэргэ Национальнай оскуола концепцията туох сыаллаах-соруктаах этэй, ол сыалын-соругун төһө-хачча ситистэ, норуот дьылҕатыгар туох суолу-ииһи тобулла диэн, эргиллэн көрөргө, өй-санаа үллэстэргэ тоҕоостоох кэм буолла.
Концепция бастакы бириинсибэ
[уларыт]Национальнай оскуоланы саҥардан сайыннарыы Концепциятын бастакы бириинсибэ оҕо оскуолаҕа киириэн инниттэн орто үөрэҕи ылыар диэри төрөөбүт тылынан иитиллэр, үөрэнэр быраабын толору хааччыйыахха диэн этэ. Ол быраабы хааччыйарга туох хамсааһын тахсыбытай?
- оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ оҕону сахалыы иитии-үөрэтии программата оҥоһуллубута (ол иннинэ Россия үрдүнэн уопсай биир программа баара), тулалыыр эйгэни уонна фольклору билиһиннэрэр, оҕо сахалыы тылын уонна өйүн сайыннарар о.д.а. ис хоһоонноох көмө хомуурунньуктар бэчээттэммиттэрэ;
- саха оскуолатыгар саҥа үөрэх былаана оҥоһуллубута, онно саха тылын чааһа лаппа эбиллибитэ, 10-11 кылааска «саха тыла» предмет киирбитэ; ол үөрэх былаанынан үөрэтэр программа хас да барыйаана оҥоһуллубута, учебниктара саҥардыллыбыта, саҥа көмө кинигэлэр тахсыбыттара;
- 5-7 кылаас атын предметтэри үөрэтэр кинигэлэрэ бары сахалыы тылбаастаммыттара, олохтоох матырыйаалынан сахалыы элбэх көмө кинигэ, тиэримин тылдьыттара оҥоһуллубута.
Онон саха оҕото дьыссаакка уонна оскуолаҕа үгүс предмеккэ төрөөбүт тылынан үөрэнэр усулуобуйата, кырдьык, баар буолбута.
Концепция иккис бириинсибэ
[уларыт]Концепция иккис бириинсибэ - үүнэр көлүөнэни төрүт култуураҕа сыһыарыы, өбүгэ үгэстэригэр уһуйуу, омук кутун-сүрүн иҥэрии, үтүө өйүн-санаатын киһи аймах култууратын кытта дьүөрэлээн үөрэтии этэ. Оскуолаҕа урут, этэргэ дылы, түһээн да баттаппатах, букатын саҥа бу хайысханы саха дьоно өртөн күүтэн-кэтэһэн олорбут курдук өрө көтөҕүллэн көрсүбүттэрэ.
Концепция идьиэйэлэрин олоххо киллэрэргэ бэлэм өйдөөх-санаалаах, иилэ хабан ылан, оҥорон-тутан барар энтузиаст учууталлар, оскуола кэлэктииптэрэ тахсыбыттара. Илин эҥэргэ Таатта Чымынаайыта, Бүлүү бөлөҕөр Сунтаарга Элгээйи, өрүс уҥуор Мэҥэ-Хаҥаласка Дьабыыл орто оскуолалара ыраах-чугас ыалдьыттары көрсөр, үөрэ-көтө санаа атастаһар, уопут көрдөрөр Концепция тирэх оскуолалара буолбуттара.
Республика бары улуустарыттан учууталлар ким да ыйарын-кэрдэрин кэтээбэккэ, «Төрүт култуура» диэн предмеккэ программа оҥорорго ылсыбыттара, ис хоһоонун чопчулаан, саха олоҕун-дьаһаҕын, быһыытын-майгытын үөрэтэр сиэр-майгы уруоктара (уроки нравственности) диэн бэйэлэрэ ааттаабыттара. Оччотооҕу «Сахаада» хаһыат ол программалары нэдиэлэ ахсын республикаҕа тириэрдэ турбута!
Онон биир сыл иһигэр 1-4 кыл. «Урааҥхай саха оҕото», 5-11 кыл. «Саха сирин төрүт омуктарын култуурата», 7-11 кыл. уолаттарга «Үрүҥ Уолан», кыргыттарга «Кыыс Куо» саҥа программаларынан үлэ-хамнас саҕаламмыта (ол программалары «Ийэ тыл» түмсүү «Национальнай-региональнай киллэһик көмүскэлигэр» диэн 2010 с. 14-с анал таһаарыытыгар кылгатан бэчээттээбитэ). Итинник ис хоһоонноох үөрэх программалара долган уонна эбээн култууратыгар, киэһээҥҥи оскуолаҕа, көмөлтө оскуолаҕа эмиэ тахсыбыттара. «Уһуйаан» диэн тэриллэн, норуот маастардара бэйэлэрин сатабылларын оҕолорго үөрэх кэнниттэн иҥэрэр буолбуттара.
Программа оҥоруута итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Концепция буккуһа олорор норуоттар култуураларын үөрэтиини эмиэ көрбүтэ: сахаларга «Русская национальная культура» 8-9 кыл., нууччалыы үөрэтэр оскуолаҕа: «Русское народное творчество» 1-3 кыл., «Национальная культура коренных народов РС» 5-9 кыл., «Жизнь человека в русском фольклоре» 5-7 кыл., «Русская музыка», «Русская живопись 18-19 вв.» 8-9 кыл. диэн 1-дии чаастаах программалары оҥорбуттара, көмө кинигэ бэччээттэнэн испитэ. Литература уруоктарыгар олохтоох омуктар айымньыларын билсиһии көрүллүбүтэ.
1995 с. «Православие на Руси» диэн ааттаах итэҕэли култуура биир үрдүк сайдыылаах көстүүтүн быһыытынан сырдатар факультатив программата тахсыбыта (В.И.Илларионова). Салгыы «Культура Запада». «Культура Востока» диэн программалар былааҥҥа бааллара. Омук тылын үөрэтэргэ саха тылыгар быһаччы тирэнии, Саха сирин, култууратын билиһиннэрии саҕаламмыта. Учууталлар, методистар саха тылыттан быһа үөрэтэр программа, көмө кинигэ, икки тыллаах ааҕар кинигэ, тылбаастыыр матырыйаал толкуйдаан, мунньан, күүскэ ылсан үлэлээн барбыттара. Билигин ыччат сиэрин-майгытын көннөрөргө «таҥара үөрэҕэ көмөлөһүө» диэн оскуолаҕа итэҕэли киллэрэ сатыыллар, Президент Д.А.Медведев «ыччакка норуот култууратын иҥэриэххэ наада» диэн этэр. Оттон Национальнай оскуола концепцията ыччаты иитиигэ итини 20 сыл анараа өттүгэр саҕалаабыта эбээт!
Концепция үһүс бириинсибэ
[уларыт]Концепция үһүс бириинсибэ омук-регион уратыта билии-көрүү предметтэригэр киллэһик (национальнай-региональнай компонент) быһыытынан киирэр диэн этэ. Оттон духуобунай, эстетиическэй иитии, эти-хааны сайыннарыы, үлэҕэ иитии сүнньэ буолар, ону үөрэтии омук олорор усулуобуйатын, үлэтин-дьарыгын, үгэһин аахсан туран, чугастан, тулалыыр эйгэттэн саҕалаан улам ыраатан, кэҥээн иһиэхтээҕэ.
Үлэ уруогар уолу-кыыһы арааран, олоххо чугаһатан, булка-балыкка, иискэ-аска үөрэтии киирбитэ; эти-хааны сайыннарыы, муусука, изоискусство программаларыгар олохтоох матырыйаал, сахалыы тыын күүһүрбүтэ.
Ыччаты иитиигэ «Эркээйи» программа кылаас таһынан үлэҕэ төрүт култуураны, норуот үгэстэрин киэҥник киллэрбитэ. Оҕону дьиэҕэ иитиигэ 1995 с. тахсыбыт «Норуот педагогикатынан дьарыктанар хайысхалар» диэн К.С.Чиряев программата ыччаты киһи-хара оҥорор саха үйэлээх үгэһин (этнопедагогиканы) сөргүппүтэ. Намнааҕы ПУ преподавателэ В.П.Шапошников учууталы бэлэмниир «Педагогика» диэн сахалыы тыыннаах дьоһуннаах программаны оҥорбута. Онон «Национальнай оскуола концепцията» киирбит сыллара саха оҕото төрөөбүт тылынан үөрэммит-иитиллибит кэмэ диэн ааттыахха сөп. Өр-өтөр буолбакка ол кэҥээн, нэһилиэнньэҕэ тахсан, дьону-сэргэни хабан киэҥник тарҕанан-сайдан барбыта.
* * *
[уларыт]Концепция 5 сыллаах анал таһаарыытыгар баар испииһэккэ уопсайа 276 араас литература аата киирэн сылдьар. Маны барытын дьыссаакка, оскуолаҕа үлэлии сылдьар учууталлар, университет учуонайдара бэркэ билэллэр, үгүс киһи бэйэтэ баҕаран туран, олус көхтөөхтүк кыттыбыта. Ити курдук Концепция учуутал аймаҕы наукаҕа көҕүлээбитэ, Концепцияҕа үлэлэспит элбэх киһи наука кандидата, доктора истиэпэнин ылбыттара. Иккис өттүнэн, республика үрдүк үөрэҕэ орто оскуолаҕа ыкса чугаһаабыта, араас идэлээх исписсэлиистэр үөрэх программатын, көмө кинигэлэри оҥорон, саха ыччатын үөрэтиигэ-иитиигэ быһаччы кыттыылаах буолбуттара. Бу республика сайдыытыгар икки өттүттэн туһалаах, кэлин да кэҥээн иһиэхтээх улахан кэскиллээх хайысха этэ...
Ити кэмҥэ туох да үүрүүтэ-түрүйүүтэ суох үөрэ-көтө үлэлээн-хамнаан ааспыт, ааттаатахха хаһыат балаһатыгар баппат баһаам элбэх, сайаҕас санаалаах, үтүөҕэ дьулуурдаах дьоммут барахсаттарга үүнэр көлүөнэбит үйэ-саас тухары суураллыбат-сотуллубат сахалыы барҕа махтала, нууччалыы бокулуона буолуохтун!!! Эһиги харчы-хайҕал туһунан толкуйдаабакка, манньа-бэрик иһин буолбакка, кэнчээри ыччаппыт кэскилэ диэн сүрэххит-дууһаҕыт баҕатынан, өйгүт-санааҕыт сүмэтинэн айбыт-суруйбут программаҕытыгар, кинигэҕитигэр ааккыт-суолгут кэмниэ-кэнэҕэс даҕаны сотуллубат курдук суруллан хааллаҕа!!!
Биһиэхэ туох нааданый диэн буолбакка, ким этэрий диэнинэн салайтаран олорор буоллахха, олох күн тура-тура да уларыйар эбит. Ити бэйэлээх үтүмэн үлэ-хамнас аҕыйах сылынан тыаһа-ууһа суох уостан-сүтэн барбытын, билигин хас бырыһыана ордон сылдьарын дьон-сэргэ сүрэҕэ билэрэ буолуо.
* * *
[уларыт]Е.П. Жирков Концепция идьиэйэтин кумааҕыга эрэ суруйбут киһи буолбатах – ол идьиэйэ олоххо хайдах киирэр «механизмын» бары өттүнэн толкуйдаан, сүдү эппиэтинэһин бэйэтигэр ылынан, Үөрэх миниистирэ буолан олорон, илиитинэн-атаҕынан оҥорон-тутан, бигэ акылааты түһэрбитэ. Ол үгүс өттө билигин үлэлии турар.
Үөрэтии-иитии ис хоһоонун научнай өттүгэр: Россия институтун урукку филиала «Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр саха сиринээҕи институт» буолбута; Үөрэх министерствотыгар педагогикаҕа саҥаны киллэриини экспертиир сэбиэт; норуот педагогикатын Ассоциацията тэриллибитэ; хотугу омуктар тылларыгар Иенграҕа эбэҥки тылын уонна куултууратын филиала аһыллыбыта; ыччат кыаҕын толору туһанарыгар гимназия, лицей, колледж курдук ураты былааннаах үөрэх тэрилтэлэрэ баар буолбуттара.
Үөрэтии методикатын тупсарарга: программа уонна кинигэ оҥорор учууталларга хайысхаларынан семинар ыытыллара; үөрэх үлэһиттэрин идэтин үрдэтэр Институт кэҥээбитэ; куурус, семинар ис хоһооно байбыта, бастыҥ уопуту тарҕатыы күүһүрбүтэ; «Народное образование Якутии» сурунаал, «Учуутал аргыһа» уонна «Учительский вестник» диэн олбуһа-солбуһа тахсар икки хаһыат олохтоммута.
Үөрэтэр каадыры бэлэмнииргэ: Намнааҕы уонна Бүлүүтээҕи педучилище саҥа программа оҥостон, Дьокуускайга култуура коллеһа аһыллан, Саха государственнай университетыгар саха тылын уонна култууратын факультета тэриллэн, төрүт култуураҕа элбэх исписсэлиис тахсыбыта. Саҥа психология факультета баар буолбута.
Оҕо тэрилтэлэрин үбүлээһиҥҥэ: республикаҕа соҕуруу-хоту улуус усулуобуйатын аахсар, учуутал үлэтин төлөбүрүгэр федеральнай нуорматтан атыннаах саҥа систиэмэ киирбитэ; Концепцияны үбүнэн-харчынан өйүүр «Сахабилиибаан» төрүттэнэн, үөрэх кинигэтин ааптардарыгар, эдэр учууталлар дьиэ-уот булуналларыгар, тыа оскуолатын бүтэрэр оҕолорго «умайыар» диэри көмөлөһөн испитэ. Концепция сокуон-быраап өттүнэн көмүскэлигэр: «Үөрэхтээһини сайыннарыы туһунан» Саха Республикатын Президенин Ыйааҕа тахсыбыта (1992.04.04); Саха Республикатын бырабыыталыстыбата «Үөрэхтээһин государственнай национальнай-региональнай тиһигин сайыннарыы тус сыаллаах Программата» оноһуллубута (1992.05.19); «Учуутал туһунан» Сокуон ылыллыбыта (1993).
Республика үрдүнэн барбыт үлэ-хамнас хаһыат сирэйигэр баппата биллэр. Түмэн эттэххэ, Концепция норуот айар күүһүн уһугуннаран, бары өттүттэн кэлимсэ көрүүлээх буолан, салалта уонна норуот биир хайысхалаах сыалга-сорукка түмүллэн, дьулуурдаах үлэнэн, киэҥ далааһыннаахтык, олус тэтимнээхтик олоххо киирэн барбыта. Ол туһунан дьон бэйэтэ даҕаны суруйар, сыанабылын этэр.
Концепция киирбит дьоллоох кэмигэр төһөлөөх киһи талаана таҕыста, төһөлөөх ыччат төрөөбүт тылынан саҥаран, төрүт култуура илгэтин иҥэриннэ! Норуоппутугар араас талаан-дьоҕур да бөҕө мунньуллан сылдьаахтыыр эбит!
«Концепция оҕолоро» диэн ааттанар дьоллоох көлүөнэ, омук тылын билэр, атын сиргэ-дойдуга барар-кэлэр саха аныгы ыччата, иннин-кэннин быһаарынан, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ үктээн иһиэ диэн эрэлбит улахан!
Сахалыы үөрэтии ааспыт кэрдиистэрэ «Кыым», 18.10.2012.
[уларыт]2012 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ өссө биир өрөгөйдөөх кэми – сахалыы үөрэх саҕаламмыта 90 сылын бэлиэтиир. Ону көрсө тахсыбыт «Учебно-методическая литература Республики Саха (Якутия). 1922-2007» диэн буклекка хаһан ханнык программа, үөрэнэр литература туох араас көрүҥэ бэчээттэммитэ предметтэринэн сааһыланан киирбит. Киирии тылыгар Ф.В. Габышева 1922-1960, 1961-1990, 1991-2007 сс. арааран суруйбут. Онон сахалыы үөрэтии диэни үөрэх тыла эрэ буолбакка, саха оҕотун хайдах тэрийэн-салайан үөрэтэн кэллибит диэн киэҥник өйдүүргэ үйэлээх-хайалаах үлэ буолбут.
* * *
[уларыт]Буклеттан көрдөххө, бастаан 1925-31 сс. үөрэх программата суох кэмигэр саха тылын үөрэтэр кинигэни биирдиилээн учуутал оҥорор эбит, оттон нуучча тылын нуучча оскуолатын кинигэтинэн үөрэтэн испиттэр. Кыра кылааска нуучча тылын кинигэтин оҥорор суолу 1951 сылтан П.Н.Самсонов, Н.И.Иванов курдук бастакы көлүөнэ мэтэдьиистэр солообуттар. Орто сүһүөх оскуолаҕа тылы үөрэтэр кинигэлэр бастаан «Грамматика» диэн ааттаах этилэр. 4-7 кыл. «Саха тылын грамматикатын» учуонайдар Л.Н.Харитонов, Г.У.Эргис, П.П.Барашков суруйбуттар. Манна тыл тутула көстөрө, уруокка сүрүн үлэ грамматиканы ырытыы буолара. Оскуола 7 кыл. буолбутун кэннэ, 1945 сылтан суруйааччылар «Төрөөбүт литературабыт» диэн учебник-хрестоматия оҥорор буолбуттар.
* * *
[уларыт]1961 с. Саха сиригэр омук оскуолатын НЧИ Москватааҕы институт филиала (ЯФ ИНШ) тэриллибитэ. Бу саҥа тэрилтэ оҕо төрөөбүт тылын уратытын аахсар программалары, билим ирдэбилинэн үлэлиир үөрэх кинигэлэрин бэлэмниир улахан соруктааҕа. Онон филиал кэлэктиибэ саха оҕото ыараҕыргыыр тиэмэлэрин чорботон үөрэтэр хайысханы тутуспута.
Урут нуучча да, саха да оҕото оскуолаҕа киириэн иннинэ Москва программатынан дьарыктанар буоллаҕына, программаны, көмө литератураны аны сахалар П.Н. уонна Т.П.Самсоновтар, И.И.Каратаев, Р.Е.Скрябина, Л.П.Лепчикова, Ф.Н.Кириллина, М.П.Захарова, дьыссаат иитээччилэрэ бэйэлэрэ эмиэ оҥорон барбыттар.
1-3 кыл. В.Н.Афанасьев омук тылын мэтиэдьикэтигэр тирэҕирэн, нуучча тылыгар бастакы саҥа программаны оҥорбута, онно «Разговорные фразы для повседневного общения в 2-3 классах» диэн сонун матырыйаалы киллэрбитэ. Бу хайысханы саха оскуолатын иккис көлүөнэ мэтэдьиистэрэ, билим хандьытааттара В.М.Анисимов, П.П.Борисов, К.Ф.Федоров, Т.П.Самсонова, Т.И.Петрова салҕаабыттара. Орто сүһүөххэ үөрэнэр кинигэлэри тупсарыыга методистар В.Н.Данилов, уоппуттаах учууталлар кыттыбыттара.
М.Е.Охлопкова сахалыы ааҕарга-суруйарга Давыдов-Эльконин дорҕоону-буукубаны ырытар систиэмэтин туһаммыта. И.И.Каратаев таба суруйары дорҕоону сөпкө саҥарыыттан саҕалаабыта. К.Ф.Федоров «Виды глагола», «Глагольное управление» диэн саха тылыттан уратылаах саҥа тиэмэлэри киллэрбитэ. Н.Н.Неустроев «Синтаксиска» истиил уратыларыгар болҕомтону тарпыта, Н.Е.Петров «Сыһыан тылы» сиһилии ырыппыта.
Уруокка оҕо тылы тутта үөрэниэхтээх диэн ирдэбилинэн, кинигэ аата «Саха тыла», «Русский язык» диэн уларыйбыта, тылы байытар үлэ, этии толкуйдуур сорудах элбээбитэ. «Ситимнээх саҥаны сайыннарыы» диэн анал уруокка хартыынанан үлэ, аахпыттан уонна өйтөн суруйуу балачча эбиллибитэ. Салгыы ЗУН-ы арааран, 1977 с. программаҕа тиэмэ икки пууннаммыта: I - үөрэнээччи тугу билэрэ; II - тугу сатыыра, туох үөрүйэҕи ылара торумнаммыта. Ол үөрэнээччи билбит быраабылатын туһанар сатабыла иҥэн, устунан үөрүйэх буолар диэн өйдөнөрө.
1979 с. пединститут учуонайдара баһылаан-көһүлээн «Саха литературатын» үрдүкү кылааска утумнаахтык үөрэтэр кинигэни аан бастаан таһаарбыттара.
Онон Саха сиригэр бу кэмҥэ мэтиэдьикэ оччотооҕу таһымынан атаҕар турбута:
- саха, нуучча тылыгар литератураҕа билим хайысхалаах үөрэх программалара оҥоһуллан, үөрэтии ис хоһооно ордук ситэри уонна утумнаах буолбута;
- нуучча тылыгар В.Н.Афанасьев, К.Ф.Федоров үлэлэрин салҕаан, ааптардар саха оҕото ыараҕыргатар тиэмэтин киллэрэр, туспа эрчиллии биэрэр буолбуттара;
- саха-нуучча тылын үөрэтии ис хоһооно биир буолан, тиэмэни сэргэстэһэ үөрэтэр билиини ыларга, сатабылы да иҥэрэргэ барыстаах этэ;
- тылы үөрэтэр мэтиэдьикэ саҥа ирдэбиллэрин тутуһар кыах баар буолбута;
- Москватааҕа НЧИ былааҥҥа киирбит үлэни ырытан, чинчийэр үлэни салайан, омук тыллаах каадыр үүнэригэр көмө оҥороро.
* * *
[уларыт]1991 с. оҕону дьиэ кэргэнтэн, дьыссааттан орто оскуоланы бүтэриэр диэри толору төрөөбүт тылынан иитиэххэ, үөрэтиэххэ диэн тускуллаах НАЦИОНАЛЬНАЙ ОСКУОЛА КОНЦЕПЦИЯТА киирбитэ. РФ НЧИ филиала Саха Республикатын төрүт омуктарын оскуолатын чинчийэр институт (ТООЧИ) диэн аатын ылбыта.
Олохтоох усулуобуйаны аахсарга, предметтэри үс таһымҥа (компетенцияҕа): а) федерация, б) өрөспүүбүлүкэ, в) оскуола эппиэтигэр - үллэрбиттэрэ. СР үөрэх программатын эрэ буолбакка, араас тииптээх оскуола үөрэнэр былаанын: хайа кылааска туох предметтэри хас чаас үөрэтэрин БЭЙЭТЭ БЫҺААРАР бырааптаммыта. Сыал-сорук, чаас ахсаана уларыйан, программаны, үөрэх кинигэтин саҥардыы саҕаламмыта.
Республика судаарыстыбаннай тыла 9-с эрэ кылааһынан муҥурданара итэҕэс диэн, оччотооҕу миниистир Е.П.Жирков 10-11 кыл. биирдии чаастаах «Саха тыла» предмети киллэрбитэ. Саҥа программаҕа, көмө кинигэҕэ «Саха литературнай тыла», «Хаһыат тыла», «Олоҥхо тыла», «Тыл этии» диэн билигин наада буолбут салаалар саҥа киирбиттэрэ.
Оскуолаҕа талан үөрэтэр матырыйаал наада диэн өйдөбүлүнэн 1993 с. мэтэдьиистэр да, учууталлар да бэйэлэрэ бөлөх тэринэн, «Саха тылын» 5-11 кылааска үөрэтэргэ үс араас программаны оҥорбуттара. 5-11 кыл. литэрэтиирэҕэ 1996 с. эмиэ икки барыйааннаах саҥа программа тахсыбыта. «Норуот айымньыта уонна литература» диэн бастакы барыйааҥа ааптардар Н.И.Филиппова, В.Р.Шишигина, М.Е.Максимова матырыйаалы үс сүһүөххэ арааран таҥмыттара. Н.И.Бугаев уонна Е.П.Карташев «Уус-уран литература» диэн 5-11 кыл. лаппа киэҥ ис хоһоонноох (интегрированнай), үрдүк таһымнаах иккис барыйааны суруйбуттара.
Нуучча тылыгар эмиэ 9-11 кыл. «Синтаксис текста и развитие речи», 10-11 кыл. «Стилистика русского языка и культура речи», «Функциональные стили» диэн тиэмэ көрүллүбүтэ. Нуучча литературатыгар РФ программатын сэргэ, В.И.Илларионова «В мире сказок», «Мир детства», «Карта путешествий и приключений» даэн 5-7 кыл. ааҕар кинигэлэрэ Новосибирскайга 30.000 тираһынан бэчээттэнэн кэлбиттэрэ.
Саха сирин олоҕун, култууратын омук тылынан кэпсииргэ үөрэнээччилэри бэлэмниир саҥа хайысха киирбитэ. 5-11 кыл. уонна детсаадка үс тылга уопсайа 8 программа, «Книга для чтения», «Дидактический материал», «Пособие по страноведению», «Картинный словарь на 4 языках» о.д.а. сонун матырыйаал тахсыбыта. Онно методистар В.Д.Семенова, К.И.Федорова, Н.В.Ситникова, учууталлар М.Н.Лукина, М.И.Шамаева, А.Н.Борисова, В.В.Софронеева, В.Н.Сысолятина, Р.П.Захарова, Д.Ф.Лукина, Л.М.Сабарайкина, А.Н.Божедонова, С.Г.Багынанова, А.А.Скрябина, А.Н.Борисова, С.В.Габышева о.д.а. олус тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. СГУ преподавателлэрэ, интеллигенция саха тылын үчүгэйдик билэр көлүөнэтэ лаборатория тэринэн, математика, айылҕа үөрэҕин предметтэрин сахалыы үөрэтэр, омук-регион уратытын киллэһик оҥорон киллэрэр (национально-региональный компонент) сыал-сорук ылынан үлэҕэ күүскэ туруммуттара. Кылгас кэмҥэ 11 программа, саҥа 43 кинигэ, о.и. хас да саҥа тылдьыт тахсыбыта. 1963 сылтан тылбаастамматах оскуола учебнигын сахалыы саҥардарга М.С.Слепцова, П.П.Петров, А.И.Петрова, А.В.Иванова, И.Г.Егоров (математика), Г.Г.Самсонов, И.И.Суздалов, К.С.Герасимов, Р.Е.Тимофеева, Т.И.Степанова, П.А.Яковлев (физика), В.Н.Винокуров, В.С.Иванов, П.А.Тимофеев, Г.С.Угаров, Н.А.Герасимов (биология), Г.Н.Максимов, К.К.Пермяков (география), И.Г.Николаев, К.Е.Егорова, Н.В.Егоров, А.О.Корякина, В.В.Николаева (химия) о.д.а. үлэлээбиттэрэ. Саха сиригэр үрдүк үөрэх орто оскуолаҕа аан бастаан ыкса чугаһаабыта, салгыы элбэх киһи кандидат, доктор учуонай истиэпэнин ылбыта.
Киһини киһи гынар, омугу омук оҥорор сүрүн эйгэ култуура буолар. Концепция оскуолаҕа култуураны утумнаахтык киллэрэр саҥа дьоһуннаах соругу туруорбута. 1-4 кыл. «Урааҥхай саха оҕото», 5-11 кыл. «Саха сирин төрүт омуктарын култуурата» (хотугу омуктары хабан туран), 7-11 кыл. «Үрүҥ Уолан» (уолаттары олоххо бэлэмнээһин), «Кыыс Куо» (кыргыттарга сиэр-майгы уруоктара), 1-3, 5-9 кыл. «Нуучча омук култуурата» диэн урут ханна да суох предметтэр баар буолбуттара.
Олох саҥа программалары методистар В.Р.Ларионов, Н.Е.Егорова, Н.С.Костина, В.Н.Яскеляйнен, В.Р.Шишигина, Е.К.Тарабукина, П.П.Кондратьев, о.д.а. оҥорон, омук төрүт үгэстэригэр олоҕуран оҕо этин-хаанын сайыннарыы (физкультура), үлэҕэ, булка-алка, иискэ¬-ууска уһуйуу (трудовое обучение) түргэнник киирэн барбыта.
Саҥа киирэр бу предметтэргэ үөрэтии ис хоһоонун оскуолаҕа үлэлии-хамныы сылдьар практик-учууталлар М.П.Прокопьева, Л.К.Избекова, М.Д.Неустроева, С.Р.Иванова, И.Г.Баишев, А.А.Нестеров, В.Н.Иванова, Н.К.Шамаев о.д.а. бастакы «мууһу тоһуппуттара». Ол киирбит элбэх матырыйаалы салгыы методистар, научнай үлэһиттэр Р.И.Бравина, П.В.Сивцева, А.Е.Захарова, Ж.К.Лебедева о.д.а. сааһылаан, редакциялаан, 1992 с. төрүт (базовай) программа буолан бэчээттэнэн тахсыбыттара.
Хотугу омуктар култууралара эмиэ умнууга хаалбатаҕа.
[уларыт]Нууччалыы тылынан В.Р.Шишигина, В.И.Хатылаева 2 чаастаах «Национальная культура коренных народов РС (Я)», А.Е.Захарова «Якутский фольклор», П.В.Максимова эмиэ 2 чаастаах «Якутская литература» диэн, А.В.Кривошапкин, Р.С.Никитина сахалыы 5-6, 7-8, 9-10 кыл. оҥорбут бэртээхэй кинигэлэрэ 10.000 экз. тахсыбыта. Иенграҕа эбэҥки тылыгар ТООЧИ филиала аһыллыбыта.
Өссө биир сүрүн хайысхаҕа - оҕону-ыччаты дьиэҕэ иитэргэ, төрүт култуураҕа сыһыарарга К.С.Чиряев, А.П.Оконешникова, пед.колледж устудьуоннарыгар В.П.Шапошников «Педагогика» диэн тирэх программалары оҥорбуттара. Онно эмиэ сир-сир аайыттан эбии-сабыы араас вариант киирэрэ. Ити курдук ыччаты үөрэтэргэ-такайарга норуот педагогикатын сөргүтэн, төрөппүтү кытта бииргэ үлэлиир алгыстаах аартык арыллыбыта.
Хаһыат сирэйигэр сахалыы үөрэтиигэ 90 сылга тахсыбыт элбэх уларыйыыттан саха уонна нуучча тылын эрэ, ону да ордук бэлиэ өттүн ахтан аастыбыт. Маны тэҥэ атын предметтэри сахалыы үөрэтэргэ, оҕону сахалыы иитэргэ тахсыбыт далааһыннаах хамсааһыны, федеральнай суолталаммыт институт кэлиҥҥи хайысхаларын онно үлэлиир дьон суруйуохтарын сөп.
* * *
[уларыт]Оскуолаҕа үөрэтии – судаарыстыба бэлиитикэтин уонна билим таһымын сиэркилэтэ, норуот олоҕо, ыччат кэскилэ. Ааспыт 90 сылга сахалыы үөрэтэр оскуола ыллар хардыыны оҥорбут, биирдиилээн кинигэттэн саҕалаан, биир халыыптан тахсан, бэйэтэ былаан, программа оҥостон үлэлиир үрдүк кэрдиискэ ыттыбыта!
Ол эрээри олох булгуруйбат сокуонунан, үчүгэй-куһаҕан быстала суох кэлэ турар. Билигин түргэн тэтиминэн эмиэ халыыпка (ыстандаарка) киирэн эрэбит, онтон атын предметтэри үөрэтии «төлөбүрдээх өҥөҕө» көһөр. Үөрэх-билии бу сайдыбыт үйэтигэр бэйэбит уратыбытын көрөр кинигэ оннугар киинтэн кэлэр кинигэни сахалыы тылбаастыыр көҥүлү биэрбиттэригэр барҕа махталлаахпыт.
Онон 1991 с. ылыллыбыт Национальнай оскуола концепцията тугу көрдөрбүтэй?
[уларыт]- Саха Республикатыгар үөрэх министерствота үлэтин-хамнаһын кэлимсэ көрөр, салалтаны кытта биир санаанан тэрийэр буоллаҕына, саха оҕотун детсаадтан орто оскуоланы бүтэриэр диэри төрөөбүт тылынан иитэр-үөрэтэр кыаллар эбит;
- омук туох кыһалҕалааҕын бэйэтэ быһаарынан, үөрэтии-иитии ис хоһооно норуот интэриэһиттэн тахсар буоллаҕына, ким да туора турбат, үөрэнээччи, төрөппүт, учуутал, оскуола, интеллигенция биир хайысханан үлэлиирэ ситиһиллэр эбит;
- төрөөбүт тылынан үөрэммит, омук үтүө үгэстэрин ылыммыт ыччат аныгы олохтон хаалсыбат, санаата-эрэлэ, сырдыкка-үрдүккэ дьулуура өссө күүһүрэр, хайа да эйгэҕэ атын омуктары кытта тэҥҥэ сылдьар киһи буолар эбит.
Биллиилээх этнопедагог Г.Н.Волков бу докумуону «Самая конструктивная концепция национального спасения» диэн сыаналаабыта. Национальнай оскуола концецията омук оҕотун олоххо бэлэмниир, кэскилин түстүүр саамай сөптөөх суол буолара көстүбүтэ. Саха сирин оскуолата Концепция кэмигэр ылбыт үрдүк тэтиминэн 20-тэн тахса сыл ыччаппыт үөрэх-сайдыы бары хайысхатыгар дойду иһинэн-таһынан элбэх ситиһиилээҕин бары истэ-билэ сылдьабыт.
Т.И. Петрова, 1992-96 сс. Үөрэх министиэристэбит учебник-мэтиэдикэ салаатын исписсэлииһэ.
Т.И. Петрова, Дьоллоох кэм, дьоллоох көлүөнэ… // Ийэ тыл, төрүт култуура кэскилэ кэҥээтин! Ийэ тыл көҥүл түмсүү, Нац. Оскуоланы өйүүр Фонда, (хомуйан оҥордо: Т.И. Петрова). – Дь.:Бичик, 2013. 72 с. – (Ийэ тыл көҥүл түмсүү; 17№) ISBN 978-5-7696-4002-5