Иһинээҕитигэр көс

Категория:Педагогика

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үүнэр көлүөнэ үөрэҕириитин тэрийсибитэ
Сыл күн аастаҕын аайы ааспыт олохпут бэрт кыра да түгэннэрэ ордук суолталанан өйгөр санааҕар биир көлүөнэҕэулааппыт эдэр сааһын доҕотторо, бииргэ үлэлээбит уонна алтыспыт дьонноро истиҥ иэйии буолан өйгөр – дууһаҕар аргыс буолан сылдьар буолар эбит. Учуутал сылынан сибээстээн оройуоҥҥа үүнэр көлүөнэ үөрэҕириитигэр үлэлээн ааспыт дьоннортон, билигин олохтон туораабыт, Кардашевскай Алексей Гаврильевич туһунан кылгастык билсиһиннэриэхпин баҕарабын, Ньурбаҕа кини бириэмэтигэр үлэлээн ааспыттар бэрт аҕыйах буолуохтаахтар.
Оччолорго, ааспыт үйэ иккис аҥаарыгар салайар кадрдары партия обкома, райкома аттаран туруорара, онон Ньурба оройуонун тутаах тэрилтэлэрин салайааччылара үксэ кэлии дьон этилэр. Ол курдук 1967-1972 сылларга үөрэх оройуоннааҕы салаатын сэбиэдиссэйинэн Үөһээ – Бүлүүттэн төрүттээх Кардашевскай Алексей Гаврильевич ананан кэлэн олус үчүгэйдик үлэлээбитэ, онтон үлэтин биһирээн Якутскайга үөрэх министерствотыгар ыҥырыллан тиийэн өр үлэлээбитэ, олоҕун тиһэх күннэригэр дылы Ньурбалардыын сибээһин быспатаҕа. Алексей Гаврильевич толуу улахан көрүҥнээҕэ, аҕыйахтык уонна ылыннарыылаахтык дьону кытары кэпсэтэрэ. Үөрэҕирии боппуруостарын олус үчүгэйдик билэр буолан оройуон учууталларын ортотугар авторитеттаах салайааччы этэ.
Район араас таһымнаах мунньахтарыгар сылдьан эҥин бэйэлээх ньон араас боппуруоска тыл этэллэрин үгүстүк истибитим. Олортон санаата чопчуламмытынан, чуолкай темаҕа сөптөөх боппуруостарга бэйэтин санаатын кылгастык этэринэн А.Г. Кардашевскай этиилэрэ уратылаах буолан дьону астынннарарын өйдүүбүн. Кини баар усулуобуйаттан тирэҕирэн үөрэҕирии боппуруостарыгар туруорсуулара уонна киллэрэр этиилэрэ олоххо киирэригэр саарбаҕалааһын суох буолааччы.
Районо сэбиэдиссэйин быһыытынан Алексей Гаврильевич туох ханнык иннинэ оскуолалар материальнай базаларын бөҕөргөтүүгэ, кадрдары сөпкө сүүмэрдээһиҥҥэ ылсан таһаарылыылаахтык үлэлээбитэ, райоҥҥа саҥа оскуолалары тутуу боппуруоһа күүскэ туруоруллубута. Учууталлар билиилэринүрдэтэр үгүс семинардар, курстар ыытыллаллара, хас биирдии педколлектив үлэтэ кэтээн көрүллэрэ, бириэмэтигэр наада буоллаҕына суһал көмө оҥоһуллар буолара. Бастыҥ үлэлээх учууталларгаболҕомто ууруллан, кинилэр үлэлэрин үөрэтэн баран атыттарга бастыҥ опыт быһыытынан сырдатыы үлэ барара, ити барыта дьон тэптэн – өрө көрөҕүллэн үлэлииригэр, кыах биэрэрэ, олук уурара.
Биһиги оччолорго чугас – чугас ыаллыы олорорбут, Кардашевскай кэргэнэ Капиталина Акимовналыын дьүөгэлии этибит, онон кинилэри чугастык билсэрим. Дьиэҕэ – уокка Алексей Гаврильевич улахан судургу уонна кыһамньылаах ыал аҕата этэ. Ньурба оччолорго саҥа микрорайонугар бары эдэр ыаллар уопсай дьиэҕэ олорбуппут, хардарыта сылдьыһарбыт, бырааһынньыктары бииргэ ыларбыт, үөрүүбүтүн – хомойуубутун тэҥҥэ үллэстэр үгэстээх этибит. Мин кэргэним эдэр саааһыгар олохтон туораабыта, ол сылларга кинилэрморальнай көмөлөрүн күн бүгүҥҥэ истиҥ махталынан ахтан – санаан ааһабын.
Үчүгэй киһи үлэлээн ааспыт бэлиэтинэн кини туһунан дьон өйдүү сылдьара буолар. Алексей Гаврильевич олоҕун утумнуур икки уоллаах, сиэннэрдээх уонна кэргэнэ Капиталина Акимовна дьиэ – уот тэринэн Дьокуускайга быр – бааччы олорор.

Тихонова А.П.. Ньурба улууһун бочуоттаах
олохтооҕо, Саха республикатын үтүөлээх учуутала.
12.11.2010 с., Дьокуускай