Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын I өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин түмүк докумуона
2017 сыл муус устар 4-5 күнүгэр Дьокуускай куоракка саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ буолан ааста. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бары улууһуттан, Дьокуускай куораттан 550 дэлэгээт уонна 49 ыалдьыт кытынна.
Сийиэс саха бастакы алпаабытын уонна букубаарын 100 сылын; саха тылын оскуолаҕа үөрэтии 95 сылын; саха маҥнайгы суруйааччыта Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140; саха суругун-бичигин төрүттээччи С.А. Новгородов күн сирин көрбүтэ 125; сахаттан бастакы педагогическай наука дуоктара Виктор Федорович Афанасьев – Алданскай, уһулуччулаах суруйааччы Семен Петрович Данилов уонна ССРС норуодунай учуутала, саха оскуолатын сайыннарбыт Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүттэрэ 100 сылларын; саха тыла судаарыстыбаннай ыстаатыстаммыта 25 сылын көрсө ыытылынна. Сийиэһи Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Тыл бэлиитикэтин сэбиэтэ, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, Национальнай оскуолалары чинчийэр научнай институт уонна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тэрийдилэр.
Сийиэс ыытыллыбыт сүрүн сыала – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын сайыннарыы, үөрэх тиһигин бары таһымыгар федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаардара киирэр кэмнэригэр төрөөбүт тылы, литератураны уонна култуураны үөрэтии ис хоһоонун, ньыматын, хааччыллыытын, идэлээх дьону бэлэмнээһини тупсарыы туһунан ыллыктаах, саргылаах кэпсэтиини тэрийии, сүбэлэһии, кэскиллээх суолу тобулуу, онно тирэҕирэн, саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бырайыактааһын.
Сийиэс бастакы күнүгэр пленарнай мунньах уонна сэттэ хайысханан төгүрүк остуол тэрилиннэ:
саха тылын билиҥҥи туруга уонна кэскилэ;
төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии;
саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии методиката;
сахалыы үөрэтии хаачыстыбата: сыаналааһын, судаарыстыбаннай хонтуруол уонна уопсастыбаннай экспертиза;
саҥа кэм ирдэбилигэр эппиэттиир сахалыы учуобунньуктар;
орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии;
иитээччини, учууталы бэлэмниир, идэтин таһымын үрдэтэр уонна сыаналыыр тиһик: олохсуйбут үгэс уонна сайдар саҕахтар.
Сийиэс иккис күнүгэр саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэтин бырайыактыыр үлэ сэттэ хайысханан ыытылынна:
оскуола иннинээҕи саастаах оҕону төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии;
үөрэх биридимиэттэрин сахалыы үөрэтии;
төрөөбүт тылы оскуолаҕа үөрэтии;
төрөөбүт литератураны оскуолаҕа үөрэтии;
саха судаарыстыбаннай тылын үөрэтии;
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култууратын үөрэтии;
саха тылын орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэтии.
Икки күннээх үлэ түмүгүнэн, сийиэс дэлэгээттэрэ саха тылын, литературатын уонна култууратын кэнчээри ыччакка тиэрдэр, сайыннарар туһугар маннык этиилэри туһааннаах тэрилтэлэргэ тириэрдэллэр.
“ИЛ ТҮМЭН” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай мунньаҕар:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонун 22 ыстатыйатыгар судаарыстыбаннай тылларынан үөрэнэри мэктиэлиир эбии этиини киллэрэргэ;
“Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан” сокуону ырытан-дьүүллэһэн, саҥаттан эрэдээксийэлээн бигэргэтэргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарар тус сыаллаах, туспа үбүлэнэр бырагырааманы сөргүтэргэ;
сахалыы иитии-үөрэтии научнай-методическай төрүтүн сайыннарар, учуобунньугу, босуобуйаны оҥоруу хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах Национальнай оскуолалары чинчийэр институту федеральнай таһымтан өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр төттөрү аҕаларга;
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыл бэлиитикэтин сүрүннүүр, тыллар туруктарын кэтээн көрөр, тыл сокуонун тутуһууну хонтуруоллуур, тылы сайыннарар саҥа хайысхалары тобулар туспа устуруктуураны (отделы) арыйарга;
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ саха тылын, литературатын, култууратын үөрэтэр, чинчийэр үлэһиттэри, сахалыы-нууччалыы, нууччалыы-сахалыы тылбаастыыр идэлээх дьону бэлэмнииллэригэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр эбии миэстэлэри көрөргө.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Тыл бэлиитикэтин сэбиэтигэр:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Тыл бэлиитикэтин сэбиэтин сайыннаран, сокуоннар олоххо киирэллэрин хонтуруоллуур, ырытар, тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтэр боломуочуйалыырга;
сахалыы таба суруйуу уонна саҥарыы нуорматын олоххо киллэрэр, тиэрминнэри сахатытар үлэни сүрүннүүргэ уонна тэтимин түргэтэтэргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтигэр:
оҕолорго аналлаах мультипликационнай киинэлэри устууга, тылбаастааһыҥҥа, уус-уран уонна научнай-популярнай сахалыы айымньылары суруйууга анал үлэни тэрийэргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин гражданскай уопсастыбаны сайыннарар министиэристибэтигэр:
төрөппүттэргэ сахалыы иитии-үөрэтии, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар төрөөбүт тылы, литератураны уонна култуураны билии суолтатын тириэрдэр бырайыактарга сыллата граннары олохтуурга.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин сибээскэ уонна информационнай технологияҕа министиэристибэтигэр:
"Саха" НКИХ тэлэбиидэнньэнэн биэриитигэр оҕоҕо аналлаах туспа сахалыы ханаалы судаарыстыбаннай сакаас эбэтэр сорудах быһыытынан үлэлэтэр боппуруоһу көрөргө;
төрөппүттэргэ оҕону сахалыы иитии-үөрэтии суолтатын өйдөтөр, быһаарар ис хоһоонноох кэпсэтиилэри тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, хаһыат, сурунаал, интэриниэт ситимин нөҥүө тэрийэргэ;
араадьыйа, тэлэбиидэнньэ, хаһыат, сурунаал, интэриниэт таһаарыылар, кинигэ кыһаларын үлэһиттэрэ сахалыы таба суруйуу уонна саҥарыы нуормаларын тутуһалларын ситиһэргэ.
"Саха" Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньаҕа:
араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ нөҥүө олоҥхо арааһын кэрчиктэргэ арааран, күннэтэ норуокка иһитиннэрэр боппуруоһу көрөргө;
араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ пуондатыгар харалла сытар саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар аналлаах биэриилэри уонна киинэлэри үөрэх тэрилтэлэрэ босхо туһанар усулуобуйаларын тэрийэргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтигэр уонна үөрэх тэрилтэлэригэр:
саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин 5 сылга биирдэ тэрийэн ыытарга;
саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин түмүк докумуонун олоххо киллэрэр дьаһаллардаах былааны оҥорон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталастыбатыгар бигэргэтэргэ;
саха тылын туругун харыстыыр, туттуллар эйгэтин кэҥэтэр туһугар саха тылын куорпуһун сайыннарар үлэни сүрүннүүргэ;
саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтии кэнсиэпсийэлэрин оҥорон, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар бигэргэргэ;
оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго сахалыы сайыннарар эйгэни тэрийэргэ тирэх буолар, сүрүннүүр докумуону (спецификацияны) оҥорон, киэҥник дьүүллэһэн ылынарга;
оҕо тэрилтэтигэр, хас биирдии үөрэх биридимиэтигэр (1–11 кылаас) Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай, этнокултуурунай, онтон да атын уратытын учуоттуур сахалыы босуобуйалар, учуобунньуктар кэмпилиэктэрин оҥорууга, бэчээттэтиигэ уонна тарҕатыыга анал былааны ылынан, салгыы тэтимнээхтик үлэлииргэ;
саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар аналлаах толору хааччыллыылаах кэбиниэттэри салгыы оҥотторон, хас биирдии оҕо тэрилтэтин, оскуоланы, эбии үөрэх, идэҕэ бэлэмниир орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин хааччыйар бырайыагы олоххо киллэрэргэ;
саха тылын уонна литературатын кэбиниэтин састаабыгар эбии киириэхтээх кинигэлэри (уус-уран айымньылары, тылдьыттары), киинэлэри, электроннай босуобуйалары сүүмэрдээн, саҥа спецификацияны бигэргэтэргэ;
сахалыы сайыннарар оонньуурдары, оонньуулары, көмпүүтэр бырагыраамаларын, саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар аналлаах методическай үлэлэри оҥорууга анал граннары олохтуурга;
төрөөбүт тыл баайын билиигэ, санааны сайа этиигэ аналлаах куонкурустары элбэтэргэ;
начаалынай уопсай үөрэхтээһин бырагырааматын түмүктүүр Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ математикаҕа уонна тулалыыр эйгэҕэ сорудахтарын сахалыы тылбаастыыры туруорсарга;
төрдүс кылаастан саҕалаан, «Саха тыла”, “Саха литературата”, “Саха судаарыстыбаннай тыла” уонна “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата” үөрэх биридимиэттэригэр Үөрэх уонна наука министиэристибэтин бэрэбиэркэлиир үлэтин киллэрэргэ;
оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччилэр саха тылыгар уонна литературатыгар билиилэрин, сатабылларын сыаналыыр табыгастаах аныгы көрүҥү тобулан, киэҥник дьүүллэһэн олохтуурга, ити түмүгүнэн анал сэртипикээт туттарары уонна ол докумуон идэҕэ бэлэмниир үөрэх тэрилтэтигэр киирэргэ учуоттанарын ситиһэргэ;
саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада балаһыанньатын саҥардан оҥорорго, бигэргэтиэх иннинэ киэҥ дьүүлгэ таһаарарга;
үөрэх тэрилтэтигэр икки тылынан иитэр-үөрэтэр, элбэх тылы үөрэтэр атын өрөспүүбүлүкэлэри көҕүлээн, Арассыыйа таһымыгар бииргэ үлэлиир ситими (тэрээһини) тэрийэр үлэни ыытарга.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ тэрийбит Үөрэх методическай холбоһугар:
оҕо санаатын сахалыы сөпкө сааһылаан этэрин, таба саҥарарын ситиһэр, тылын байытар ситимнээх үлэни өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тэрийэн ыытарга;
оҕо тэрилтэтин иитэр-үөрэтэр бырагырааматыгар сиэри-туому,тылынан уус-уран айымньыны (олоҥхону), сахалыы хамсаныылаах оонньууну киллэрэн, төрүт үгэһи кэнчээри ыччакка иҥэрэр суолу тутуһуохха;
саха тылын нууччалыы иитэр оҕо тэрилтэлэригэр үөрэтиини, оскуоланы кытта биир ситимҥэ киллэрэр бырагырааманы оҥорору көҕүлүүргэ;
федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаарда киирэр кэмигэр сыллата 1–11 кылааска төрөөбүт тылы, литератураны, саха судаарыстыбаннай тылын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култууратын үөрэтии ис хоһоонун уонна хаачыстыбатын анал боппуруос быһыытынан көрөргө;
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата“ уонна “Саха судаарыстыбаннай тыла“ биридимиэттэри нууччалыы үөрэтэр оскуолалар үөрэх былааныгар киллэрэллэрин көҕүлүүргэ;
саха тылын оскуолаҕа үөрэтии биридимиэтин бырагырааматын, үөрэтэр-методическай кэмпилиэгин 3 хайысхаҕа: 1) сахалыы үөрэнэр оҕолор; 2) нууччалыы үөрэнэр, төрөөбүт тылларын мөлтөхтүк билэр оҕолор; 3) саха судаарыстыбаннай тылын үөрэтэр атын омук оҕолоро –диэн арааран оҥорорго;
"Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата" үөрэх биридимиэтигэр бырагыраамалары уонна босуобуйалары сахалыы, нууччалыы үөрэнэр оҕолорго уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар оскуолаларыгар тус-туһунан оҥорорго; коррекционнай оскуолаларга аналлаах сахалыы үөрэх кинигэлэрин онорууну тэрийэргэ;
идэҕэ бэлэмниир орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр саха тылын уонна култууратын үөрэтэр бырагыраамалары, учуобунньуктары уонна босуобуйалары идэ хайысхаларынан арааран оҥоророрго.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор, уопсай орто уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр:
саха тылын нууччалыы иитэр оҕо тэрилтэлэригэр үөрэтиини кэҥэтэргэ, оскуоланы кытта биир ситимҥэ киирэр бырагырааманы оҥорорго;
федеральнай судаарыстыбаннай үөрэх ыстандаарда киирэр кэмигэр саха оскуолатын үөрэҕин былааныгар төрөөбүт тылы, литератураны уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култууратын үөрэтии чаастарын аҕыйатары тохтоторго, оскуола үөрэх былаанын бэйэтэ оҥорор кыаҕын толору туһанарга;
нууччалыы үөрэнэр кылаастарга «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурата“ уонна “Саха судаарыстыбаннай тыла“ биридимиэттэри үөрэх былааныгар киллэрэн үөрэтэргэ;
хас биирдии оскуолаҕа 1 – 11 кылааска сахалыы тылы сайыннарыы, олоҥхо, “Үрүҥ уолан», «Кыыс куо» диэн хайысхаларга кылаас таһынааҕы дьарыктары тэрийэргэ;
сахалыы таба суруйуу уонна саҥарыы нуорматын олоххо киллэриигэ, тутуһууга утумнаах үлэни ыытарга;
үөрэх бырагырааматыгар киирбит сахалыы уус-уран айымньыларга олоҕуран уһуллубут сахалыы киинэлэринэн, тэлэбиидэнньэ биэриилэринэн, документальнай киинэлэринэн, элбэх туомнаах академическай быһаарыылаах, сахалыы таба суруйуу, сомоҕо домох, тиэрминнэр тылдьыттарынан үөрэх тэрилтэтин бибилэтиэкэтин былааннаахтык хааччыйарга;
«Чуораанчык», «Колокольчик», «Кэскил», «Юность Севера», “Хатан», “Бэлэм буол” сурунааллары уонна хаһыаттары кылаас таһынан ааҕар литература испиэһэгэр киллэрэн, хас сыл аайы суруйтарарга.
Үөрэҕи сайыннарар уонна үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институттарга:
үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар сахалыы иитиигэ-үөрэтиигэ (этнокультурнай үөрэххэ) аналлаах куурустары тэрийэргэ;
сахалыы тыллаах оҕо саадын иитээччилэригэр, начаалынай кылаас учууталларыгар саха тылыгар, литературатыгар уонна култууратыгар анал куурустары ыытарга;
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култууратын нууччалыы үөрэтэр үөрэх тэрилтэлэригэр аналлаах куурустары тэрийэргэ;
айымньылаахтык үлэлиир бастыҥ учууталлар, иитээччилэр уопуттарын түмэн, араас босуобуйаны оҥотторон, үөрэх методическай сүбэтигэр киллэрэн, бэчээккэ таһаарарга;
саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларыгар аналлаах саайтары сайыннарарга, учуутал уопутун тарҕатарга аныгы технология кыаҕын туһанарга;
саха тылын, литературатын уонна култууратын учуутала атын эригийиэн, Аан дойду таһымыгар тахсан, уопутун атастаһар усулуобуйатын тэрийэргэ.
Саҥа технологиялары сайыннарар институкка:
саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтиигэ аналлаах интэриниэт саайты тэрийэн үлэлэтэргэ;
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолатыгар:
салайар үлэһиттэр тыл бэлиитикэтин олоххо киллэрэргэ сөптөөх билиилээх буолалларын туһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарыыга аналлаах тиэмэлэри үөрэх бырагыраамаларыгар киллэрэргэ.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетка, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баар орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр:
сахалыы иитэр-үөрэтэр иитээччини, учууталы, психологы, логопеды, социальнай педагогы, о.д.а. бэлэмниир тиһиги сайыннарарга;
саха тылын, литературатын, култууратын уонна устуоруйатын үөрэх былаанын булгуччулаах чааһыгар киллэрэр боппуруоһу көрөргө;
устудьуоннарга эбии үөрэх быһыытынан төрүт үгэскэ уһуйар куруһуоктары, куурустары тэрийэргэ, түмүгэр сэртипикээт туттарары ситиһэргэ (хомус, олоҥхо, тойук, иис, уус, о.д.а);
саха тылын, литературатын, култууратын методикаларын устудьуоннарга үөрэтэр учуобунньуктары уонна босуобуйалары оҥорорго;
орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар саха оскуолатыгар үлэлиэхтээх педагогтары бэлэмнээһин хаачыстыбатын үрдэтэргэ, олоҥхо педагогикатын, төрүт култуураны үөрэтэргэ;
Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай көлүөс саха оскуолатыгар анаан учууталлары бэлэмниир уопутун үөрэтэргэ уонна тарҕатарга;
идэҕэ бэлэмниир орто анал уонна үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтэр преподавателлэр методическай түмсүүлэрин тэрийэргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институтугар:
учуобунньугу оҥоруу научнай төрүтүн сүрүннээһин, тыл үөрэҕин, култууратын, истииллэрин, тыл салааларын истилиистикэтин, олоҥхо уонна суруйааччы тылларын үөрэтии боппуруостарыгар туһааннаах тэрилтэлэри, идэлээх дьону түмэн, ситимнээх үлэни тэрийэргэ;
учуонайдар, методистар, учууталлар айар бөлөхтөрүн тэрийэн, үөрэх бары биридимиэтигэр сахалыы учуобунньуктары, босуобуйалары оҕо умсугуйан үөрэнэрин курдук оҥорору ситиһэргэ;
учуобунньук сахалыы тылбааһын хаачыстыбатын үрдэтэр соруктаах тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдары, учууталлары түмэн, тылбаас киинин (түмсүүтүн) тэрийэргэ;
саха тылын уонна литературатын учууталларыгар аналаах “Төрөөбүт тыл уонна литература” научнай-методическай сурунаал тахсыытын сөргүтэргэ.
Арассыыйа наукаҕа академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтугар:
сахалыы таба суруйуу, тиэрмин тылдьыттарын интэриниэт ситимигэр киллэрэр үлэни көҕүлүүргэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэригэр уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар:
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай тылларын сайыннарар, тыл сокуона олоххо туттулларын хонтуруоллуур сыаллаах хас биирдии улуус, куорат баһылыгын таһымыгар Тыл сэбиэттэрин тэрийэргэ. (Тыл сэбиэттэрэ хотугу аҕыйах ахсааннах омуктар түөлбэлээн олорор улуустарыгар официальнай тылларынан эмиэ дьарыктаныахтаахтар).
Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар – Дьокуускайга уонна элбэх омук олорор улуустарыгар саха тылын сайыннарар тус сыаллаах бырагырааманы, дьаһаллары ылынарга;
үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара сахалыы иитиигэ-үөрэтиигэ аналлаах куурустарга үөрэнэр усулуобуйаларын тэрийэргэ, ону үлэҕэ киирэллэригэр учуоттуурга;
үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларын үлэтин, дьыссаат уонна оскуола ситиһиитин сыаналыырга төрөөбүт тылынан иитэр-үөрэтэр усулуобуйаны тэрийиини, төрөөбүт тылы, литератураны уонна култуураны үөрэтии хаачыстыбатын ирдэбил быһыытынан киллэрэргэ;
үөрэх тэрилтэлэригэр сахалыы иитэр-үөрэтэр бөлөхтөрү, кылаастары элбэтэр үлэни күүһүрдэргэ;
сахалыы иитэр-үөрэтэр бастыҥ үөрэх тэрилтэлэригэр аналлаах граннары, бириэмийэлэри олохтуурга;
төрөөбүт тылынан иитиигэ-үөрэтиигэ, саха тылын, литературатын уонна култууратын үөрэтиигэ аналлаах сэминээрдэри, куурустары тэрийэргэ, методическай үлэни күүһүрдэргэ;
саҥа тахсар үөрэх бырагыраамалара, учуобунньуктара уонна босуобуйалара хас биирдии оскуолаҕа, үөрэнээччигэ тиийэрин ситиһэргэ, үөрэх кинигэлэринэн хааччыллыы туругун сыл аайы хонтуруолуурга;
саха тылын нэһилиэнньэ араас араҥатыгар киэҥник үөрэтэргэ, ыытыллар көрүҥүн элбэтэргэ;
икки судаарыстыбаннай тылынан үлэлиир бастыҥ тэрилтэлэргэ анал номинациялары, наҕараадалары олохтуурга;
саха судаарыстыбаннай тыла улуус, нэһилиэк дьаһалтатын үлэтигэр киирэрин, дьаһаллар, уураахтар сахалыы тахсалларын, мунньахтар сахалыы баралларын ситиһэргэ;
улуус, нэһилиэк, сир-дойду, уулуссалар ааттарын сахалыы барыйааннаан суруйар ирдэбили тутуһарга;
куораттарга, нэһилиэктэргэ үөрэх уонна култуура тэрилтэлэрин: оҕо тэрилтэтин, оскуоланы, бибилэтиэкэни, култуура киинин, олоҥхо дьиэтин – саха тылын чөл хаалларар, сайыннарар туһугар ситимнээхтик, биир сүрүннээхтик үлэлэтэргэ.