Иһинээҕитигэр көс

Киис, саһыл уо.д.а. кыыллар

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хотой. Атын көтөрдөр Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Эһэ. Бөрө. Таба. Тайах


Киис, саһыл уо. д. а. кыыллар. Саамай үгүстүк ырыаҕа-тойукка киирбит кылааннааҕынан киис (саарба) буолар. Ол кэннэ саһыл, кырса, кырынаас, тииҥ, буобура, бэдэр образтааһыннарга эмиэ киирсэллэр.

Туох үчүгэй, күндү барыта кылааннаах түүлээҕинэн дьүһүннэнэр. Кырасыабай кыыс — киис, кэрэмэс саһыл, кырынаас, буобура: «кыыс оҕо барахсан киис кыыл оҕотун курдук киэркэйэн, саарба кыыл оҕотун курдук наскыйан,.. тах-сан тиийэн кэллэ» (31 —131); «бойбоҕуркаан быһыыгын... буобура кыылбар булуу көрдүм» (52—233).

Кыыс суһуоҕа — киис: «сур кииһи субуруччу туппут курдук бураллаҕас суһуохтаах» (49—43). Кыыс хааһа — киис. Айталыын Куо «хамчаакы хара саарбатын хардарыта туппут курдук субуллаҕас сурааһын хаастардаах» (39—306). Оттон Ньургун Боотур «икки сур кырынааһы субуруччу туппут курдук субуллаҕас хаастаах» (22—102). Кыыс хараҕа «кырынаас курдук дьэрэлийэр», «хамчаакы буобуратын курдук хараҕа-хааһа чаҕылыйар» (39—141), «хаастаах хараҕын... хара саарба кыылым харахтаах хааһыгар ханыылыы көрдүм» (52—235) дэнэр.

Кыыс иҥэ, уоһа — кыһыл саһыл: «кыыс оҕо барахсан... уоттаах саһыл курдук уостаах-тииһэ умайан обуйуктанна. Кыһыл саһыл кылааннаах бэрдин кэккэлэтэн кээспит курдук тэтэгэркээн бэйэлээх имнэрдээх».

Айыы киһитин тиистэрэ, тарбахтара — кырынаастар: «Сабыйа Баай хотун уон тыһы кырынааһы умсарыта туппут курдук уон дьыры маҥан тарбахтардаах» (39— 141, 306, 52).

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр «отут икки тыһы кырынааһы кэккэлэччи туппут курдук уҥуох сардаана тиистээх».

Арыт үтүө-мааны дьон киис тириитигэр холуллаллар: «киис тириитигэр кэккэлээх кэрэ-бэлиэ дьон».

Аан дойду саарба тыһынан биитэр тииҥ тиҥилэҕин тириитинэн дьүһүннэнэр: «сир-сибиир ийэ хотун, сэттэлээх тииҥ кыыл тиҥилэҕин тириитин курдук тэнийэн-тэлгэнэн... үөскээбитэ эбитэ үһү. Аан ийэ дайды аҕыстаах саарба кыыл атаҕын тыһын курдук аҥнан-бохтон айыллан... үөскээбитэ збитэ үһу» (31—39, 73,7).

Сайыҥҥы тыа — киис түүтэ, кутуруга: «саарба кыыл саннын түүтүн арыйа баттаабыт курдук, адаар хара тыа» (52—45). «Киргиллэрдээх киис кыыллар кутурук-тарын кэккэлэтэ тутуталаабыт курдук кэтит кэҥкэл хара тыалар» (49—92).

Тиит мутукчата — киис биитэртииҥ кутуруга: «киҥ-хил хара тыа, киис кыыл кутуругун кэдэриччи туппут курдук, киистэ анньан киэркэйдэ.., титирик тиит мастар, тииҥ кыыл кутуругун тэҥилии ыйааттаабыт курдук, тэтэркэй киистэлэннилэр» (49—259).

Үүнүүлээх ходуһа ото — киис, саһыл, буобура, кырса, бэдэр, таарбаҕан түүлэригэр холуллар: «уоттаах саһыл кыылым уорҕатын түүтүн умсары соппут курдук, уйгу-быйаҥ олохтоох уһун көнө хочолорум» (35— 96); «уу буобуратын уорҕатын түүтүн ньургунугар холобурдаах нуолур солко оттоох» (49—227).

Былыттар бэдэр (үүс) түүтүнэн дьүһүннэнэллэр. «Үүс кыыл өрөҕөтүн курдук, үрүҥ былыттар» (43—256). Саһыл өҥү бэлиэтииргэ туттуллар: «арыы саһыл хааннаах», «саһыл хонуу», «саһыл араҕас кырдал» (22—164).

Кылааннаахтар киһи араас хаачыстыбатын, быһыытын көрдөрөргө эмиэ туттуллаллар. Кырса, саһыл, бэдэр — ыраас, чэбэр буолуу холобура: «бэдэр курдук чэнчис», «кырса, саһыл оҕото». Киитэрэй киһи — «бэдэр мэйии», умнугана суох киһи — «тииҥ мэйии» (50— 82, 87, 85). Тииҥ кулгааҕа — сэргэх буолуу: «бухатыыр киһи тииҥ кулгааҕынан истэн сэгэлдьийэ турбута» (31—49).

«Тиитин охторторор, тииҥин итигэстиир» диэн өс хоһоонун ис хоһооно маннык: эрэйдээх өттүн атын киһиэхэ оҥорторон баран, туһалааҕын бэйэтэ соҕотоҕун ылар (оноҕоско таптаран өлбүт тииҥ арыт тыҥыраҕыттан мутукка ыйанан хаалан сиргэ түспэт, оччоҕо бэрт эрэйинэн, тиитин охторон эрэ баран ылыллар). Бу өс хоһооно «таскать каштаны из огня» диэн этиигэ суолтатынан бэркэ майгыннаһар.

Олус баай, мааны киһини «таарбаҕаҥҥа таалалаабыт, саһылга саарбыт, үүскэ үҥкүрүйбүт, киискэ кистэммит» диэн сөҕөн да, сүөлүргээн да этээччилэр. Араастаан киирэн-тахсан бэйэтин иннин оҥостуммут киһини «сатабыллаах саһыл саҕалаах» (50—46, 57.) диэн сытыытык этэн кэбиһэллэр. Тас көстүүтэ үчүгэй эрээри иһэ куһаҕан буоллаҕына, «үрдэ үүс бэргэһэ, анна адьыр уу» (52—125) дэниллэр.

Кылааннаахтар куһаҕан өттүгэр холобурдааһыҥҥа дэҥҥэ киирэллэр. Саһылынан арыт албыны, киитэрэйи бэлиэтээн этэллэр: «саһыл курдук йьылаҥнас», «кэрэмэс саһыл мэлдьэҕэ» (50—108, 112). Саһыл уонна кырынаас сыттара куһаҕана холобурга сылдьар: «Сүөдэр онтон бэттэх эстэн-дьүдьэйэн, саһыл дьаара, ыт ыыта буолан хаалбыта» (80—38). Ньургун Боотур: «кырынаас дьаарын курдук ыыр-дьаар сыттаах... сирин устун баран истэ» (22—120).