Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. 2 глава. Эһэ. Бөрө. Таба. Тайах (Копырин Н.З.)
←Киис, саһыл уо.д.а. кыыллар | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Иккис глава) Копырин Николай Захарович |
Балыктар. Үөннэр-көйүүрдэр→ |
Эһэ. Бөрө. Эһэнэн, бөрөнөн суостааҕы-суодаллааҕы, күүстээҕи, сиэмэҕи дьүһүннүүллэр. Ону маннык өс хоһоонноро көрдөрөллөр: «бөрө сирэйэ буолан олорор» (52—196), «эһэ баһа буолан олорор», «бөрөлөр, табалар бииргэ үөрдүспэттэр», «биир тутум быһаҕынан эһэҕэ киириэм этэ, бэригэ суох күтүр тойоҥҥо киириэм кэриэтэ» (50—40, 46, 53).
Олоҥхо бухатыырдара кыыһырдахтарына эһэ курдуктар. Ньургун Боотур «эһэлии часкыйар». Уот Уһутаакы «арҕахтаах эһэ курдук алдьанан барар, адьырыйа түһэр» (39—211, 146).
Ньургун Боотур ата айаннаабытын омунугар «көҥдөй төҥүргэһи көҥүтэ тэппитэ сур бөрө буолан..., улуйа хаалла, эмэх маһы эмтэритэ тэппитэ эһэ кыыл буолан... часкыйа хаалла» (39—179).
Кини «эһэлии сарылыы, бөрөлүү улуйа олорор дойдуга тиийэр» (22—238). Киһи олохсуйбатах кыйаарын «эһэ-бөрө дойдута» дииллэр. «Хардаҥ эһэ часкыйар, хара суор хаһыытыыр халҕаһа маарыктата, торҕон бөрө улуйбут чуурукта дойдубут...» (52—298).
Эһэнэн туох эрэ кээмэйин бэлиэтээн этэллэр. «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхоҕо Суодайа Хара уус «тоҕустаах эһэ кыыл саҕа оботтоох чуураан хаан өтүйэлээх». Мүлдьү Бөҕө бэйэтин «хагдаҥ эһэ саҕа хааннаах илбис дьайыҥнанаммын» (10—96, 143) диир.
Таас хайалар — эһэлэр: «аҕыс торҕон эһэни адаарыччы туппут курдук, таллан таас дьааҥы». Хайа аартыга — эһэ анаҕаһа: «алталаах эһэ кыыл анаҕас тииһэ аалса турарын курдук,.. илбистээх хабыйа хаан аартык» (10—25, 82). Хаппыт кырыс — анаҕас: «адьырҕа кыыл анаҕаһын курдук, ардьыгыныы хатан хаалбыт аан дайдыбыт кырса» (43—257). Эһэ тириитэ бэрт үгүс холобурдааһыҥҥа туттуллар. Былыттар — эһэ тириилэрэ: «бастаах-атахтаах хардаҥ эһэ тириитин таҥнары туппут курдук най хара былыт» (22—356).
Ыарҕа ойуур — хардаҥ эһэ тириитэ: «хардаҥ эһэ кыыл тириитин хастыы тардан ылан баран, хайа тутан, таҥнары сахсыйбыт курдук хаарыаннаах үчүгэй хараҥа көмүс талах ыарҕа ойуур» (31—14).
Аал-Луук мас «тиһэх эһэ тириитин тэлгэтэ бырахпыт курдук сиэрэй солко сэбирдэхтээх» (49—14).
Таба. Тайах. Таҥара табата кырасыабай кыылынан ааҕыллар уонна саамай үчүгэй холобурдааһыҥҥа киирэр. Туйаарыма Куону, «таҥара табатын курдук, таҥыннаран намылыталлар» (46—246).
Табанан, тайаҕынан айылҕа көстүүлэрин дьүһүннүүллэр. Хайалар — табалар: «тамталыйбыт быһыылаах таба кыылдарым таҥнары табыйса туралларын курдук улуу дьаҕыл хайаларым» (39—97).
Тыа — таба арҕаһын түүтүн курдук: «атыыр таба кыыл арҕаһын түүтүн арыйа туппут курдук араҕас-хара тыа» (10—24). Былыт «тыстаах баттахтаах тыһы тайах кыыл тириитин тиирэ тарпыт курдук». Олоҥхо бухатыыра тайах курдук сүүрэр. Тойон Дьаҕарыма «тайах кыыллыы тамнааттаан, таҥнары сүүрэн бырдааттаан киирдэ» (31—53, 51).
Уол оҕо, улаатан, күүстээх-күдэхтээх, кыайыылаах, булчут киһи буолбутун бу курдук образтаан этэллэр: «бууру муннуттан, тайаҕы таныытыттан, эһэни сабырҕаҕыттан сиэтэн — онон оонньуур уол буолла» (22— 100).