Иһинээҕитигэр көс

Балыктар. Үөннэр-көйүүрдэр

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эһэ. Бөрө. Таба. Тайах Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Көмүс. Тимир


Балыктар. Балык образтааһыҥҥа син элбэхтик киирэр. Балык саҥата суоҕунан ааҕыллар. Ол иһин сэмэй, иирсээнэ-айдаана суох киһини «балыктааҕар кэлэҕэй» дииллэр.

Күнэ-ыйа суох, хараҥа дойду көстүүтүн, балык миининэн дьүһүннүүллэр. Ньургун Боотур «барбатах балык миинин курдук бадыа-бүдүө дойду устун баран истэ» (22—120).

Киһи араас хаачыстыбата, киһи олоҕун туһунан элбэх түмүктээһиннэр балыгынан холобурдаан этиллэллэр. Киһи үөрэр, өрөгөйдүүр кэмнээх — «балык ыамнаах»; киһи үчүгэйгэ талаһар — «балык уу дириҥин былдьаһар», дьонноох киһи өлөн-охтон биэрбэт — «уулаах балык аппат»; туохха да ылларбат, таба туттарбат киһи — «салыҥнаах бальгк курдук киһи»; киэбирбэтин, мин кинини үчүгэйдик билэбин диэн — «билэр күөлүм балыга» уо. д. а.

Өрүс балыктарыттан бил, сыалыһар, сордоҥ образка үгүстүк туһаныллаллар. Эрэлэ суох инникигэ дьылланыы — «эһиилги бил баһын сиэм диэбиккэ дылы»; туох эрэ төрдүттэн, баһылыгыттан алдьанан (мөлтөөн) барыыта — «бил баһыттан сытыйарын курдук» (50— 73, 67, 108, 131, 130, 189); кыыһырыма, майгыгын сымнат диэн — «сыалыһар быара буолан сылаанньый» (10 —226) уо. д. а.

Күөл балыктарыттан собо, мунду, ылбай образтааһыҥҥа киирэллэр. Олус кыраҕа олус улаханы туттуу — «ылбайга быһахтаммыкка дылы»; соҕотоҕун чабыланыы — «соҕотох собо тыастаах» (50—14, 125, 130). Уот Уһутаакы Ньургун Боотурга кыайтаран, «үөлүллүбүт мунду курдук өрүтэ мөҥөр» (40—194) уо. д. а.


Үөннэр-көйүүрдэр. Кыра харамайдар наар куһаҕаны дьүһүннээһиҥҥэ туттуллаллар, арай үрүмэччи үчүгэй образка киирсэр. Олоҥхо бухатыырын ата уонна үөрбүт кыргыттар үрүмэччигэ холуллаллар: «үрүмэччи маҥан аттаах Үрүҥ Уолан» (22—320); «кыргыттар, үрүмэччилэһэн тахсан,.. үҥкүүлэрин күүһүртүлэр».

Бырдах — элбэх холобура: «харааннаах бырдак курдук халыаннык хаҥаабыт хара норуот». Арыт кымырдаҕас эмиэ элбэх холобуругар туттуллар: «кымырдаҕас курдук кыймалаһан үөскээбит кыра норуот» (43—218, 126). Бырдах — хаан утахтаах, сиэмэх: «кумаарга дылы хаанынан утахтаах» (50—38); «быралыйбыты бырдах сиир» (52—124).

Солуута суох саҥа — сахсырҕа саҥата: «сахсырҕа курдук сааҕынас саҥалаах» (43—55).

Олус бадарааннаах сир — «ооҕуй оҕус бадараанныыр иһик бадылҕах» (62—263). Ииччэх-бааччах быа —«ооҕуй ситимэ»: «отут"сэттэ бухатыыры ооҕуй оҕус ситимин курдук хара дьүһүннээх быаҕа харыларын утаҕыттан тобулута үүттээн баран, онтон тиһэн кэбиспит айыы бухатыырдара кычытыраһан тураллар» (22— 290); «ап-чарай быа, ооҕуй оҕус ситимин курдук, тиирэ тардыллан турар» (62—263).

Баҕаҕа мөлтөх сыһыаны маннык да өс хоһоонноруттан көрүөххэ сөп: «баҕа бэйэтин бадараанын хайгыыр»; «ууну охсон баҕаны куттаабыт диэбиккэ дылы»; «баҕа аттаммытыгар дылы»; «балык суоҕар баҕа эмиэ балык»; «баҕа бадарааныгар эрэ баһылыгар дылы»; «баҕа иигэ далайга эбиилээх» (50—119, 131, 136, 148, 192, 197).

Кутуйаҕынан киһи майгытын, характерын, туругун көрдөрөллөр. Холобур, маннык өс хоһоонноро бааллар: «оннооҕор кутуйах хаһаастаах», «кутуйах түүлэннэҕинэ «ычча» дииригэр дылы», «үктээтэххэ, оннооҕор кутуйах «чыып!» диир», «кутуйах иинин кэҥэтэр» (50— 36, 43, 46, 122) уо. д. а.

Тыймыыт саамай куһаҕаҥҥа холобурданар. Аллараа адьарай аймаҕа олорор сирэ «тыймыыт үөнэ чыыбыргыы сырсыбыт» дойдута (65—244). Абааһы бухатыырын тыла тыймыыт курдук. Тимир Дьитистэй «сиикэй тыймыыт курдук сэттэ былас күөх чалахай тыллаах» (39—255).