Иһинээҕитигэр көс

Көмүс. Тимир

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Балыктар. Үөннэр-көйүүрдэр Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Иккис глава)
Копырин Николай Захарович
Үһүс глава


Көмүс. Тимир. Минераллартан кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, тимир дьүһүннээһиҥҥэ үгүстүк киирэллэр. Ол эрээри көмүс ордук элбэхтик туттуллар эпитет буолар. Туох үчүгэйи, кэрэни, күндүнү, сыаналааҕы барытын көмүскэ тэҥнииллэр.

Күндүттэн күндү киһи — көмүскэ холонор: «күнүм дьонноро, көмүс биэбэйдэрим! Тугу билэн-көрөн тураҕыт?» Туйаарыма Куо Үрүҥ Уолаҥҥа туһаайан этэр: «Абырыы оҕус даа, көмүһүөм!» Үрүҥ Уолан Туйаарыма Куону эмиэ: «Көмүһүөм!» (62—230, 249, 254) диир. Ийэ оҕотун «көмүс чыычааҕым» диир (8—143).

Дьахтар иэдэһэ, иҥэ — (көмүс: «имин хаана оонньообут илбиэнэ көмүс иэдэстээх Айыҥа Сиэр хотун» (39—12). Киһи ытыһа — көмүс: Айыы Нуоралдьын «бабыа көмүс ытыстаах» (40--24).

Бухатыыр куйаҕа — көмүс. «Бүтүннүү кыһыл көмүс куйахтаах Дьулуруйар Ньургун Боотур илэ бэйэтинэн нөрүс гына түстэ» (62—253). Киһи уҥуоҕа (өлүгэ) — көмүс: «алтан уҥуоххун араҥастыа, көмүс уҥуоххун көтөҕүө» (50—157).

Былыргы түүрдэр кыһыл көмүһү «алтун», үрүҥ көмүһү «күмүш» дииллэрэ үһү. Онон сахалар «алтаҥ уҥуоххун араҥастыа», «алтан түөстээх», «алтан хоҥоруулаах» диэн этиилэригэр «алтан» бастаан кыһыл көмүс суолтатыгар туттуллубут буолуохтаах. Кэлин «алтун» оннугар «кыһыл көмүс», «күмүш» оннугар «үрүҥ көмүс» диир буолтар. Оттон «алтан» диэн тылынан атын металы (медь) ааттыыр буолбуттар. Дьиэ — көмүс: «иэримэ көмүс дьиэни иилээн-саҕалаан тэнит!» (43—156).

Дьиэ оһоҕун уота — көмүс. Туйаарыма Куо этэр: «аалыы көмүс уоту оттоммун, төрөтөр оҕону төлкөлөөммүн, киһи хара буолаайамый» (62—235). Ынах сүөһү — көмүс муостаах; «көмүс муостааҕы бөрүөрүҥ» (26—40).

Көтөр кынаттаах — көмүс куорсуннаах, кини сымыыта — көмүс: «көмүстээх куорсуннаах көтөр бииһин ууһа көй боллох уйаланан, көмүс ньээкэ сымыыттанан, көччүйэн көрүлээн эрэр» (43—246).

Оттон кыталык кыната, түүтэ, түөһэ, өрөҕөтө, уорҕата — барыта көмүс: «кырыйыы көмүс кынаттаах, тардыы көмүс табыталлаах, эрийии көмүс эрбийэлээх, кутуу көмүс куорсуннаах, булуу көмүс буухтаах, үрүҥ көмүс өрөҕөлөөх, уулаах көмүс уорҕалаах...» (52—212). Балык — көмүс хатырыктаах: «күөх Боллох тойон көмүс хатырыктааҕынан күндүлүү турдун» (43—195).

Иирэ, талах — көмүс: «иэҕии көмүс курдук иирэлээх, тардыы көмүс курдук талахтаах» (52—207).

Туох кытаанах, бөҕө, тыйыс — барыта тимиргэ тэҥнэнэр.

Олоҥхоҕо абааһы уола Уот Уһутаакы «тимир үөрбэ буолан, аллара дьөлө түһэн хаалар». Тимир диэн эпитет абааһы бухатыырдарын ааттарыгар киирсэр (Тимир Дьэһиэнтэй, Тимир Дьигистэй уо. д. а.).

Аллараа дойду ото-маһа, дьиэтэ-уота — тимир: «тимир килэгир дьиэ..., тимир кирилиэс таҥнары дьулуруйан түспүт» (62—253, 244).

Кыыһырбыт — «тимир тириитин кэппит», «дьэбин уоһуйбут» (50—127).