Кузьмина Ангелина Афанасьевна

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кузьмина Ангелина Афанасьевна - саха суруналыыһа, тыл билимин хандьыдаата, саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна. Кини “Үгүлээт фольклора”, “Саллаат сэһэнэ”, "Мас тоҕо үүнэрий?", "Олох ыллыктара" (2020 с.) кинигэлэр ааптардара. “Үгүлээт фольклора” кинигэҕэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕастарыттан норуот тылынан уус-уран айымньыларын хомуйбута уонна эргэрбит, түөлбэ уонна харыс тыллары чинчийбитэ, кылгас тылдьыт оҥорбута. Оттон “Саллаат сэһэнэ” кинигэтигэр байыаннай-бэлитиичэскэй оскуоланы бүтэрбит кадровай офицер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Георгий Дмитриевич Борисов сэрии туһунан суруйан хаалларбыт рукопиһын булан, сааһылаан, сиик буолан сүппүт суругун-бичигин бу кэнниттэн бу кэлбит буолуон сөп диэн быһааран уонна олоҕун, бойобуой доҕотторун, бииргэ үлэлээбит дьонун, аймахтарын булан ахтыылары хомуйан, хаартыскаҕа кимнээх түспүт буолуохтарын сөбүн чуолкайдаан, чинчийэр үлэни ыыппыта. Бу кинигэҕэ Г.Д. Борисов сэриигэ буолбут быһыыны-майгыны туох да киэргэтиитэ суох хайдах баарынан суруйбута уонна тыла-өһө ууһа-урана умсугутар. Кэлин өссө да суруйбута буоллар, үчүгэй суруйааччы буолуоҕа хаалбыт диэн сыаналыахха сөп. Кинигэ саха норуота сэриигэ кыттыытын, хорсун-хоодуот быһыытын-майгытын толору көрдөрөр. Оҕолорго аналлаах «Мас тоҕо үүнэрий?» кинигэтигэр оҕо саас мүччүргэннээх түгэннэрин туһунан көрдөөх кэпсээннэр үтүө быһыыга, саха үгэһигэр, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэтэллэр, билии аптаах-алыптаах дойдутугар сирдииллэр. "Олох ыллыктара" кинигэтигэр олох-дьаһах, дьон уустук дьылҕатын туһунан араас кэмнэри көрдөрөр уус-уран айымньылар эдэр ыалы уонна ыччаты төрөөбүт дойдуну таптыырга иитэр, саха билиитин-көрүүтүн иҥэрэр, төрүт дьарыгар уһуйар тосхоллоохтор. Төрөөбүт дойдутун устуоруйатын, тылын-өһүн, баай фольклорун, умнуллан эрэр үгэһин, сиэрин-туомун норуокка тириэрдэр “Саха этигэн тыла” аан ситими http://sakhaetigentyla.ru/ уонна “Саха суола” ютуб-ханаалы https://www.youtube.com/channel/UC4aWS9CkkemJoS_gci2fFxA, сөпкө саҥарарга, суруйарга үөрэтэр "Саха этигэн тыла" https://www.youtube.com/channel/UCBxbBrz--hAvlAHbYcxmcsQ салайан үлэлэтэр.