Күөх толбон сөтүөлүүрэ (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ол онно сайын этэ (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Хаһан эрэ, талбаара (В. Потапова)




Күөх толбон сөтүөлүүрэ
Көтөр-мөҕөр Бүлүүбэр,
Күн сытыы сардаҥалара
Көй салгыны тыыналлара.

Халыҥ ойуур быыһыгар, —
Халлаан хааллар алааһыгар,
Хатан хомус таарыйбыта,
Хаҥыл майгым хаалбыта.

Ол кэмнэртэн, быһата,
Ордорбутум дохсун Ыраны,
Сир, Халлаан барыта
Силбэһэр сүдү Ырыатын.

Өйүм, сүрэҕим күүрбүттэрэ,
Өндөл үрдүккэ тииспиттэрэ
Өлбөт өркөнү ирдээннэр,
Өрөгөй суолун кэтээннэр...