Ол онно сайын этэ,
Ханна эрэ кэҕэ этэрэ.
Нуһараҥ күөх киэһэбин,
Нуктуур салгынын иһэрим,
Толбоннурар тулабын
Уруйдуу, мин мичийэрим.
Харааччы көрбүт көлүйэм
Ааспыты аргыый кэпсиирэ,
Халыҥ ойуурум иһийэн,
Харааста, ол ону иһиллиирэ.
Ол наҕыл, ол санньыар сэһэҥҥэ,
Таайбытым мин ол түгэҥҥэ,
Олох кистэлэҥ тылларын
Дьоҥҥо чуумпуга аһарын...