Манчаары түөкүн (Күлүмнүүр). Төрдүс ойньуута
←Үһүс ойньуута | Сүрүн сирэй Дыраамалар Күлүмнүүр |
Бэһис ойньуута→ |
Киһинэн үтүгүннэрэн көрдөрөр кэпсээн. Биэс суол ойньуулаах.
ТӨРДҮС ООННЬУУТА.
ОЙНЬУУР ДЬОН:
Б э р т М а а р ы й а х а м н а ч ч ы т а куһаҕан киһи.
М а н ч а а р ы .
С ы ы с ы г ы н кинээс огоньор.
Б э р т М а а р ы й а , саас ортото дьахтар.
К и н и к ы ы һ а , эдэр дьахтар.
X а ч ы к а а т У й б а а н , Бэрт Маарыйа күтүөтэ, ити кэннэ
а т ы н к ы р а д ь и э кэргэнэ- уолатгар, кыргыттар.
Бэрт Маарыйа дьиэтэ. Хамначчыт суол ааныгар утуйа сытар. Сыысыгын кинээс кэтэҕэриин, атын кэргэн хаҥас диэкки сыталлар. Бэрт Маарыйа кыыһынаан, күтүөтүнээн чулааҥҥа сыталлар. Түүн.
М а н ч а а р ы . (Дьиэ таһыттан ааны тоисуйа-токсуйа, хаста да этэр). Ааҥҥытын аһыҥ, мин кэллим.
X а м н а ч ы т . (Дьааһыйа-дьааһыйа). Киммит эмиэ түүннэри кэбэлэйдэҕэй. Бэйэ тохтоо, ааны алдьатаайаҕын, алыс дэлбэрнйимэ.
М а н ч а а р ы . Ааҥҥын аһа тарт, туту күргүйдүү тураҕын хара ыт! Миийигин билбэккин дуо, мин кэлэн турабын!
27
М а н ч а а р ы . Оттон хотунуҥ. Бэрт Маарыйа ханнаный?
X а м н а ч ы т . Хотунум чуулааныгар сытар.
М а н ч а а р ы . (Сыысыгыи оҕоннъорго тиийэи батыйатын уһугунап суорганын арыйа биэрэр).
С ы ы с ы г ы н . Бай! Бу кимий киһини сүгүн утуппат!
М а н ч а а р ы . Дөссө эн утуйан дархаһыйа сытаҕын мин кэлбитим гэннэ. Тура тарт. иэҥҥин батыйабынан дэлби таһыйа иликпинэ!
С ы ы с ы г ы н . Э-э-э. Баһылай эн кэлбит эбиккин - дуу? Дорообо!
М а н ч а а р ы . Чэ, ол бу диэн ньаамыргыы сытыма, туран дьиэлээх хотуну Бэрт Маарыйаны туруора тарт! Мин кини үрдүк аатын ааттаан, суон сураҕын сураҕалаан кээлтим. Бу саас илдьиттээбитим диибин бара сылдьыам диэн, ону истэн бэлэмнэммэтэҕэ дуо?
Сыысыгы» Истэрин истибитэ буолуо даа, эйигин бу курдук түүн кэлиэҕэ диэ дуо?.Аҥардаһынан олорор дьахтар хайа чуулааҥҥа сытар буоллаҕа диибин. Бэйэ, тохтуу түс, туран оҥоһуннун, таҥыннын!
Ити курдук кэпсэтэн эрдэхтэринэ Хачыкаат Уйбаан чуулаантан тахсан ааныгар барар аргыый аҕай.
М а н ч а а р ы . Чэ, тура тардыҥ, уһугуннара тарт дьиэлээх хотуну.
Бэйэтэ баран оһох уҥа чанчыгар батыйатын үрдүгэр олорор. Сыысыгын рҕоньор таҥнан букунайан эрдэгинэ. Хачыкаат Уйбаан оһох кэннинэн кэлэн Манчаарыны батыйалаах саатын мүлчү охсон баран, кэнниттэн кууһан ылан өрө мөктөрөр.
М а н ч а а р ы . Бу хара албын албыннаан өлөрдөҕүн көрүҥ эрэ! Манчаары обургу сэбэ-сэбиргэлэ ити эрэ буолуо диэтэҕиҥ дуу? Сэрэн эрэ Нокоо! (Атаҕыттан мас уктаах хамсаны ылар.)
X а ч ы к а а т . һук, бу алдьархайы! (У/га илиитжэн хамсатын төлө охсор.) Кэлэ тардыҥ, доҕоттоор, өтүүнэн атаҕын баайыҥ! (Охторон, хамса быатын курдук, эрийэн бараи баҕаиаҕа баайаллар.)
28
Бэйэтэ баран оһох уҥа чанчыгар батыйатын үрдүгэр олорор. Сыысыгын оҕоньор таҥнан букунайан эрдэгинэ, Хачыкаат Уйбаан оһох кэннинэн кэлэн Манчаарыны батыйалаах саатын мүлчү охсон баран, кэнниттэн кууһан ылан өрө мөктөрөр.
М а н ч а а р ы . Бу хара албын албыннаан өлөрдөҕүн көрүҥ эрэ! Манчаары обургу сэбэ-сэбиргэлэ ити эрэ буолуо диэтэҕиҥ дуу? Сэрэн эрэ Нокоо! (Атаҕыттан мас уктаах хамсаиы ылар.)
X а ч ы к а а т . һук, бу алдьархайы! (Уҥа илиитинэн хамсатъш төлө охсор.) Кэлэ тардыҥ, доҕоттоор, өтүүнэн атаҕын баайыҥ! (Охторои, хамса быатын курдук, эрийэи баран баҕанаҕа баайаллар.)
М а н ч а а р ы . Доҕорум, учүгэй согус ытчат үөскээн сылдьар эбиккин! Кэл эрэ бэттэх чутас соҕус туран ааккын-суолгун кэпсиэ!
X а ч ы к а а т . Аатым-суолум бу баар! (Ытыһын хаптаҕайынан Манчаарыны хакас кулгаах тааска биэрэр).
М а н ч а а р ы (Туймаарталыы-туймаарталыы). Тыый, бу тугуй! Сыысыгын кинээс бэйэҥ бэйэҕинэн көрөн туран тугу оҥортороҕун. Мин ыраахтан ыйыылаах, үрдүктэн оҥоһуулаах киһибин, ону эһиги илииггачтнэн дьүүллээн бүтэрээри гынаҕыт дуо?
С ы ы с ы г ы н . Кэбис, Хачыкаат Уйбаан, эн сыыһа дьаабыланныҥ. тохтоо, болтой! Ити. кырдьыга даҕаны, биһиги кыайан дьүүллээбэт киһибит буолуога!
X а ч ы к а а т . Суох, оҕоньор, ити гэннэ мин кинини тоҕо тыыттамый. Бэйэтэ ааптгын ыйынпытыгар бэйэбин биллэрдэҕим диибин!
М а н ч а а р ы . Догорум, Хачыкаат Уйбаан, ити эппиккэр баһыыба. Кырдьык, эн илиигэр, эрчимнээх атаххар күүстээх киһи эбиккин,онон өрөҕөйүҥ үрдээн билигин тугу да этэриҥ, саҥарарыҥ көҥүл. Ол эрээри, хайабыт даҕаны эдэр дьон буолабыт, эн дьиэлээх-уоттаах киһи - уол оҕоҥ оноҕос тутарын сагына, кыыс оҕоҥ кыптыый тутарын сагына, мин эйигин кытта аны биирдэ көрсөн ити эппит тылгын ыйытыам. Ити саҥарбыт саҥаҕын өйдөтүөм!
X а ч ы к а а т . Мин да онтон киэр буолбаппын, иннибинэн туруом оччоҕо даҕаны, кэннибинэн буолуом суоҕа.
29
Сыысыгын. Барбаҕы саҥарсымаҥ, доҕоттоор. Хайаҕыт даҕаны, ордуга хоһута суох, тэҥ дьон буолуоххут. Ол оҥоруугут тус-туһунан буолан, атын-атын суолунан баран хаалбыт дьон буолбаккыт дуо! Хайаҕыт даҕаны суол суолгутун быһыта хаамсыаххыт суога, ити гэннэ тугу саҥарсаҕыт, тоҕо иирсэҕит. Ким билэр кэнэҕэһин - кэнэҕэс, хойутун-хойут хайаҕыт аата ытчаттар кэпсээннэригэр киирэр, хоһоонноругар холбонор. Ону билигин бы!1а этиэххэ түктэри. Хата дьиэлээх хотун тахсаҥҥын, бу күтүөттээх хоноһоҕун тупсартаа эрэ, эдэр дьон хоргутуһан хаалыахтара!
Б э р т М а а р ы й а (Кыыһыиаап чуулааитан тахсап кэлэн баран). Баһылай, кэпсиэ!
М а н ч а а р ы . Тогу кэпсэтээри гынныгыт? Арай эн үтүө ааккар суон сураххар кэлэбин диэн чэгиэн этим сэимэктэннэ, үтүө аатым киртийдэ!
М а а р ы й а . Кэтиэбэтэх, күүппэтэх түүҥү өттүгэр кэлэн, уолутан уһугуннартааҥын, соһуттуҥ диибин!
Манчаары. Дьон үтүө дииллэрэ кырдьык үтүө эбиккин, дьон бэрт диэн хайгыыллара кырдьык бэрт эбиккин. Аҕыс улууһу аргара сырыттым даа, сэттэ улууһу диэлийэ сырыттым даа эн курдук үчүгэй дьахтары көрбөтөҕүм. Мин эйигин атаҕастыы даа баттыы даа кэлбэтэҕим, аҥардас үтүө аатыҥ иһин ону көрө кээлтим даа санаабын ситтим. Мин даҕаны ааттаах суоллаах киһибин. Аны биһиги көрсөрбүт баһа биллибэт, онон мин биир ырыата ыллыахпын көҥүллээ.
Мин даа кэпсээн оҥосто сылдьыам оннук хотуну дьахтары кытта көрсөн баран ол курдук ыллаабытым диэн, эн даҕаны оннук киһи өлөр тыынын харыстаабакка кэлэн мийиигин көрөн баран ыллаабыт ырыата диэгиҥ!
М а а р ы й а . Чэ ыллаа, ылыҥ эрэ. ноколоор, быатын мөлтөтөн биэриҥ!
М а н ч а а р ы . (Ыллыыр). Мин, эн Халыҥ халҕаҥҥын Хааннаһарга баҕаран аспатаҕым, Суон-модун модьоҕоҕун Ороскуоттуурга оҥостоммун атыллаабатаҕым.
30
Эн Үтүө сураҕыҥ Үс- дойдуну бүрүүкээтэ, Албан аатыҥ Аҕыс улууска тарганна;
Оол иһин
Эрэйдээх эрэйин сэрэйдэҕинэ
Эйигин сэрэйиэ,
Санаалаах санаатын сабаҕалаатаҕына
Эйигин сабаҕалыа- диэн кэлбитим.
Ыалдьартан илии арахсыбатын кэриэтэ, Эрэйдээх иһиллэтэрин таптыыр, Муҥнаах муҕатыйарын таптыыр...
Хаһан эрэ мин даҕаны Орто- дойду
Дьоллоох олоҕор олорсорго, Аан -дайды
Саргытыга р дьайыҥнаһарга Күн-сирин
Күҥүл олоҕор көрүлэһэргэ Сананар баарым, Этинэр этим.
Оол, Бэйэ бэлэмнэммитин, Санаа баҕарбытын, Сүрэх сөбүлүөбүтүн Курдук буолбат эбит:
Одун - хаан оҥоһуута улахан, Чыҥыс - хаан ыйааҕа ыксары буолар эбит:
31
Үөһэ - бөҕө төлкөтө үлүгэрдээх, Аллараа - бөҕө лнабыла алдьпрхайдаах Буолар эбит.
Муҥ бөҕөнү Муннубунан булсарга Оҥоһуллубут уһун сордоох,
Санаа- баҕадьыны Санныбынан аалсарга Анаппыт айыы саҥнаах,
Эрэй диэни Эҥэрбинэн тэлэйэргэ Этиниллибит эристиин Арай мин баарбын.
Ийиэримэ дьиэни иччилээбэтэх, Аал - уокка анаппатах, Хотун ойоҕу хойноспотох, Төрөтөр оҕону төлкөлөөбөтөх, Иитэр сүө1аүнү билгэлээбэтэх Арай мин баарбын.
Орто - туруу-дьаҕыл дойду Дьоллоох олоҕуттан муммут, Атааннаах аан-дайды Саргылаах айылгытыттан маппыт. Кэрэ-дьаҕыл дайды Киэргэллээх кэскилиттэн Киэр турбут эрэйдээх Арай мин баарбын.
Ханна даҕаны Хааннаах ыт курдук атыныранар,
Туохха даҕаны Сотуун өлүү курдук сурагырар.
Сир ахсын Сидьиҥ өлүү курдук сиргэниллэр Мин баарбын.
32
Амп м.ин билигин, Орто-дойду долгунугар огустаран. Остуруок дойдуламмытым иһин.
Ама Түмэн дойду
Түн нэстигэс дьүүлүгэр түбэһэн. Түүнүктээх түрмэгэ Төлкөлөммүтүм иһин,
Ама аан-дайды Хара дьайагар хаптаран, Хайыргастаах хандалыга. Харана хаайыыга Хааттарбытым иһин. -
Мин даҕаны Өйдүүр өйдөөх, Саныыр санаалаах, Тэбэр сүрэхтээх, Ыалдьар эттээх, Айынат-хаан сиэнэ, Урааҥхай-саха Буоллаҕым дии...
Ону эһиги бэркэ кэлэйимэн-сиргэнимэҥ.
Алыс атаҕастаамаҥ.
Олус тутунумаҥ.
(Быыс туһэр)
33