Мин бүгүн иһиттим сонньуйа
Миигин сураһан уоскуйаргын,
Хаһан эрэ буолбуттан долгуйа,
Харааста миигин саныыргын...
Долгуйуу — эн олоҕуҥ баарыһа.
Доҕордуу санааҥ тыалырар,
Ханна эрэ суол тардыһар
Олоҕуҥ албын долгуна...
Оттон
Дьолу-сору тэҥҥэ үллэстэр
Дьоһун доҕоро суох дэтэр
Дьылҕам миигин соруйар, —
Дьэллик айаҥҥа ыҥырар...
Буоллун!
Кимтэн да кистээбэт,
Киэн туттан да мичийбэт
Аҥаардас мин айаммын
Олоруом — бэйэм айаммын.