Моһуоктан, эрэйтэн... (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тыал '
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Санаама: бу дьоллоох тапталбыт... (Арбита)Санаама: бу дьоллоох тапталбыт...



Тыал


Моһуоктан, эрэйтэн
Мунааран, чаҕыйан,
Кыайтарар күүскүттэн
Куттанан чугуйан –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!

Хабараан суоллартан
Хааннаргын хамсатан,
Өстөөҕүҥ атаҕар
Таҥнары хаптайан –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!

Үктэнэр сирэ суох
Үүрүллэн да баран,
Эрэйгэ, кырыыска
Этиллэн да туран –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!

Хандалы да быаҕа
Хантаччы баайыллар
Хараҥа күн кэлэн
Хаайбытын иннигэр –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!

Суола суох өлүүнэн
Өлөрүҥ да кэллэр,
Суобаскын сүтэрэн
Күөрэйиэҥ да буоллар –
Улууххах санааҕын
Ыһыктар буолумаар!


21.2.1938