Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Санаама: бу дьоллоох тапталбыт
Муҥура көстүбэт буолуо диэн.
Санаама: дьол оххо таптарбат,
Дьааһыкка даҕаны хаайтарбат,
Санаама – дууса5ын эрэйдиэҥ.
Аҕыйах да кэмҥэ буолуохтун –
Олохпут омнуну-төлөнүн,
Дьалхааннаах тапталы булуохпут,
Дарбааннаах аартыгы солуохпут:
Сир иэһэ түргэнник төлөннүн.
Тыыһынча даҕаны сылларга
Аат эрэ харата олорон
Олохтон толлорго-салларга
Эмэх мас кэриэтэ суулларга
Дьулуһа турумуох, доҕоруом.
Кынаттаах олохпут үөрүүтүн
Кылгастык билиэхпит, сэгэриэм,
Дьалхааннаах тапталбыт күүрүүтүн
Бэрт кылгас кэм саҥа көнүүтүн
Утаппыт сүрэхпит иҥэриэ.
Бу бардам сүрэхпит үөрүүтэ,
Бу дьолго, бу көргө, бу күөххэ
Суураллыа кэмнээх чаас, минуута.
Ол кэннэ кэскилбит бүтүүтэ
Туһаайан турарын өйдүөххэ.
Өйдүөххэ – биһиги ыллыкпыт
Муҥурун булларбат муҥурун,
Төһөнү биэрэллэр – ылыахпыт,
Сүрэхпит баҕатын ыллыахпыт,
Ытыахпыт мунчаарар күн муҥун.
Ытыахпыт – ол онон бүтүөҕэ
Муҥура суох муҥур дойдубут
Бу дьоло, бу көрө, бу күөҕэ.
Кэнэҕэс ыччаппыт өйдүөҕэ
Муҥурун булларбат дьол тугун.
3.2.1941
|
|