Иһинээҕитигэр көс

Орто дойду оҥоһуллуута ("Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхоттон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Аан тыл оннугар (СПА, 1967) Саха поэзиятын антологията
Орто дойду оҥоһуллуута ("Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхоттон)
Норуот
Айыы бухатыырын сирэ-дойдута ("Тойон Дьаҕарыма" олоҥхоттон)


Орто дойду оҥоһуллуута


Былыргы былдьаһыктаах дьылым
Быралыйар быраман мындаатыгар,
Урукку охсуһуулаах дьылым
Уларыйар улаҕа өттүгэр,
Алдьархайдаах ааспыт дьылым
Аҥаарыйар анараа таһаатыгар,
Орто туруу дойду
Отут биэс биис ууһа
Ол-бу улуус диэн
Иннинэн сирэйдээххэ,
Ичээҥ эттээххэ,
Икки атахтаахха
Иһиллэ илигинэ;
   Алдьархайдаах аллараа дойду
Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн үөскээбит,
Атара бэйэлээх, арбыйа тиистээх
Аатырар Арсан Дуолай аҕатын уустара,
Адаҕатын кэппитинэн төрүөбүт
Ааттаах Ала Буурай эмээхсин удьуордара
Көхсүттэн тэһииннээх,
Көрбүөччү харахтаах
Күн-айыы улууһугар
Аат ааттанан
Ахтылла илигинэ;
Үөһээ үлүскэннээх үрдүк мэҥийэ халлаан
Үөтүүлээх үрүт өттүгэр үөскээбит
Улуутуйар улуу тойон оҕонньор,
Уораан-аараан Хотун Куохтуйа икки
Отут тоҕус биистэрэ
Ол-бу бииһин ууһа диэн
Арҕаһыттан тэһииннээх
Айыы-хаан аймахтарыгар
Үөрбэ-чаҕаан тылларыгар
Үһүйээн буолан үөтүллэ илигинэ,—
     Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан
Дьураатыттан тутуллубута биллибэт,
Үс күөгэйэр күлүм күлүүһүттэн
Үктэллэнэн үөскэзбитэ көстүбэт,
Үлүгэрдээх үс ньүкэн үтүгэн
Үлүскэннээх үрүт өттүнэн
Көй-сата салгынынан көтөҕүллэн
Көтөр кыната көтүтэрэ көстүбэт,
Эргийэр иэччэҕэ эргитэрэ биллибэт,
Энэлгэннээх тойуктаах, ынчыктаах ырыалаах,
Улаҕата көстүбэт, уҥуоргута биллибэт,
Уорааннаах уораҕайдаах
Улуу байҕал уллуҥахтаах,
Оруһуоллаах уулаах
Оһоллоох Одун байҕал
Огдолуйбат олбохтоох,
Сүллэр этиҥ ньиргиэрдэммит,
Сүлүһүн илбис дугуйдаммыт
Сүҥ байҕал түгэхтэммит,
Тунаах былыт урсуннаах
Туустаах байҕал тулалаах,
Алдьархайдаах аан-өлүү аарыктаммыт
Абалаах аһыы байҕал алыннаах,
Чэлгиэн сата саатаабыт
Чэҥ муус сиксиктээх,
Кыйыра-кырылыы көтөр
Кыһыл кумах кырдайдаах,
Алтан от анньан тахсыбыт
Араҕас туой буор ардайдаах,
Үкэр күөх от үтүөхтээбит
Үрүҥ туой буор үрүттээх,
Сыралҕан куйаас сыламнаабыт
Сытар хайа сындыыстаах,
Будулҕан туман оргуйбут
Буор хайа модьоҕолоох,
Оллорута ойон тахсыбыт
Очуос таас хайа оройдоох,
Баттаатахха маталдьыйбат
Баараҕай таһаалаах,
Үктээтэххэ өҕүлдьүйбэт
Үрдүк мындаалаах,
Кэбиэлээтэххэ кэйбэлдьийбэт
Кэтит киэлилээх,
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Алта киспэлээх,
Атааннаах-мөҥүөннээх,
Айгыр-силик бэйэлээх
Араҕас айыы далбардаах,
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн
Аан-ийэ дайды диэн
Ананан-айыллан,
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах,
Уолан баранар уулаах,
Уостан эстэр уйгулаах,
Муҥ-сор суунаҕалаах,
Муур-таар бэйэкэлээх
Орто туруу дьаҕыл дойду диэн
Оҥоһуллубута эбитэ үһү...



«Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн П. А. Ойуунускай суруйбут олоҥхотуттан.