Иһинээҕитигэр көс

Оскуолаҕа (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн

Оскуолаҕа

Сэмэнчик уол
Сэллэҥнээн-лэппэҥнээн,
Ноотоҥноон-тоотоҥноон,
Норуотнай оскуолаҕа тиийдэ.

Онно,
Ыала уол ыҥырбытыгар,
Доҕоро уол угуйбутугар,
Куттана-куттана
Куйтукус гынна.

Сэрэнэ-сэрэнэ
Сэллэрис гынна.
Иһирдьэ киирдэ,
Көрүдүөргэ көһүннэ.


Сүрүн сирэйгэ