Иһинээҕитигэр көс

От-мас тыллыыта (Өксөкүлээх Өлөксөй)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Оскуолаҕа (Өксөкүлээх Өлөксөй) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өй, сүрэх икки мөккүөрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)



ОТ-МАС ТЫЛЛЫЫТА

[уларыт]

НЬУРГУҺУН

[уларыт]

Номоҕон ньуурдаах,
Ньулугур уҥуохтаах
Ньуучча кыыс оҕото
Ньургуллан турарын курдук,
Ньургуһун күөх от
Ньургуутуу үүннэ.


СИБЭККИ

[уларыт]

Кийиит дьахталлар
Киэргэл симэхтэрин кэтэн
Кэҕиһэ иһэллэрин курдук,
Кэрэ-дьикти сибэккилэр
Кэмэ суох кэчигирэстилэр.

Кыһыл-күөх таҥастаах
Кыыс дьахталлар
Кыабакаларын симэҕин
Кылыгырата иһэллэрин курдук,
Кырасыабай сибэккилэр
Кыама суох кырдьыгынастылар.

Эниэ-эниэ сирдэр,
Эҥин-эҥин буолбут
Эдэр дьахталлар
Эриэн оҕуруолаах
Этэрбэстэрин симэҕин курдук,
Эҥин-дьикти симэхтэннилэр.

Кытах-кытах сирдэр,
Кырса кыыл
Кыабакатын түүтүн курдук,
Кыһыл-күөх кырыстаннылар.

Үтүө-үтүө хонуулар,
Үүс кыыл өрөҕөтүн көрдүк,
Үчүгэй сибэккинэн
Өрүтэ астылар.


ОТ ҮҮНҮҮТЭ

[уларыт]

Талыы-талыы хадыһалар,
Таарбаҕан кыыл
Таманын курдук,
Талыы отунан
Таһымныы таҕыстылар.

Саргылаах хадыһалар,
Саарба кыыл
Самыытын түүтүн курдук,
Саарыгыран бардылар.

Дьоруо ат
Тобугунан охсуллар
Нуолур солко от
Торолуйа үүннэ.
 
Хаамыылаах ат
Харытыгар хатыллар
Хампа-ньаассын от
Хамныы таҕыста.

Сүүрүк ат
Сүһүөҕэр сөрүөстэр
Сүмэлээх күөх от
Сүүнэтийэ үүннэ.


ТАЛАХ, МАС КӨҔӨРҮҮТЭ

[уларыт]

Кэриэрэн-хатыран турбут
Кэҥкэмэлээх киҥкил хара тыа,
Киис кыыл кутуругун
Кэдирги туппут курдук,
Киистэ анньан киэркэйдэ.

Томторҕолоох күөмэйдээх,
Торумтуйбут бытыктаах,
Томороон уҥуохтаах,
Тойот-түһүмэт дьон
Толкуйдаһа туралларын курдук,
Томороон лоҥкур тиит
Тоҥон-хатан турбут бэйэтэ
Толуу-лоһуор туорахтанна,

Муоднай солкону
Мотуоктуу туппут курдук,
Моймо күөх мутукчаланна.

Иинэн-хатан турбут
Титирик-тиит мас,
Тииҥ кыыл кутуругун
Тэҥилии ыйааттаабыт курдук,
Тэтэркэй киистэлэннилэр.
Хатыран-кууран турбут
Хатыҥ мастар,
Хатын дьахталлар
Ханна эрэ бараары,
Харыһыктаах таҥастарын
Хаттанан бараннар,
Ханардаһан иһэллэрин курдук,
Харбалдьын-хампа сэбирдэхтэннилэр.

Анысханнаах тымныыга
Арҕам-тарҕам хаппыт
Адаархай талахтар
Алгыстаах таҥастанан
Айгыраһан хааллылар.

Хаар-хахсаат күҥҥэ
Хатыы-түтүү кына
Хараара хатан хаалбыт
Хара ыарҕа
Хампа-силик буолла.

Буурҕа-бурҕаат күҥҥэ
Букур-такыр буола
Буомуран турбут
Буоппал сэппэрээк
Будьуруйа көҕөрдө.

Дьэрэкээннээх этэрбэстээх
Дьэллик тоҥус оҕолоро
Дьиэрэҥкэйдэһэ иһэллэрин курдук,
Дьэрэкээн отон уктара
Дьэрэлэспит үнүгэстэннилэр.

Кыһын кыыдааныгар
Кырыа хаар анныгар
Кыранан сыппыт
Кыра от-мас
Кырасыабай өҥнөнөн
Кытыгыраһан таҕыстылар.


Сүрүн сирэйгэ