Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Копырин Н.З.) Үһүс глава. Кэнники киирбит дьүһүннээһиннэр

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Былыргыттан баар дьүһүннээһиннэр. Көмүс, тимир уо.д.а. Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Үһүс глава)
Копырин Николай Захарович
Төрдүс глава


Буурҕа, этиҥ.

[уларыт]

Былыргы фольклорга силлиэ, холорук, этиҥ тыаһа иэдээн, алдьархай иһэрин, бухатыырдар охсуһууларын биитэр айыы бухатыырын айана күүһүн, түргэнин дьүһүннүүр ньыма буолаллара. Атын ойуулааһыннарга айылҕа ити көстүүлэрэ үгүстүк туттуллубаттара. Ити көстүүлэри араас хоһуйууларга киллэрии ордук улуу Октябрьскай социалистическай революцияттан бэттэх күүһүрдэ.

Буурҕа, этиҥ үксүгэр биир ис хоһоонноох ойуулаа-һыннарга туттуллаллар, сэргэстэһэ сылдьаллар. Улуу Октябрь — аан дойдуга хаһан да буолбатах «силлиэ», «буурҕа», «холорук»: «сир ийэ үрдүнэн силлиэлээх холорук силлиэрэн-боллоорон ытыллан таҕыста» (36— 26).

Октябрь уһук Саха сиригэр эмиэ «буурҕаны», «этиҥи» туруорар: «кыраай муннук дойдуга уордаах этиҥ дарбыйда, уохтаах сата часкыйда». Оттон кылаассабай охсуһуу хабыра ааһан, эйэлээх тутуу кэмэ эргийиитэ саас кэлбитигэр, этиҥ, силлиэ кэнниттэн күн көрбүтүгэр холуллар: «уот буурҕа хонуктар оргуйан аастылар, күндэлэс сырдыктар күлүмнүү тыктылар» (32—16, 25).

Улуу революция күннэригэр төрөөбүт поэттар: «улуу Өктөөп буурҕата биһигини бигээбитэ» (4—129),— дииллэр. «Ханнык да буурҕаттан толлубат коммунист буойуттар буолуохпут» (89—424),— диэн комсомолецтар ыллыыллар.

Коммунист, революционер санаатын күүһэ, дохсуна уот буурҕаҕа холоонноох: «умайар сата-төлөн санаалаах хоодуот хорсун коммунистар». Революционер поэт ырыата-тойуга — «умайар буурҕа» (36—92, 176). Коммунистар «буурҕалаах ырыалара доргуйар», кинилэр «холоруктаах уот-буурҕа хоһоонноругар коммуна олоҕун чугдаарда туойаллар» (36—66, 79). Октябрь уһулуччулаах поэта В. В. Маяковскай «сибигинэйбитэ — силлиэ буолан сирилиир» (89—194).

Революция музыката «буурҕалыы куугунуур» (36— 45). Революционнай күүһү түмүнүү бырааһынньыга, параада «этиҥнии дарбыйар» (36—52). Саҥа олох тутуута, Стахановтыы үлэ «этиҥнии лиҥкиниир» (36— 45). Ыччаттар, комсомолецтар — «уот силлиэлэр», эргэни эһэргэ «этиҥнии сааллаллар» (32—44).

Капитализм дойдуларыгар буолар кылаас охсуһуута, революция — этиҥ, силлиэ: «Арҕааҥы бырааттар! Быыһаныы этиҥин хаппытаал халлааныҥ оройугар этитиҥ!»

Силлиэнэн, буурҕанан кырдьык, көҥүл иһин охсуһуу, революция эрэ ойууламмат, империалистар талыыр-халыыр сэриилэрэ, реакционнай күүстэр дьайыылара эмиэ көрдөрүллэр:

Арҕааттан анысхан тыал үрэр...
Үрүҥ күммүтүн өлбөөрдө.
Өһөхтөөх өһүнзн өһүрэн
Өстөөх биһиэхэ өргөйдө.

(89—152, 286) Биһиги суругунан поэзиябытыгар — айылҕа атын көстүүлэрин сэргэ — тыалы, чаҕылҕаны тыыннааҕы - сытыы, лирическэй образ оҥоруу бэрт үгүс. Тыал — күндү, истиҥ доҕор, таптыыр сүрэх аргыһа:

Өйдүүбүн сайыҥҥы күөх түүнү,
Сэбирдэх уһуктан эрэрин,
Тыаһа суох сиккиэр тыал түннүгү
Сэрэнэн сэгэтэн киирэрин...
Тыал миигин күүлэбэр күүтэрэ... (77 — 18)

Тыал арыт мэниктиир: «мэник оҕолуу көрсөн, тыал мин түөспэр кэтиллэр» (4—285). Кыһын туундара тымныы тыалын балаһата, абааһылар курдук «бэригилдьиһзллэр», киһиэхэ моһуолу оҥороллор (90—52). Оттон революция иннинээҕи хараҥа, батталлаах үйэ киһитин кулгааҕар тыал тыаһа арыт өосө ынырыктанан иһиллэр: «кыһыҥҥы кыскыйар тыал кыланар кыыдаана, кырыыр курдук, улуйан барара» (8—257).


Муора, өрүс, долгун, сүүрүк

[уларыт]

Норуот айымньытыгар муора, долгун, сүүрүк дьүһүннээһиҥҥэ аҕыйахтык кытталдара. Оттон суругунан поэзияҕа, ордук Улуу Октябрьскай социалистическай революцияттан бэттэх буурҕаны, этиҥи, чаҕылҕаны кытта уу эйгзтэ дьүһүннээһиҥҥэ бэрт үгүстүк уонна араас өрүттээхтик туттуллар буолла. Норуот олоҕор тахсар революционнай уларыйыы, хамсааһын, тосту өҕүллүү, тэтимнээх сайдыы - барыта саха советскай поэзиятыгар муора долгуна түллүүтүнэн, өрүс сүүрүгүнэн образтанар.

Батталы утары өрө турбут норуот — муора долгуна, баала: «муора баалын курдук күүрэн, модун норуот өрө турда» (83—8).

Хамначчыт өрө туруута — «халыйар сүүрүк күүһэ». Советскай былаас кыайан, биирдии ыаллар «сааскы уу дьырылыы сүүрэн, түмсэрин курдук» көхтөөхтүк, колхозка киирэллэр (89—26, 84). Россия — «сир модун өрүһэ», саха норуота — Ол өрүскэ кыттар «өҥ үрэх» (90—37).

Дьоллоох советскай олох — «өҥ үрэхтии устар», кини ханнык да хаарчахтан иҥнибэккэ иннин диэки дьулусханнык сайдыыта саас хоту дойду өрүһэ эстэригэр холоонноох. Оттон хараҥа, батталлаах үйэтээҕи олоҕу арыт змиэ өрүс уутунан дьүһүннүүллэр буолан баран, ол үөрэ-көтө, өрегөйдүү устар уу буолбатах,— «таас хапчааҥҥа ыгыллан, ытыы устар уу» (89—540).

Норуот олоҕун саамай ыарахан күннэригэр үөскүүр санаа-оноо, харах уута элбэҕэ муораҕа тэҥнэһэр.

Дойдугун, бар-дьоҥҥун, оҕоҕун
Эн, ытыы олорон, саныырыҥ,
Оччоҕо күүс ылан туорууруҥ
Ол дириҥ кутурҕан.муоратын.
(92—203)


Киһи обществотын олоҕо — муора, оттон ол муора «хаан хадьааһыннаах өлүү долгунунан. өрүтэ үллэҥниирэ» — аан дойду иккис сэриитэ (55—7).

Оттон советскай олох, үүнүү-сайдыы кэмэ — «эппэҥнии мэҥийбит оргуйар-долгуйар муора» (32—59). Ленин партията, Кыһыл Армия күүһэ-күдэҕэ «балкыырдаах байҕал баалланарын курдук» (36—42).

Революция ыччата, Ленин комсомола — «оргуйар-долгун», «чобоо долгун». Ленин үһүс сүһүөхтэрэ — эдэр пионердар «долгун курдук куугунууллар, сүүрүк кур-дук чарылыыллар» (89—23, 35, 65). Уопсайынан даҕаны айар-тутар советскай киһи олоҕо эрчимнээх сүүрүк курдук: «олоҕум түргэн сүүрүгэр оҕо саас имэ кэйэр» (23—161).

Норуот көҥүлүн иһин охсуһар чулуу дьоннор, геройдар өйдөрө, сүрэхтэрэ муоралыы долгуйар. «Дьоллоох коммунизм туругурарын туһугар, долгун курдук, дохсун буолуҥ!» — диэн поэт норуотун ыҥырар, кини сүрэҕэ түөһүгэр «тыалырбыт Лена баалыныы күүрэр» (89—20, 561). Тапталлааҕын көрбүт сүрэх, «муора курдук, эппэҥнии, долгуйа бааллырар» (92—264).

Муораны, долгуну, сүүрүгү образка киллэрии аспега улам элбээн иһэр. Билиҥҥи кэмҥэ эйэ туһугар охсуһааччылар халыҥ армиялара океан курдук баараҕай, ол иһин этэллэр: «эйэ океанын биир таммаҕа, мин» (45—121), — диэн.

Ыччат, комсомолецтар ырыалара «күүстээх сүүрүк тыаһыныы» иһиллэр, кинилэр бойобуой тойуктара «сааскы күүс сүүрүктүу кутуллар» (89—422, 423). Урут «кыһыл тыл байҕалы оломнуур» диэн буоллаҕына, билигин поэттар «тыл далай уутугар тыыланан усталлар» (4—140); кинилэр ырыалара — «сырдык үрүччэ» (32— 355), «өҥ үрэх уутунуу аллар», «көмүөлүн күөрэлиир көй күүстээх сүүрүккэ маарынныыр» (89—427). Кинилэр «туойар муоралара» — комсомол (89—72). Поэт айар ырыата, төрөөбүт Ленатын уутун курдук, бар-дьон «сүрэҕин сөруүкэтиэн», өрүс долгуннарын курдук, күүстээх-уохтаах буолуон баҕарар (55—94).

Коммунистар, саҥа олоҕу тутар советскай дьон охсуулаах үлэлэрэ муоралыы, долгуннуу «куугунуур», «барылыыр» (36—71).

Колхозтаахтар бурдуктара, отторо «күөх муоралыы, буолактарга долгуйар», кинилэр молотилкаҕа астыыр өлгөм сиэмэлэрэ «дьоллоох олох көҥүһэ» буолан сүүрүгүрэр (89— 159). Советскай куорат көй элбэх электричествотын уота эмиэ муораҕа холоонноох: «эмискэ сандааран көһүннэ аллара электро муората» (32—250).

Долгуну, сүурүгү, муораны араастаан тыыннааҕымсытан хоһуйуу фольклор айымньыларыгар суох этэ. Манна биһиги литературабыт айылҕаны кытта ыкса сибээстээҕэ, төрөөбүт айылҕа кэрэтин умсугуйуу, таптааһын, кини эҥин көстүүлэригэр киһи санаатын ис эгэлгэ оонньооһуннара тыктарыллан көстөллөр.

Сарсыарда:

Лена ыраас уутугар
Эрдэ турбут долгуттар
Сөтүөлүү, умсаахтыы
Сүүрэ көтө сырыттылар.

(55—102)

Муора сайуҥҥы туманнаах сарсыардата саҥардыы уһуктубут кырасаабыссаҕа холуйуллар:

Оронугар уһуктан баран,
Таалалаан сытар талба кыыстьы,
Муора, туман суорҕанын аһан,
Аргыый хамсыыр, арылла
сырдыыр.

(4—221)


Сулус. Кустук. Дьүкээбил уота уо. д. а.

[уларыт]

Былыргы фольклор айымньыларыгар сулус, кустук уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ бэрт аҕыйахтык киирбиттэрэ. Сулус фольклор дьүһуннээһиннэригэр үксүгэр манныктарга туттуллара: олоҥхо, остуоруйа персонажтарын айаннара түргэҕин образтаан этэргэ («сындыыс сулус сүүрүүтүн курдук «сур» гынан хаалла»), харах сытыытын көрдөрөргө («хатааһын чолбонун курдук харахтаах») уонна элбэҕи бэлиэтээн этэргэ («халлаан сулуһун курдук элбэх»).

Советскай поэзияҕа сулус образка киириитэ быдан элбээтэ уонна туттуллар аспега кэҥээтэ. Олоххо туох ыҥырар, сырдыыр, умсугутар барыта сулуһунан образтанар.

Дьол, баҕа санаа — сулус: «дьол чолбон сулуһа чоҕулус гыныаҕа!» (89—51), «ырабыт сырдык сулуһа аны да күлүмнүү турдун» (32—336). Советскай Союз — «көҥүл, дьол сулуһа» (89—222).

Москва куорат «көй сулуһа күлүмнүүр» (92—214). Революционер, ленинец «сүүрэр уот сулустуу сырдатар», эдэр пионер — «эдэр сулус» (89—71, 113).

Сиргэ үөскээбит үтүө дьоннор бары —- сулустар, оттон эн — кинилэртэн биирдэстэрэҕин: «сир ийэ — киһи халлаана, онно эн биир сулускун» (16—6).

Поэт албан аата, ырыалара — сулустар. Маяковскай албан аата: «аан дойду поэзиятын халлааныгар аралдьыйбат сулус буолан аралыйда» (89—197).

Түүҥҥү куорат электрическэй уоттара — «сиргэ түспүт сулустар» (23—94).

Сулустары бэйэлэрин араастаан хоһуйуулар эмиэ бааллар. Холобур, Чолбон — «халлаан чэлгиэн тэлгэһэтин кыһыл көмүс сэргэтэ» (13—16). Оттон хотугу булчут көрүүтүгэр сулустар субу сарт түһүөххэ айылаах «көлөһүн таммахтарыгар маарынныыллар» 34— 31).

Кустук фольклор дьүһүннээһинигэр киириитэ эмиэ сэдэх этэ. Мааны дьон солко курдара — «кустук курдук» (52—231). Олоҥхоҕо айыы бухатыырын ата «кустук курдук курбуу-дьирбии холуннаах» (39—170).

Кустук суругунан литература образтааһыннарыгар араастаан киирэр буолла. Кини, туох-ханнык иннинэ, дьахтар кэрэтин хоһуйууга туттуллар. Кыраһыабай кыыс «хаанын ырааһа халлаан кустугар, ханыылыы» көстөр (43—99). Дьахтар кэрэ суһуоҕа эмиэ кустукка ханыыланар:

Субуруйар эрэ суһуоххун
Халлааным эрэ кустугар
Ханыылыы эрэ саныыбын

(58—266)

Кыраһыабай дьахтар оҥостон, доҕорун көһүтэн олорор бэйэтэ бүтүннүү — кустук:

Субуруйар долгун
Суһуоххун тараанан,
Күлүмнүү-мичиҥнии
Күүтэн олороргун
Курбуулаах арылык
Кустукка холуйдум.

(36—198)

Сибэккилээх хонуу устун долгуһуйа хааман иһэр кэрэ кыыс — «кустук дьэрэкээнин курдук» (51—339). 117"

Кустук абстрактнай өйдөбүллэри дьүһүннүүргэ эмиэ туттуллар. Холобур, герой өлбөт-сүппэт албан аата — «кустуктуу умайар» (33—144). Советскай норуот культураҕа ситиһиилэрэ — кустуктар: «хотугу халлаан саҕаҕар культура кустуктарын түһэриэҕиҥ!» (23—69). Ырыа кэрэтэ, үчүгэйэ эмиэ кустуктаах: «кустуктаах ырыалар кубалыы дайдылар» (1—21).

Дьүкээбил уота фольклор образтааһыныгар дэлэйдик туттуллубат эбит буоллаҕына, суругунан поэзияҕа кини арыт суһуох толбоно, арыт былаат уо. д. а. буолуталыыр. Нуучча кыыһын кугас баттаҕар дьүкээбил уота оонньуур: «дьүкээбил уоттара кыыһаллар эн көмүс араҕас баттаххар» (89—300). Лена өрүс «дьүкээбил төлөнө былааттаах» эдьиий дьахтар дьүһүннэнэр (88—52).

Ардах фольклорга уус-уран тэҥнэбил быһыытынан туттуллубутун билбэппит, оттон суругунан поэзия дьүһүннээһинэ буолбут холобура элбэх. Ардах — сэрии, сэрии буулдьата: «ытаама, ийэкээниэм, ытаама, арҕааттан таҕыста уот ардах» (79—156). Аплодисмент тыаһа — ардах тыаһа: «аплодисмент астыбат ардаҕа табыгырыы тыаһыыра» (89—192). Поэт айар үлэтэ — ардах: «ньүөл былыттыы ардыаҕым күөхпүн — ырыабын үүннэрэ» (34—30).

Ардаҕы айылҕаны тыыннааҕымсытыыга уонна атын көстүүлэргэ сыһыаннаан киэргэтэн хоһуйуулар бааллар. Күһүҥҥү ардах — халлаан ытыыра:

Халлаан хара былытын
Халҕаһалаан аҕалар,
Хагдарыйар айылҕа
Хаарыан күөҕүн аһыйар
Харах уута ардаҕын
Харса суохтук халытар...

(94—91)

Сааскы ардах таммахтара— этигэн устурууналар:

Уулаах хара былыттан
Унаар күөх хочоҕо тиийэ
Сайаҕас — сайдам
Сааскы өгарөн ардах
Күлүмүрдэс
Күөх устурууналарын тардар.

(34—65)