Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Н. З. Копырин). Төрдүс глава
←Үһүс глава | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Төрдүс глава) Копырин Николай Захарович |
Бэһис глава/Бастакы кэрчик→ |
САХА ПОЭЗИЯТЫН ДЬҮҺҮННЭЭҺИННЭРИН СОРОХ УРАТЫЛАРА
[уларыт]Саха поэзиятын үгүс дьүһүннээһиннэрин атын омук дьоно сүнньүнэн өйдүөхтэрин сөп. Ол эрээри сорох дьүһүннээһини өйдүүрү ааһан, сүрэҕинэн ылынарга саха былыргы итэҕэлин, абыычайын, майгытын, былыргы легендаларын, үһүйээннэрин уонна сорох ураты поэтическай үгэстэрин, зстетическэй көрүүлэрин билиэххэ наада.
Аҕа дойду сэриитин саҕана хаан-уруу Украинаны өстөөх оккупациялааһыныттан босхолуурга саха буойуннарын ыҥыран хоһуйарыгар П. Тулааһынап бу курдук эппитэ:
- Өстөөҕү кыйдаа, өлөр, үүр,
- Эн киир бастакы кэнкэҕэ,
- Ньургун Боотур көмүскүүр
- Күндү Туйаарыматын кэриэтэ,
- Украинаны өрүһүй!
(78—179)
Оттон ыалдьыыттан, балыыһа суорҕаныгар-тэллэҕэр хам ылларыыттан буумтуйуу абатын Сем. Данилов бу курдук хоһуйар: «мин Мүлдьү Бөҕөлүү буумтуйан муҥнаҥным бу өлүү олохтуун быысаһар сиригэр» (18 — 119).
Күн улууһун дьонун көстүбэт биистэртэн көмүскүүргэ туох баар күүһүн-күдэҕин харыстаабакка охсуспут Ньургун Боотур уонна отут сааһыгар диэри босхоҥ сыппыт Мүлдьү Бөҕө тустарынан олоҥхолору билэр киһи бу хоһооннор образтааһыннарын сүрэҕинэн-быарынан ылыныахтаах, ордук үчүгэйдик өйдүөхтээх.
Итини тэҥэ Арсан Дуолай, Ап Чарай, Уот Уһутаакы уо. д. а. олоҥхо персонажтара, айыылар, иччилэр поэтическай образтааһын быһыытынан туттуллаллар. Аллараа дойдуга, Ап Салбаныкы айаҕар, Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр, Үс Ньүкэн үтүгэн түгэҕэр алдьархайдаах адьарай аймахтара олороллор диэн олоҥхоҕо этиллэр. Кинилэр аҕа баһылыктара арбаҕаһын бүрүммүтүнэн төрөөбүт, адаҕатын кзппитинэн кэлбит, арсыын тиистээх Арсан Дуолай (Буор Маҥалай) диэн аатырар. Аллараа дойду адьарайдара — орто дойду дьонун өлөр өстөөхтөрө — алдьатарталыыр эрэ адьынаттаахтар, ахса биллибэт ааһар албастаахтар, куотар кубулҕаттаахтар, туттарбытынан балыырдаахтар, көрдөрбүтүнэн мэлдьэхтээхтэр. Дьэ, ол иһин сорох поэттар айымньыларыгар немец фашистара Арсан Дуолай аймахтарыгар холуллаллар (4—388).
Аллараа дойду биир аарымата ап төрдө аатырар Алып Хара бухатыыр буолар. Кини ооҕуй оҕус бадараанныыр иһик бадылҕах дойдуга олорон, Ап Чарай оҕуур быатынан айыы бухатыырын сөрүү тардан ылан, өлүү кутатыгар батылыннарар идэлээх. Ол курдук, тоҕус халлаан үрдүгэр тура төрөөбүт Айыы Дьураҕастай бухатыыры сөрөөн өлөрөрүгэр тириэрпитин Ньургун Боотур быыһыыр. Алып Хара — өлүү луоҕатын ис кы-рыытыгар үс хос бастаах, сэттэ салаа кутуруктаах, сэттэ анньар иннэлээх, өрөҕөтүгэр аҕыс атахтаах таллан эриэн дьүһүннээх баҕадьы буолан, үс төгүл түүрүллэн, көстөр-көстүбэт гына сытар. Ап Чарай быатыгар чороччу эриллибит Айыы Дьураҕастай эмиийин кэрзтигэр диэри өрө көбөн истэҕин аайы ол күтүр өлүү дьуоҕатыгар тимиччи тардан иһэр эбит. Ньургун Боотур, эдьиийэ Айыы Умсуур удаҕан биэрбит айыы далбар кымньыы-тынан Ап Чарай быатын быһа түһэн, Айыы Дьураҕас-тайы быыһыыр. Кинилэр иккиэн көмөлөөн Алып Ха-раны өлөрөллөр. Дьэ итинтэн поэттар Ап Чарай быа-тынан дьүһүннээһини элбэхтик киллэрэллэр.
Баай баттала, хабалата — Ап Чарай быата: «бардам баай Ап Чарай илимэр иҥнэммит бакаайы кэтэрбит, бакыйан иһэрбит» (8—118).
Немец фашистарын оккупацията — Ап Чарай. кэлгиэтэ, ол кэлгиэттэн Советскай сири босхолуурга поэт буойуннары ыҥырар: «айыы аймаҕын атаҕын кыаһы-лаабыт Ап Чарай кэлгиэтин быһыта сынньаҥҥын, күн дьонун көмүскүү оҕус!»
Колониализм — Ап Чарай супту уулааһына: «Азия, Африка норуоттара, Ап Чарай супту уулаабыт кулуттара!» (8—137, 59).
Уот былыр сахаҕа олох тыына буоларын, уот иччитигэр Хатан Тэмиэрийэҕэ сүгүрүйүү олус күүстээҕин, уокка сыһыаннаах дьүһүннээһиннэр злбзхтэрин туста-рынан инники этэн турабыт. Уокка сыһыаннаан образтаан этиилэри норуот итэҕэлин билэр эрэ киһи үчүгэйдик өйдүөн сөп: «Эмиэ киэһэ эргийэн кэлэр, үөрэр Хатан Тэмиэрийэ» (23—117). Аҥардас бу этиини өйдүүргэ Хатан Тэмиэрийэ диэн кимин-тугун, киниэхэ дьон сыһыанын, кини майгытын, дьүһүнүн-бодотун, кини хаһан, тоҕо үөрэрин уо. д. а. билиэххэ наада. Оттон ону билбэт киһиэхэ бу хоһоон поэтическай алыба сүтэн хаалар.
Күнү быһа таһырдьа үлэлээн-хамсаан тоҥмут, аччыктаабыт дьон киэһэ дьиэлэригэр мусталлар, көмүлүөк оһохторун тигинэччи оттоллор, күөстэрин күөс-түүллэр: дьиэ иһэ сырдыы, саҥа-иҥэ хойдо түһэр, оһоххо толору симиллибйт хардаҕастар көхтөөхтүк умайан бачыгырыыллар,— дьэ, кырдьык оччоҕо били, үҥэр-сүк-тэр үөрүнньэҥ Хатан Тэмиэрийэлэрэ күлэн-салан алларастыырга дылы буолар.
Былыргы кэнэн саха уоту билгэ оҥосторо. Оһохтон кыым ыстанан суол ааныгар түһэрэ — «ыалдьыт кэлэрин сүрэ» диэн буолара. Ол иһин хоһооҥҥо этиллэр:
- Көмүлүөк күөдьүйэр, тыһыргыыр,
- Суол ааныгар уот ыстанар.
- Ийэм дьиибэргиир: «Ким кэллэ, тыый,
- Хара түүнү харахтанан?»
- (4—210)
Оттон тымтыгы ачаахтаан баран туорайын уматтахха, хайа диэки ыстанарынан көрөн, булт кэлэрин-кэлбэтин билгэлииллэрэ: аан дизки ыстаннаҕына — булт суох, оһох диэки ыстаннаҕына - ас кэлииһи диэн буолара. Маны «сыҥаах ойуун» диэн ааттыыллара. Ол иһин былыргы итэҕэли утаран поэт этэр:.
- Тымтык «сыҥаах ойуун» албынныыр этэ
- Күөспүт оннугар ыстанан.
- Уу оргута-оргута өр кэтэтэн,
- Кураанах кээлтэр муҥхаттан.
- (4—217)
Тыа иччитэ — Байанай үөрэри сөбүлүүр дии саныыллара. Ол иһин, кыратык да бултуйдахтарына, үөрэллэрэ-көтөллөрө. Холобур, бүүчээни өлөрөн баран, аарыма булду охторбут курдук, соруйан кыайбатаҕа буолаллар, синньигэс титиригинэн төһүүлээбитэ буола-буола, онтукаларын тоһута баттыыллар. Итинтэн «бүүчээн төһүүтүгэр дылы» диэн үгүстүк этиллэр номох үөскээбит (121—94).
Сахаҕа былыр ойууннуур идэ сайда сылдьыбытын быһыытынан ойууҥҥа сыһыаннаах этиилэр, уус-уран ойуулааһыннар үгүстэр. Ойуун биир суол соруга — араас абааһылар, куһаҕан тыыннар киһини ыарытыннаралларын, «сииллэрин» утары охсуһуу. Кини абааһылары утары охсуһарыгар кыырар. Кыырарыгар элбэх бытырыыстаах, айгырастаах халаат курдук таҥаһы кэтэр. Кини кыаһааннарыгар күһэҥэ, чыллырыыт, хобо, табытал, ойоҕос, балык тимирдэрэ диэннэр бааллар. Кыыра сылдьар ойуун күһэҥэ тимирэ быстан түстэҕинэ өлөр диэн буолара үһү. Ол иһин «күһэҥэ быата быстара буолла» диэн, алдьархай тирээтэҕинэ этиллэр тыл буолбут (22—391). «Арбаҕастаах да абыраабат, бытырыыстаах да быыһаабат буолла» диэн эмиэ ойуунтан сибээстээх, ойуун да кыайбат буолла диэн этии <50—221).
Былыргы кэпсээннэр, үһуйээннэр геройдара, сюжеттара образка киириилэрэ үгүс буолар. Былыр Мэҥэҕэ Кыычыкыын баай үлэһиттэригэр биирдэ оҕус төбөтүн буһаран сиэтиэх буолбут. Үлэһиттэр үөрсүбүттэр. Үлэ бөҕөнү үлэлээн бараннар, аччыктааннар, төбө сиэн абыраныахпыт буоллаҕа дизннэр, омурҕаннарыгар тах-сыбыттара — астара кэм да буһа илик буолар. Күнү быһа үлэлээн аччыктаан, сылайан охтон түһэллэрэ буолбутун ,кэннэ кэмниэ-кэнэҕэс кэтэтэн-кэтэтэн дьэ буспута эбитэ үһү ол кэччэгэй баай оҕуһун төбөтө. Он-тон ылата, туох кыаллыахха айылаах кыаллан биэрбэтэҕинэ, «аата, Кыычыкыын оҕуһун баһа буоллаҕа» диир буолтар (48—156). Арыт хоһооҥҥо «Кыычыкыын баһа буоллаҕай»,— диэн быһаччы эмиэ этэн кэбиһэллэр эбит: «Кыычыкыын баһа буоллаҕай, күөһү хотор!.. Эр киһи ыксыыр» (4—177).
Советскай былаас буолуон иннинэ саха обществотыгар «бастаахтар» уонна «баһа суохтар» диэннэр бааллара. Улахан мунньахтарга, түмсүүлэргэ, муҥха балыгын үллэстиигэ: «бастаахтар, бэттэх кэлиҥ», «баһа суохтар, антах туруҥ»,— диир тыллар үгүстүк иһиллэллэрэ. Маннык этиилэри оччотооҕу дьоннор бэрт үчүгэйдик өйдүүллэрэ: «бастаахтарынан» баайдар, тойоттор, нэһилиэк, улуус дуоһунастаахтара, аҕа ууһуҥ баһыльжтара аатыраллара, оттон «баһа суохтарынан» хамначчыттар, дьадаҥылар буолаллара. Ити чахчылар оччотооҕу олоҕу көрдөрөр айымньыларга кииртэлээн тураллар. В. Соловьев «Ол күн» диэн былыргы муҥ-ханы ойуулуур поэматыгар этэр: «Баҕадьылаахтар, бастаахтар мустан тураннар мунньахтаатылар» (50—-42), А. Кулаковскай баай, дьадаҥы охсуһуута күүһүрбүтүн бу курдук этэр:
- Баһаам баайдар...
- Баһа суох дьон
- Бастыҥ сиилэлэрин
- Баһыйан кэбиһэн,
- Баламат алдьархайы арыйбыттар.
- (43 — 125)
Саха оччотооҕу олоҕун билбэт киһи ити этиилэри сөптөөх быһаарыыта суох сатаан өйдүө суоҕа. Билиҥҥи -сахалар сорох образтаан этиилэр үөскээбит төрүттэрин бэйэлэрэ да билбэттэр. Холобур, «бэс ыйыгар Бээчээн муннун үлүппүтүгэр дылы», «сэттэ кэрэх этиттэн маппыт Тэлээһэйгэ дылы», «буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы» уо. д. а. хоһоонноон этиилэр аан бастаан туохтан үөскээбиттэрэ умнуллан эрэллэр. Ол да буоллар, ити этиилэр билигин даҕаны поэттар хоһуйууларыгар киирэр түбэлтэлээхтэр. Күннүк Уурастыырап «Моттойо туһунан» диэн саҥа хоһоонугар этэр:
- Ыскылаат падбаалын кэмигэр
- Ыраастыыр дьаһалы ылбакка,
- Тоҕус уон тоҕус туон хортуоппуй
- Толооҥҥо тоҥмута толооһун.
- Буруйун онуоха олоччу
- Моттойо сүгэрин сөҕөбүн.
Поэт тэрээһин мөлтөҕүттэн государствоҕа улахан ороскуот тахсарын, онуоха дьиҥнээх буруйдаах зппиэк-кэ тардыллыбакка хааларын сытыытык күлэр.
Араас үһүйээннэртэн, остуоруйалартан сибээстээх образтааһыннар эмиэ бааллар. Ыйга көстөр хара бэлиэлэр саха хараҕар аргыһаҕынан уу баһан иһэр кыыс күлүгүн курдук көстөллөр. Итинэн сибээстээн номох үөскээбит. Ол номох биир вариана маннык: бэрт былыр биир тулаайах хамначчыт кыыс, ыйдаҥа түүн күөлгэ аргыһаҕынан уу баһа киирэ сылдьан, эрэйин-муҥун чэпчэттэрээри, ыйтан көрдөспүт. Онуоха сурдээх улахан буурҕа түһэн, кыыһы ыаҕастары, аргыһахтары баҕастары олоччу көтүтэн ыйга тиэрпит. Сорохтор кинини «Ый кыыһа», «Ый иччитэ» диэн ааттыыллар. Дьэ ол иһин наука, техника дохсуннук сайдар үйэтигэр олорор поэттар халлаан,куйаарыгар тахсыахпыт, атын планеталары сиһилии чинчийиэхпит, кистэлэҥнэрин арыйыахпыт диэн хоһуйалларыгар этэллэр:
- Сотору Марска,
- Ыйга
- ыттыахпыт,
- Ыйга
- Ыаҕас сүгэһэрдээх
- Ый кыыһыгар
- тиийэммит,
- Ый кыыһыгар
- Ытыырын-соҥуурун
- ончу ууратыахпыт.
- (90—22)
Үөһэ этиллибит номоҕу билэр буоллаххына эрэ ити хоһуйууну өйдүүгүн.
Тымныы оҕуһун туһунан номоҕу инники главаҕа кэпсээн турабыт. Ол оҕус муоһа билигин даҕаны образтааһыннарга киирэ турар: «норуотум, эн айар уохтарыҥ булгу охсуоҕа тымныы да муостарын» (93— 203).
Бу образтааһын тымныы оҕуһун туһунан номоҕу билэр киһиэхэ дөбөҥнүк өйдөнүөҕэ. Манна биһиги советскай норуоппут билиҥҥи сайдыыта тыйыс айылҕа эрэйин-кыһалҕатын аччатар кыахтаммыта үчүгэйдик дьүһүннэнэр.
Тоҕо сылгы уөһэ, ынах сүөһү илин үөһээ тиистэрэ суох буолбуттарын, тоҕо элиэ кулуннуу кистиирин, тоҕо чооруос төбөтө кыһылын, оттон хаххан хара тыаҕа хараҥа түүнү харахтана сылдьарын уо. д. а. тустарынан бэрт элбэх көрдөөх-күлүүлээх кэпсээннэргэ, остуоруйаларга олоҕурбут өс хоһоонноро, образтаан этиилэр бааллар. Итинник этиилэр суругунан поэзия дьүһүннээһиннэригэр эмиэ кыбыллан киирбит буолаллар: «куһаҕан тылынан үөхсээччи куччугуй чөкчөҥө ханнаный? өрүүтүн өлөөрү куттааччы өһүргэс өгүрүө ханнаный?» (32—146); «мин сүөгэй сиэҕим...»,— диэх курдук, симиктик чыычаах ыллаата (91—34). Бу — норуот былыргыттан көтөр кынаттаах саҥатын-иҥэтин, туттар быһыытын мындырдык өйдөөн хаалбытыгар олоҕурбут этиилэр. Холобур, үгүрүө (өгүрүө) олус аҕыйах сымыыты сымыыттыыбын диэн, онтон абаран, үөһээ халлааҥҥа кыырайан тахса-тахса, сиргэ үлтү түһээри муҥнанар диэн буолар. Оттон көлүөс чыычаах сааскы сарсыардааҥы минньигэс саҥата саха киһи кулгааҕар: «мин чүөгэй чиэҕим», «Түмэпийи чиэҕим», «киһини-сүөһүнү чиэҕим»,— диир курдук көрүдьүөстүк иһиллэр.
Норуот уратылаах абыычайа, майгыта айымньыга араастаан киирбитэ элбэх буолар. Олору барытын ааҕан сиппэккин. Сыччах биир холобуру ылыаҕыҥ. Василий Соловьев «Ол күн» поэматын геройа Халлааскы Хабырылла биир сиргэ бэйэтин туһунан бу курдук этэр:
- Оҕо төрөппөккө кырдьыбыт
- Оҕонньордоох эмээхсинтэн үөскээммин,
- «Орук уола» дэтэммин,..
- Кэдэрги кэскиллэммит
- Уһун сордоох этим, оҕолоор!
- (56—36)
Бу «орук уола» диэн кимий? Маныаха оһуобай хос быһаарыы баар буоллаҕына эрэ сатанар. Тыаҕа көтөр уйатыгар майгынныыр, биир сиргэ хойуутук чохчолоспут мутуктаах тиит, бэс баар буолар. Оннук тиити, бэһи «арыктаах (оруктаах)» диэн ааттыыллар. Былыр оҕо төрөөбөт дьахтара, оннук мас анныгар, маҥан сылгы тириитин тэлгэтэн баран, ол үрдүгэр туһахталаах дьабака бэргэһэтин кэтэн, иннигэр дьэҥкир арыылаах чохоону ууран, сөһүргэстээн олорон, дойду иччитигэр ааттаан үҥэн-сүктэн, ытаан-соҥоон оҕо көрдөһөрө үһү. Бу олордоҕуна, олбоҕор ханнык эрэ үөн үөһэттэн түстэҕинэ, хап-сабар чохоолоох арыытыгар уган баран, арыыны кытта ыйыстан кэбиһиэхтээҕэ үһү. Ооҕуй түспүт буоллаҕына — кыыс оҕо сүрэ диэн буолара үһү. Арык (орук) оҕото ордуос майгылаах уонна үйэтэ кылгас буолар дииллэрэ. Итинтэн «арык оҕотугар дылы, кыра салгыны уйбакка бардаҕа» диэн тыл үөскээбит. Дьэ ол иһин, норуот ити былыргы абыычайын биллэх-иитинэ эрэ, эргэ кэм киһитэ Халлааскы Хабырылла бзйэтин кэрэгэй оҥоруутуттан кэмиринэрин өйдүөххэ сөп.
Үгүс дьүһүннээһиннэр норуот олоҕуттан-дьаһаҕыттан, ханнык айылҕалаах сиргэ олороруттан тутаахтаахтар. Былыр элбэх акка ындыы ыҥырдан үрэх бастыыр, ыраах, сындалҕаннаах сырыыга барар айанньыттар бас-такы ат кутуругун төрдүгэр үүттээх маһы баайан баран, кэлин ат тэһиинин ол үүтүнэн тартаран холбоноллоро үһү. Сис тыалар, таас хайалар кыараҕас ыллыктарынан аттар онно-манна сөрүөстүбэккэ, үтүрүспэккэ субуруһан айанныылларыгар итинник холбооттооһун табыгастаах эбит. А. Е. Кулаковскай этэринэн, саха айанньыттара өр туттубут ити үөрүйэхтэриттэн үөскээбит эбит ким кими эрэ арахсыбакка батыһа сылдьарын, кимниин эрэ куодарыһарын сиилээн «кутурук маһа буолбут» диэн образтаан этии.
«Ала кулуну төрөппүт» диэни саха тылын билбэт киһи сатаан өйдүө суоҕа. Оттон ити образтааһыч ис хоһооно түүнү быһа титйрээн утуйбатах киһини күлэн этии буолар. Түүн үлүйэн утуйбатаҕы тоҕо ала кулунунан образтаан эппиттэрэ буолуой? Ону бу курдук быһаараллар. Саха биэлэрэ саас үксүгэр күн тахсыыта төрүуллэр. Сарсыарда эрдэ, дьыбарга төрөөбүт кулун, тымныыга кырыаран, ыраахтан ала буолан көстөр. Онон бу этии змиэ норуот олоҕуттан, дьарыгыттан төрүөттээх буолан тахсар.
Уста уонна. бириэмэ ураты кээмэйдэрин туһанан хо-һуйуулары эмиэ ахтан аһарыахха сөп. Халыҥы «илии», устаны «уллуҥах», «сүөм», «харыс», былас», ырааҕы «көс», «күннүк», оттон бириэмэни «күөс быстыҥа» диэннэринэн уо. д. а. кээмэйдээһиннэр бааллар. Итинтэн «харыс хаалбыт, сүөм түспүт» диэн санаа түһүүтүн, муҥутахсыйыыны образтаан этэллэр. А. Е. Кулаковскай кыраһыабай кыыһы маннык хоҺуйар:
- Илин өттүгэр киирэн
- Икки даҕаны чааска
- Илии сыҕарыйбакка
- Истиҥнээн көрбүтүм иһин,..
- Аҥардас бэйэтиттэн.
- Алҕаһы амныаны таһаарбаппын
- Алайаана дьарылыкпыттан...
- (44—145)
«Илии» халыҥы эрэ буолбакка, бу хоһооҥҥо этиллибитин курдук, арыт устаны бэлиэтииргэ эмиэ туттуллар.
П. А. Ойуунускай «Тимир көлө» диэн хоһоонугар паровоз айанын хоһуйарыгар маннык этиилэр баал-лар: «үс күннүк сиртэн ыла үөгүтэ иһилиннэ..., сатыы күннүк сиртэн сабыта сапсыйан салгына билиннэ» (36 -165).
Күннүк сир араастаах: «ат күннүгэ»— ат биир күннээҕи ортоку айана, «сатыы күннүк» — сатыы киһи күннээҕи ортоку айана. Оттон бириэмэ кээмэйин быһаарыыга көннөрү «күөс быстыҥа» икки, «тоҥ күөс быстыҥа» икки араастаһаллар. Кэнникитэ бастакытааҕар балачча уһун кэм буолуохтаах: «Тохороон тохтообокко эрэ тоҥ күөс быстыҥа саҥарда» (56—119).
Манна Тохороон, холобурун эттэххэ, кыһын таһыттан киирбит тоҥ эт хаһан оргуйан буһуор диэри кэм устатыгар араатардаабыт (ити, а. э., чаастан ордук сыһа бириэмэ буолуохтаах).
Национальнай спортивнай оонньуулар көрүҥнэрэ — кылыы, ыстаҥа, куобах — дьүһүннээһиҥҥэ эмиэ киирэллэр. «Кырдьан баран кылыыһыт буолбут» диэн — кырдьаҕас киһи эдэр киһилии быһыытыйдаҕына этэр тыллара.
- Кырыйдарбын даҕаны,
- Кылыйыахпын баҕардым.
- Кыталыктыыр ырыаны
- Кыҥкыната атаардым.
- (86-3)
Манна поэт, сааһыран да баран айар күдэҕэ мөлтөөбөтөҕүн туһунан этэрин сахалыы дьүһүннээһин уратытын билбэт киһи кэбэҕэстик өйдүө суоҕун сөп. Оттон арыт сорох поэттар сыл уон икки ыйын куобахтаан ыстаныы уон икки туоһа диэн хоһуйаллар.
- Дьыл уон икки туоһун
- Куоһарбахтыы куобахтаан,
- Кыыралдьытан ааста быйыл
- Быһый да дьыл барахсан!
- (47 — 25)
Норуот уус-ураннык, хоһуйан этэр тыла муҥура суох элбэх, олору атын тылга биитэр уларытан, биитэр анал хос быһаарыылаан тылбаастыыллар. Кинилэри бэйэлэринэн тылбаастаатахха өйдөммөттөр.
«Баҕатаайап обургу... Тохорооҥҥо таала кырыыланан, тулутан олорпотугар тиэрпитэ» (56—9). «Таала кырыыланан» диэни, арай, нууччалыы этэр буоллар, «навострив селезенки» диэх курдук тахсыа этэ, ону нуучча киһитэ сатаан өйдүө суоҕа. Оттон сахалыытыгар буоллаҕына ити хоһуйан этии үчүгэйдик тахсар. «Тохорооҥҥо кыыһыран (абаран, өстүйэн), тулутан олорпотугар тиэрпитэ» диэбит буоллар, быдан сымсах буолуо этэ. Ити тэҥэ «быарын тарбыыр», «аллараа сыҥаах буолар», «кулгааҕар куба саахтаабыт», «бэлэһигэр биэс иннэлээх», «үүтүн тохпут оҕо курдук» эҥин диэн этиилэр бэрт элбэхтэр.
Киһи, сааһырдаҕына, злбэҕи билэн-көрөн, эрэйдэнэн, опыттанан, өйө-санаата кэҥиир, эдзрдэргэ сүбэһит-амаһыт буолар, ытьжтанар. Итинтэн «кырдьаҕастан алгыһын ыл», «кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэтиҥ» диэн өс хоһооиноро үөскээбиттэр. Иккис өс хоһооно үөскээһинэ өссө былыргы Эр Соҕотох Эллэй саҕаттан төрүттээх диэн үһүйээн баар. Эллэй Боотур Өлүөнэ сүнньүнэн хоту айанныырыгар аарыма кырдьаҕас аҕата оҕонньору, хааһахха уган баран, сүгэ сылдьан сүбэлэтэ испитэ үһү. Ити үһүйээни биллэххэ эрэ, бу аллараа күппүлүөтү өйдүөххэ сөп:
- Итиэннэ дьэ миигин, баҕар,
- Эдэрдэр хааһахха хаайдыннар.
- Ама куһаҕан буоллаҕай
- Сүбэһит-амаһыт ааттанар.
- (4—354)
Саха норуотун поэзиятыгар абстрактнай өйдөбүллэри предметтэринэн холобурдаан этииураты үгэстэрэ эмиэ баар. Бу, баҕар, абстрактнай өй сайда илигинэ үөскүүр закономерность буолуо. Ол курдук, дьол-соргу, үөрүү-өрөгөй улааппытын, үрдээбитин кээмэйин сүөһүнэн, хайанан, тиитинэн дьүһүннээн этэллэр.
Ити үгэс билиҥҥи суругунан поэзияҕа, былыргытын курдук олус хойуутук да буолбатар, туттуллар. В. Соловьев «Ол күн» поэматын геройа Кылбаанап Миитэрэй этэр: «ат таппат айыылаах аатыран... хаатырга сиригэр быраҕыллан...» (56—115). Сахаҕа элбэх кээмэйин ханнык эрэ чопчу чыыһыланан этэн кэбиһэр эмиэ ураты үгэс баар. Маннык холобуру ылыаҕыҥ: «тоҕус кубулуйбат кулугулаах, аҕыс халбарыйбат хараҕалаах, түөрт төлөрүйбэт сүдьүгэстээх түмэн бараан түүн ийэ...»
Түүнү «кулугулаах», «хараҕалаах», «сүдьүгэстээх» гына хоһуйуу, үөһэ эппит курдук, абстрактнай өйдөбүлү предметтэринэн холобурдаан этии буолар. Оттон «тоҕус», «аҕыс», «түөрт» дизн чопчу чыыһылалар «элбэх» диэн суолтаҕа туттуллубуттар. Биитэр маннык холобуру ылыаҕыҥ: «тоҕус улууһу тоторор кумалааннарын дурдата, аҕыс улууһу аһатар араҥнарын аҕата, сэт-гэ улууһу иитэр иринньэхтэрин ийэтэ буол! (44—93, 95). Манна «тоҕус улуус», «аҕыс улуус», «сэттэ улуус» диэннэр «үгүс улуус» эрэ диэн суолталаахтар. Онон, үөһэ аҕалбыт холобурбут элбэх улуус кыратын-кыамматын көрөр-харайар киһи буол диир ис хоһоонноох. Элбэх кээмэйин чопчу чыыһыланан этэр үгэс сороҕор тылы тылга, дорҕоону дорҕооҥҥо дьүөрэлиир баҕаттан үөскээбит буолуон сөп.
Уонна 3, 7, 8, 9 саха поэзиятыгар элбэхтик туттуллар ытык ахсааннар буолаллар. Сорохтор 7, 8, 9 чыыһылалары туттуу бастаан үөскээбит төрдө түбэһиэхчэ, тылы дьүөрэлииргэ эрэ буолбатаҕа буолуо диэн суруйаллар. Ол курдук, саха ырыатыгар уонна олоҥхоҕо «аҕыс иилээх-саҕалаах аан дайды» диэн этии былыргыттан киһи аймах саҕах өттүлэрин (туһаайыыларын) туһунан өйдөбүлүттэн тахсыбытын сабаҕалыыллар эбит (53—115).
Оттон «сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ» диэн өс хоһооно туохтан үөскээбитэ буолуой? Тоҕо чолчу «сэттэ» буолла, тыл дьүөрэтигэр эрэ дуо? Маны топонимиканан дьарыктанар М. С. Иванов, былыргыны билэр кырдьаҕастар этиилэригэр олоҕуран, бу курдук тойоннуур. Былыр сахаларга «ынах сэттэтэ» диэн халыым баара үһү. Уол дьоно кыыс дьонугар сэттэ сүөһүнэн (биир оҕус, биир ат, биир көннөрү сылгы, түөрт ынах) халыым төлүүллэр. Итинтэн былыргы дьон: «Бэйи, доҕор, ити киһини сэнээмэ. Кыыстааххын буолбат дуо, кини уоллаах. Улаханнык сананыма эрэ, аны сэттэҕин (а. э. халыымҥын), киниттэн ыла сылдьаайаҕын»,— диэн этиһиилэрэ үөскээбит (28—109).
Ханнык эрэ чопчу чыыһыланы «элбэх» дизн суолталаах тылы дьүөрэлииргэ туттуу эмиэ үгүс: «аҕыс салаалаах ача күөх от, үс салаалаах үкэр күөх от, тоҕус салаалаах локуора күөх от, сэттэ салаалаах бэттиэмэ күөх от» (52—22). П. А. Ойуунускай биир хоһоонугар «үс саха үөскүөҕэ, үүнүөҕэ-үрдүөҕэ» (36—208) диэһинэ «элбэх саха», «саха норуота бүтүннүүтэ» диэн суолталаах.