Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Н. З. Копырин). Бэһис глава/1 кэрчик

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Төрдүс глава Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бэһис глава)
Копырин Николай Захарович
2 кэрчик


Бэһис глава

САХА ПОЭЗИЯТЫН ДЬҮҺҮННҮҮР НЬЫМАЛАРЫН САЙДЫЫТА

[уларыт]

Саха тылынан айымньыта баайын, күүстээх уус-уран образтардааҕын туһунан чинчийээччилэр үгүстүк суруйаллар.

«Олоҥхо дьикти кэрэ поэзиятын туһунан кэпсииртэн сылайыа суох курдукпун»,— диир саха тылын, фольклорун үөрэппит С. В. Ястремскай (156—9). «Сахаларга дьиҥнээх ырыалар да, дьиҥнээх ырыаһыттар да бааллар», кинилэр «ыллааһыннарын ньымата олус ураты уонна Европа киэниттэн букатын атын»,— диэбитэ этнограф, суруйааччы В. Л. Серошевскай (140— 590). «Киһи сүрэҕин иэйиитэ араастаан да этиллэр эбээт!..», «Сахалар кэрэтик хоһуйарга, биһиги өйдүүр-бүтүнэн буолбатаҕын да иһин, улахан дьоҕурдаах дьон»,— диэн суруйар В. Г. Короленко (29—42, 299).

Кини этэринэн, саха ырыата, «Эол арфатын курдук», хас тыал сиккирээһинигэр, тыйыс айылҕа хас хамсааһыныгар, тулалыыр олох хас ибир гыныытыгар — барытыгар улгумнук хоруидуу охсон, дуораһыйан, төрөөн-үөскээн тахсар «туох эрэ туспалаах сааһыланыылаах», «эмиэ бэйэтин туһугар кэрэлээх» ырыа. Саха ырыата тулалаан турар айылҕаны, норуот олоҕун-дьаһаҕын кытта дьикти сөптүк дьүөрэлэһэрин уонна тутатына үөскүүр санааны ураннык биэрэрин Короленко таба бэлиэтээбитэ (29—42, 299).

Сахалар төрүттэрэ соҕурууттан илдьэ кэлбит культуралара Лена сүнньүгэр сөп түбэһэрдии хайдах уларыйан испитин биһиги билигин чуолкайдык билбэппит.

Сахалар тустарынан бастакы сибидиэнньэлэр аан бастаан нууччалар кэлиэхтэриттэн (XVII үйэ 30-с сылларыттан) эрэ бэттэх сурукка киирэн испиттэр. Оттон сахалар бэйэлэрин тылынан айымньылара ааспыт үйэттэн эрэ ыла сурукка бэлиэтэнэр буолбут.

Сахалар культуралара бэрт былыргы түүр төрүттээҕэ кинилэр бүгүҥҥү саҥарар тылларыгар, образтаан, хоһуйан этиилэригэр элбэхтик көстөр. Советскай тюрколог И. В. Стеблева поэтическай айымньылар диэн дакаастыыр тыһыынча сыл быдан анараа өттүнээҕи тааска суруллубут Орхон памятниктарыгар биһиги бүгүҥҥү хоһуйууларбытыгар киһи сөҕүөн курдук майгынныыр этиилэр бааллар эбит.

Кюль-Тегин мэҥэ тааһын улахан суругар «бастааҕы хоҥкуппуттар, сүһүөхтээҕи сүгүрүппүттэр» (Башлыҕыҕ йүкүнтүрмис тизлигиг сөкүрмис) диэн хас да сиргэ этиллэр. Ити этии сороҕор «сүһүөхтээҕи...» диэн саҕаланардаах эбит (3—72, 78, 80). Оттон биһиэхэ «хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн», эбэтэр «сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан» диэн үгүстүк этиллэрин билэбит.

Кюль-Тегин уонна Тоньюкук мэҥэ таастарын суруктарыгар маннык эриэкэс этиилэр эмиэ бааллар: «түүр норуотун иһин түүн утуйбатым, күнүс олорботум» (Түрк будун үчүн түн удымадым күнтүз олурмадым); «түүн утуйуом кэлбэтэ, күнүс олоруом кэлбэтэ» (түн удысыхым кэлмэди күнтүз олурсыхым кэлмэди); «түүн эмиэ уум кэлбэт этэ, олоруом кэлбэт этэ» (түн йэмэ удысыхым кэлмэз эрти олурсыхым кэлмэз эрти); «түүн утуйбакка, күнүс олорбокко» (түн удыматы күн-түз олурматы) (3—84, 100, 104, 113).

Биһиги күүскэ үлэлээһини-хамсааһыны, сырыыны сылдьыыны күн бүгүн даҕаны ити курдук этэ сылдьабыт. Үөһэ аҕалыллыбыт хоһуйан этиилэр быдан былыргы кэмтэн билиҥҥээҥэ диэри тас эрэ формаларын буолбакка, ис хоһооннорун кытта уларыппакка кэлбиттэрин киһи бэркиһизн эрэ сөп. Өссө төһө элбэх итинник ситимнэспит бөлөх тыллар оччоттон баччаҕа тиийэн кэлбиттэрэ буолуой?!

Аҥардас Кюль-Тегин уонна Тоньюкук мэҥэ таастарыттан биһиги бүгүҥҥү саҥарар тылбытыгар, дьүһүйүулэрбитигэр майгынныыр этиилэри элбэҕи булуохха сөп.

«Кэрэ дьаҕыл дайды», «орто курбуу-дьаҕыл дайды» дэнэр саха фольклоругар. Оттон Орхон суругар «аллараа дьаҕыл сир» (Асра йаҕыз йир) айыллыбытын туһунан этиллэр. Ол аата, аан дойдуну оччоттон (эбэтэр ол анараа өттүттэн) ыла сылгы дьүһүнүнэн хоһуйан этэр буолтар эбит. Былыргы түүрдэргэ дьаҕыллаах сылгы элбэҕэ биллэр. «Кюль-Тегин кыра дьаҕылын миинэн» (Күл Тигин Аз йаҕызын бинип) сэриилэһэрин туһунан эмиэ суруллубут (3—71).

Өссө маннык этиилэри ылыаҕыҥ: «суох-дьадаҥы»— йох чыҕань, «сирэ-уута»— йир суб, «хааныҥ уу курдук сүүрүгүрбүтэ» — ханыҥ субча йүгүрти, «уокка-ууга түһэрбэтим» —!ОТ суб хылмадым, «өлө-сүтэ» — өлү йиту, «үлэтин-күүһүн биэрэн» — исиг кучиг бирур, «хара норуот» — хара будун, «кыһыл хааным тоҕунна, хара көлөһүнүм сүүрдэ»— хызыл ханьгм төкти хара тэрим йүгүрти (3—69, 80, 82, 84, 85, 89, 115) уо. д. а. Бу этиилэр биһиэхэ оччо-бачча уларыйбакка билигин да туттулла сылдьаллар.

Оттон «дьадаҥы норуоту баай гынным, аҕыйах норуоту үгүс гынным» (Чыҕань будуныҕ бай хылтым аз будуныҕ үкүш хылтым), «үөһэ халлаан баттаабатар, аллара сир тэллибэтэр» (үзэ тэҥри басмасар асра йир тэлинмэсэр), «иһигэр аһа суох, таһыгар таҥаһа суох» (ичрэ ашсыз ташра тонсыз), «халлаан-сир булкуллубутун иһин» (тэҥри йир булҕахын үчүн), «көрөр хараҕым көрбөт тэҥэ» (көрүр көзим көрмэз тэг), «өстөөх-төрбүт төгүрүйэ сиэмэх көтөрдөр курдук этилэр, биһиги сиэҥ этибит» (йаҕымыз тэгирэ учух тэг эрти, биз шэг эртимиз), «синньигэс эрдэҕи (синньигэһинэн) быһа тардар чэпчэки» (йинчгэ эриклиг үзгэли учуз) (3— 70, 81, 83, 91, 94, 99, 101) уо. д. а. этиилэр саха дьүһүннээһинигэр эмиэ чугастар.

Былыргы тюүүрдэр «өлбүт» диэни тэгилитэн «көтөн барбыт» (3—78), «арахпыт», «барбыт» дииллэр эбит. «Сылгы сүөһүм, ынах сүөһүм» диэни «үрүҥүм, харам» (өрүҥүм харам) (143—98, 100, 101) дииллэр эбит. Оттон биһиэхэ «үрүҥ сүүрүгүм, хара сүүрүгүм» дэнэр.

Былыргы тюрк үйэтинээҕи киһи уҥуоҕун биир тааһыгар маннык тыллары ааҕабыт: «Эһигиттэн, мин бэйэлээх бэйэм көмүс норуоппуттан (күмүш будунум),—-о муҥум!—араҕыстым» (143—99). Ити аата, туох үчүгэйи, кэрэни, күндүнү, сыаналааҕы барытын оччоттон көмүскэ тэҥнииллэр, «көмүс» диэн эпитет үгүстүк туттуллар эбит.

«Хой баһа тыл», «Хоро тойуга», «тараан буолан тар-ҕаммыт», «хахай бодотугар түспүт», «тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук» уо. д. а. өс хоһоонноро былыр, сахалар төрүттэрэ өссө соҕуруу олорор эрдэхтэринэ, үөскээбит буолуохтара диэн сабаҕаланар.

Саха сорох өһүн хоһоонноро атын түүр, монгол норуоттар «иэннэриниин сөп түбэһэллэрэ биитэр майгыннаһаллара эмиэ биллэр. Холобур, түүрдэр биир эрдэтээҕи (XI үйэтээҕи) суруктарын памятнигынан аатырар Махмуд Кашгарскай «Дивану Луҕат-ит-турк» диэн кинигэтигэр «курҕак касык ауыз жартар» (сухая ложка рот дерет), «алдырҕан анасыныҥ койнын ашар» (потерявший ищет и в пазухе своей матери), «Куш аласы ташында, киши аласы ичиндэ» (пестрота утки снаружи, пестрота человека внутри) диэн өс хоһоонноро киирбиттэрин, итилэр «кураанах хамыйах айахха баппат», «сүтүктээх сүүс айыылаах: ийэтин да хоон-ньун хаһан көрүөҕэ», «көтөр эриэнэ таһыгар, киһи эриэ-нэ иһигэр» диэн саха өһүн хоһоонноругар сөп түбэһэллэрин фольклористар бэлиэтииллэр.

Шордарга «ат кистэс танузар, кизи эрбэктэс танузар» (кони знают друг друга по ржанию, люди знакомятся разговаривая друг с другом), «йахсу атха пир хамзу, йахсу кизэ пир сез» (хорошему коню одна плеть, хорошему человеку одно слово) диэн өс хоһоонноро баар буоллаҕына, сахаларга «сылгы кистэһэн билсэр, киһи кэпсэтэн билсэр», «үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах» диэннэр бааллар.

«Бил балык баһыттан сытыйбытыгар дылы», «балык уу дириҥин былдьаһар, киһи күн үтүөтүн батыһар», «ыт тииһиттэн ыт өлбөт», «суор хараҕын суор оҥпот» диэннэр туроктарга, татаардарга бааллар эбит. «Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар», «оннооҕор үүнэр от-мас үрдүктээх-намыһахтаах», «төрүү илик оҕоҕо биһик оҥорбукка дылы» диэн саха өһүн хоһоонноругар майгынныыр буряттарга эмиэ баар эбит (118—34, 37). Итинтэн да атын бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһар, биир төрүттээх өс хоһооннорун, тэҥнэбиллэри уо. д. а. хоһуйуулары билиҥҥи түүр, монгол омуктарга элбэҕи булуохха сөп буолуо.

Кюль-Тегин, Бильге-Каган, Тоньюкук тустарынан мэҥэ тааска суруллубут суруктар ис хоһооннорун, композиция, ритм, рифма, дорҕоон өттүнэн дьүөрэлэһиилэрин, стиллэрин, сорох образтыыр ньымаларын ырытан баран, И. В. Стеблева бу «үрдүк уус-уран таһымнаах поэтическай айымньылар эбиттэр», балары «историческай-героическай поэмалар курдук сыаналыахха сөп» диэн түмүк оҥорор уонна хоһооннор тутуллара билиҥҥи тюркскай норуоттар, ордук тува, хакас, саха героическай эпостарын хоһооннорун тутулугар чугастарын бэлиэтиир (143—61, 64).

Былыргы дьүһүннээһиннэр сорохторо умнуллубуттара, сорохторо уларыйбыттара-тэлэрийбиттэрэ буолуо. Сир-дойду, олох усулуобуйалара уларыйыылара хоһуйан этэр үөрүйзххэ даҕаны уларыйыылары киллэрэн истэҕэ. Норуот уус-уран поэтическай дьүһүннээһинэ быыстала суох байар, кэҥиир, сайдар.

Бу Киин Азия стептэрин диэки үөскээбит, бу тыа зонатыгар, Ленаҕа үөскээбит дьүһүннээһиннэр диэн тус-туспа долбуурга уурталыыр кыаллыбат. Ол эрзэ-ри сорох-сорох дьүһүннээһиннэр хаһан, ханна үөскээ-биттэрин, хайдах уларыйбыттарын быһаара сатыыр көдьүүстээх буолуон сөп.

Былыргы тюркдар тааска суруктарыгар баар «үрүҥ көмүс» (өрүҥ күмүш), «хара саарба» (хара киш), «күөх тииҥ» (көк тэиҥ), «кыһыл хаан» (хызыл хан), «хара көлөһүн» (хара тэр), «мэҥэ таас» (бэнгү" таш), «көрөр хараҕым» (көрүр көзүм) диэн этиилэргэ баар уларыйбат эпитеттэр сахаҕа күн бүгүн даҕаны туттулла сылдьаллар. Билге-каган памятнигар баар «харах көрбөтөх, кулгаах истибэтэх» (көзүн көрмэдүк хулха-гун эсидмэдүк) (143—44, 46) диэн этии даҕаны би-һиэхэ сылдьар. Арай, арыт өссө уустугурдан, «хара ха-рах көрбөтөх, хаптаҕай кулгаах истибэтэх» диэн этэр түбэлтэлэр бааллар.

Сорох былыргы дьүһүннээһиннэр кэлин ордук уус-тугуран испит курдуктар. Урут «дьаҕыл сир» (йаҕыз йир) диэн холобурга аҕалбыппыт. Сахалар ити дьүһүннээһини уларытан (сайыннаран) «кэрэ дьаҕыл дайды», «орто курбуу дьаҕыл дайды» дииллэрин туһунан эппиппит. Ити тэҥэ «үрүҥүм, харам» (өрүҥүм харам) диэни «үрүҥ сүүрүгүм, хара сүүрүгүм» эбэтэр «үрүҥ түүлээҕим, хара түүлээҕим» диэн хоһуйан этэр буолбуттар.

Итэҕэли, айыыны, иччини кытта ситимнээх дьүһүннээһиннэр былыр үөскээбиттэрэ саарбаҕа суох. Холобур, Үрүҥ айыылар, Чыҥыс, Одун, Дьылҕа хааннар, Аар кудук (Луук) мас, Кыдай (Кудай, Кытай) Бахсы уус, о. д. а. образтара, Бар кыыл, халлаан Хардай кыыла, Луо балык уо. д. а мифологическай харамайдар, тэбиэн, хой, кулан курдук, степь кыылларыгар сыһыаннаах образтар эмиэ Киин Азия диэкиттэн кэлбиттэрэ буолуо.

Оттон булт таҥарата, «тыа иччитэ»— Байанай, киниэхэ сыһыаннаах образтар тыа зонатыгар олохсуйбут кэннэ үөскээбиттэрэ буолуо суоҕа дуо? Тыа иччитэ кыырыктыйбыт хойуу баттахтаах, бытыктаах, баһыттан атаҕар диэри түүлэзх таҥастаах, мэлдьи алларастыы, күлэн-салан күһүгүрүү сылдьар майгылаах, эвенк-саха оҕонньорун икки ардыларынан көрүҥнээх. Кини арыт түөһүгэр «түһүлүк» диэн бэриэнньик курдугу кэтэ сылдьар уонна таба көлөлөөх буолар эбит. Онон сахалар тыа иччитин эвенкилэртэн ылбыттар диэбэппит буолан баран, кини тас көрүҥүн ойуулааһыҥҥа эвенкилэр сабыдыаллара баар быһыылаах.

Оттон Дьыл оҕуһа Саха сирин кыһынын амырыын тымныыта үөскэппит сүдү мифологическай обраһа буолар. Уордаах уһун кыһын, тоҕо, холобур, атынан (атыырынан) буолбакка, суостаах-суодаллаах оҕуһунан образтаммыта буолуой? Сахаҕа бэрт былыргыттан сылгыны айыы сүөһүтүнэн ааттыыр, кинини туой үчүгэйи образтааһыҥҥа туттар үөрүйэх үөскээбитэ. Оттон былыргы итэҕэлинэн ынах сүөһүнү абааһылар эмиэ сүөһүлэнэллэр, абааһылар арыт оҕус келөлөнөллөр. Онон, оҕус, арыт, куһаҕаны дьүһүннээһиҥҥэ туттулларын быһыытынан, тымныыны, кыһыны иччи оҥорон, тыыннааҕымсытан көрдөрөргө туһаныллыбыт буолуон сөп.

Сахалар төрүттэрэ соҕурууттан илдьэ кэлбит духовнай баайдара, олохтоох усулуобуйаҕа сөп түбэһиннэриллэн, сыыйа уларыйан-тэлэрийэн, кэлин, дьон билиэҕиттэн (сурукка бэлиэтэниэҕиттэн) ылатааҕыта бүтүннүү сүнньүнэн Лена эйгэтигэр үөскээбит культура буолан тахсар.

Фольклор дьүһүннээһинигэр Саха сирин айылҕата, үүнээйитэ, кыыла-сүөлэ, көтөрө-сүүрэрэ бэрт элбэхтик кыттар. Үүнээйилэртэн дьүһүннээһиҥҥэ үгүстүк киирэллэр: тиит, хатыҥ, талах, үкэр, ача, ньургуһун.

Дьиэ сүөһүтүттэн образка ордук элбэхтик туттуллар: ат, сылгы. Ынах сүөһү да образтанар буолан баран, сылгыга тиийбэт уонна, эппит курдук, арыт куһаҕаны дьүһүннүүргэ эмиэ туттуллар.

Тыа кыылларыттан ордук хото киирэллэр: саһыл, саарба (киис), бэдэр, буобура, тииҥ, кырынаас, эһэ, бөрө, тайах, таба.

Көтөрдөртөн — кыталык, туруйа, хаас, орулуос, көҕөн, чөркей, чөкчөҥө, кэҕэ, күөрэгэй, туллук, чооруос, кыырт, мохооҕол, хотой, улардар, киргил, тоҥсоҕой, суор.

Балыктан — бил, сыалыһар, сордоҥ, собо, мунду, ылбай. Үөннэртэн-көйүүрдэртэн, кыра харамайдартан — үрүмэччи, бырдах, сахсырҕа, ооҕуй, кымырдаҕас, баҕа, чоху, тыймыыт, кутуйах. Үрүмэччиттэн уратылара, үксүгэр куһаҕаны дьүһүннүүргэ киирсэллэр («быралый-быты бырдах сиир», «сахсырҕа курдук сааҕынас саҥалаах»,- «баҕа аттаммытыгар дылы»).

Ити үүнээйилэр, харамайдар, үйэлэр тухары тыл хоһоонугар киирзннэр, биирдиилэрэ ханнык эрэ көстүүнү өйдөтөр, дьүһүннээн көрдөрөр ис хоһоонноммуттар. Холобур, тиит мастары эр дьоннорго, хатыҥнары дьахталларга тэҥниир үгэс үөскээбит. «Тойон-түһүмэт дьон тугу эрэ толкуйдуу тоҕуоруһан туралларын курдук,... толуу тиитмас тулааһыннаах» (31 —14); «хотун дьахтар аймах киэргэнэн туралларын курдук, арыы хатыҥ саҕалардаах» (52—206).

Итини сэргэ кыргыттары кыталыктарга, уолаттары туруйаларга тэҥниир үгэс баар. «Тоҕус субан туруйа курдук уолаттар, аҕыс тыһы кыталык курдук кыргыттар» (22—82).

Саха обществота элбэх социальнай араҥаҕа хайдыбатаҕын быһыытынан, дьон дьүһүннээһиҥҥэ идэлэринэн, дьарыктарынан киириилэрэ аҕыйах. Ол оннугар киһи эр киһитэ, дьахтара, эдэрэ, кырдьаҕаһа уонна киһи тус-туспа миэстэлэрэ — төбөтө, хараҕа, мунна, айаҕа, тииһэ, тыла, кулгааҕа, илиитэ, атаҕа, көхсө, сүрэҕэ, быара, уо. д. а. — бэрт элбэх дьүһүннээһиҥҥэ кытталлар («саар дьахтар саҕа сабаҕа былас саргы», «кыыһыҥ алдьанна», «оҕотугар түспүт», «үтүө киһи хараҕа үс», «хараҕын уутун сотунна», «булбута эрэ муннугар», «айаҕын ииттэр», «тиис-тыҥырах тиийиэҕинэн», «көҥдөй көҕүс», «тиийбэт тирии, тарпат тараһа», «иһэ тымныйар», «таала кырыыланар», «сүрэҕин быата уһун», «тылын минньитэр» уо. д. а.).

Дьүһүннээһиҥҥэ харах, тиис эрэ буолбакка, «харах уута», «харах харата», «харах дьүккэтэ», «тиис билэтэ (миилэтэ)» диэн быьгччыктар эмиэ кытталлар. Элбэхтик ытыыр-соҥуур, аһыы аһыйар киһи — «хараҕын уутунан суунар», «хараҕын уутугар мунар», оттон улахан аһыы, сүтүк кэнниттэн, ону толуйар көһүннэҕинэ, «хараҕын уутун сотунна» диэн этиллэр. Саамай харыстыыры, таптыыры «көрдөр хараҕым двүккэтэ, көтүрдэр тииһим миилэтэ (билэтэ)» дииллэр. Ойуунускай олоҥхотугар Айыҥа Сиэр тойон баар-суох уоллаах кыыһын иккиэннэрин Орто дойдуга олохтуу ыытарыгар этэр: «Үрүҥ Уолан оҕобун аҕыс былас суһуохтаах Айталыын Куо аҕаһын кытта — икки көрөр хараҕым дьүккэтин, икки көтүрдэр тииһим билэтин иккиэннэрин бииргэ киллэрэбин...» (39—140).

Илии образка олус элбэхтик киирэр, олортон сорох холобурдары, кинилэр туох суолтаҕа туттуллалларын көрүөҕүҥ: «суут (ыраахтааҕы, таҥара) илиитэ уһун»— кинилэр кыахтарын, тугу да куоттарбаттарын туһунан; «аҕабыт илиитэ тордуохтаах» — кини иҥсэлээх, бэригимсэх; «икки илиилээх (уус)» — киһини кимиттэн көрөн, биитэр үчүгэй, биитэр куһаҕан гына оҥорор үгэстээх; «икки илиитинэн» — үөрүүнү кытта; «илиигэ киирбит»— бэйэтин кыаммат буола ыалдьыбыт; «илиигэр ыл»— салай, баһылаа-көһүлээ; «илиитин иһигэр баар» — кыаҕын иһигэр баар, таптаабытынан дьаһайар кыахтаах; «илиитин көтөхпүт» — охсубут (ытыктыыр, сөбүлүүр, таптыыр киһитин); «илиитин сотунна» — барытыттан матта, эһиннэ; «илиитин хааннаата» — бултуйда, бастакы булдун өлөрдө; «илиитинэн киирэр» — кырбаары гынар; «илии туппах» — ыйытыыта суох барыны бары ылар; «илиитэ сыстар» — сатыыр, үөрүйэхтэнэр.

Арыт илии атаҕы кытта холбуу образка туттуллар түбэлтэлэрдээх: «илии-атах буол» — көмө-ама буол; «илии-атах салас» — туһаныс, тииһин; «илиитин-атаҕын кэтэс» — тугу эмэ биэрэрин кэтэс; «илиитэ-атаҕа барбат» — ымсыыта-баҕата суох оҥорор; «илиитэ-атаҕа суох буолар» — кыайбат-хоппот, сатаабат буолан хаалар.

Дьүһүннээһиҥҥэ быар үгүстүк туттуллуута, сүрэҕи кытта холбуу сылдьыыта сахалар хоһуйан этиилэрин биир суол уратыта быһыылаах. «Быарын тарбыыр» (күлүү гынар), «быара манньыйар» (аһынар), «быар-быһаҕас» (ыарыһах), «сүрэҕи-быары сымнат» (уоскут, манньыт, санааны көтөх), «сүрэҕи-быары ортотунан киирэр» (сөбүлэтэр, таптатар), «сүрэҕэ-быара бөҕөх» (бүтэйдии эрэнэр), «сүрэх-быар ыарыыта» (ааспат санаа-оноо) уо. д. а. «Нохтолоох тойон долуо сүрэх», «хайҕахтаах хара быар» дизнҥэр сахалыы хоһуйууга үгүстүк көрсүллэллэр. Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» диэн олоҥхотугар Аал-Луук мас Орто дойду «сүрэҕэ» да «быара» да иккиэннэрэ тэҥҥэ буолар: «орто туруу дойду киэнэ нохтолоох сүрэҕэ буолан соҕотохтуу туругурбут, аан ийэ дайды киэнэ хайҕахтаах быара буолан аҥардастыы айыллыбыт, аҕыс салаалаах Аал-Луук мас» (31 —17). Манна «сүрэҕинэн», «быарынан» Аал-Луук мас сир-дойду, тыынар тыыннаах тутааҕа буолара образтанар.

Норуат бэйэтин таҥнар таҥаһа, туттар сэбэ-сэбиргэлэ, аһыыр аһа дьүһүннээһиҥҥз эмиэ дэлэйдик кыттар. Олус өһөс, хадаар быһыы, эппити үрүтүн үөһэ этэ туруу «кэлии да соҕох» дэнэр; оттон сыыһа буоллун, таба буоллун, куруук биири талкыйыы — «кэлиилии кэбии»; мэһэйдэтэр, сөбүлээбэт, өстүйэр — «сыарҕатын сыҥааҕа иҥнэр» диэн буолаллар.

Олоҥхоҕо абааһылар олорор аллараа дойдулара — «барбатах балык минин курдук бадыа-бүдүө, буспатах мунду минин курдук борук-сорук дойду». Олоҥхо бухатыырын хараҕа арыт «хатааһын чолбонугар», арыт «үүн тиэрбэһигэр» холуллар. Ньургун Боотур «эрэдэһиннээх үүн тиэрбэһин курдук эрилкэй харахтаах».

Харах уотун сытыыта, күүһэ туохха холоноруй? Прожекторы, электротехниканы билбэт былыргы сахалар кинини ат өргөнүнэн дьүһүннүүллэр. Далан өксөкүгэ кубулуйбут Айыы Умсуур удаҕан «үс үөстээх ат өргөнүн курдук хараҕын уота абааһы уолун икки чараас саннын хараҕынан дьөлө көрдө» дэнэр «Ньургун Боотур» олоҥхоҕо (22—150).

Аан дойду, сир-халлаан бүтүннүүтэ долгуйуута тордуйалаах биитэр атыйахтаах уу хамсааһыныгар холуллар. Абааһы уола орто дойду маанылаах кыыһын Айталыын Куону уоран барыытыгар «үрдүк халлаан тордуйалаах уу курдук долгуйар», оттон Ньургун Боотур абаран-сатаран хаһыытаабытыгар «аан дойду атыйахтаах уу курдук хамсыыр».

Сир-халлаан бүтүннүүтэ долгуйуутун баара суоҕа атыйахтаах биитэр тордуйалаах уу хамсаабытыгар холуйуу төттөрү гипербола (литота) ньымата буолар. Итинйик стилиотическэй ньыма саха норуотун тылынан айымньытыгар элбэх. Ол курдук, киһи аймах бүтүннүүтэ долгуйан хамсааһынын аһыыр аһынан образтаан көрдөрүллэр («икки атахтаах бииһин ууһа кымыс хойуутун курдук кырылыы кыынньар, үүт күүгэнин курдук күрүлүү үллэр»).

Былыргы сахалар мировоззрениеларынан сир уонна халлаан баранар уһуктаахтар: сир халлаан диэки өрө кэдэрийэн тахсар, оттон халлаан сир диэки таҥнары намылыйан түһэр, кинилэр тиксиһэр сирдэринэн бэйэ-бэйэлэрин аалса тураллар. Маны ырыаһыттар хайыһарынан, сири иһитинэн, тириинэн уо. д. а. дьүһүннүүллэр. «Кулун Куллустуур» олоҥхоҕо этиллэр: «сир-ийэ тэнийэ-тэлгэнэ сатаан баран, тоҥус киһи туут хайыһарын тумсун курдук, токуруйа чоноруйан тахсан, киҥкиниир киэҥ халлаан, араҕас маҥаас атыыр сылгы тириитин тиэрэ тардан, тэнитэ тоҥорбут курдук, таҥнары сааллан, намылыйан киирэн, сир-халлаан сири иһит сиксигин курдук, силбэһэ түһэн, аллаах ат балтатын тыаһын курдук, хаахыр-күүкүр аалса турар дойдута...» (68—19).

Сорох айымньыга халлаан «сылгы тириитин» оннугар «сарыы таҥас курдук таҥнары намылыйан түһэр» (39-24).

Айылҕа көстүүлэриттэн образка ордук күүскэ күн, уот, былыт, сайьгн сылааһа, кыһын тымныыта, сырдык, хараҥа кытталлар; өҥтөн үрүҥ (маҥан), күөх (от күөҕэ); сир-дойду көстүүлэриттэн хайа, томтор, булгунньах, тыа, алаас, сыһыы, үрэх, күөл уо. д. а. киирэллэр.

Сир-дойду көстүүлэрйттэн алаас Саха сиригэр эрэ баар суол буолар, онон онуоха сыһыаннаах дьүһүннээһиннэр Саха сиригэр кэлбит кэннэ үөскээбит буолуохтарын сөп. Сахалар сиртэн эрэ алааска таптаан олохсуйаллар. Алааһы — сүөһү сииригэр үчүгэй оттооҕунан буолуо — үрэх, өрүс сирдээҕэр ордороллор. Үрэх, өрүс ото соҕоон, сахсархай, сүөһүнү дьүдьэтэр, оттон алаас ойо үүттүгэннээх, чиҥ-чаҥ, сүөһүнү төлөһүтэр диэн буолар.

Дьэ ол иһин ырыаҕа-тойукка, чабырҕахха ааттаах алаастары хайҕаан хоһуйаллар: «уол оҕо хоһоонугар холбоспут, кыыс оҕо ырыатыгар кыттыспыт Кыыс Хаҥа кырдалыттан ордук кылбаархай хонуу баарын өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм,.. бүтэй алаас үтүөтүттэн Мүрүттэн ордук бөдөҥ алаас баарын өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм» (52—274).

Алаас — тыа иһигэр үөскээбмт, үксүгэр сыырдаах, күөллээх хонуу. Мэччирэҥ сирдээх, оттуур ходуһалаах, иһэр уулаах, уутугар балыктаах, сир астаах, көтөр-сүүрэр бултаах куула, халдьаайы тыалардаах ойдом сири биир-икки ыал бас билэн олорор. Билбэт киһилэрин көрүстэхтэринэ: «хайа алаас киһитэй?» диэн буолар. Дьэ ол иһин олоҥхоҕо маннык этии үөскүүр: «Айталыын Куо барахсаны атын алгыстаах алаас аҕа баһылыгар ойох биэрэллэр» (41—308).

Алааһы бэйэтин хайҕаан хоһуйуу элбэх. Маны таһынан, алааһы атын көстүүлэргэ тэҥнээһин, образ оҥоруу ырыаҕа-тойукка үгүс. Холобур, олоҥхоҕо бухатыыр дьиэтин киэҥэ, ороно, холумтана, хаппахчытын аана алааһынан холобурданар: «алаас сыһыы быһаҕаһын саҕа айдаҥ уорук балаҕан» (22—96), «алаас сыһыы быһаҕаһын саҕа араҕас-маҥан холумтан» (68— 13), «уҥуор диэки өттүгэр тоҕус алаас тоҕойун саҕа тоҕус лоҥку орон турбут... хаҥырҕастаах хаппахчы аана алаас-сыһыы аҥарын саҕа аһыллан аҥайбыт эбит» (41—200,201).

Алаас сыһыынан холуллар улуу ыһыахтар чэчирдэрэ, бухатыырдар айанныыр былыттара. «Алаас сыһыы быһаҕаһын саҕа араҕас чачыр», «убайдара Мүлдьү Бөҕө обургу алаас сыһыы бцһаҕаһын саҕа най хара былыты быһа кыйдаан ылла да, биир мөҥүрүк сылгыны, биир мөҥүрук ынаҕы быһа кыйдаан, уоллаах кыыстары, аттары, таҥастары-саптары барытын былытын үрдүгзр олорто да, туох да бокуойа суох илдьэ барда».

Алааһынан, күөлүнэн ойууттар, удаҕаттар дүҥүрдэрэ образтанар. «Ньургун Боотур» олоҥхоҕо этиллэр: «аҕаһа Умсуур удаҕан обургу түөлбэ күөл быһаҕаһын саҕа дүҥүрүн тоһуйа охсон биэрдэ» (22—76, 94, 344).

Уруй-айхал, үөрүү курдук абстрактнай өйдөбүллэр улаханнара эмиэ алааһынан кээмэйдэнэр: «алаас сыһыы саҕа айхал аргыстастын» (41—61).

Металлартан образка кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, алтан, тимир уо. д. а. киирэллэр. Ол эрээри саамай үгүстүк туттуллааччы — көмүс. Үчүгэй, кэрэ, күндү, сыаналаах барыта көмүскэ тэҥнэнэр.

Итини таһынан фольклор дьүһүҥнээһинигэр араас мифологическай кыыллар, харамайдар, көстүүлэр, араас айыылар, иччилэр, абааһылар киэҥник туттуллаллар. Биир тылынан эттэххэ, Саха сирин үүнээйитэ, кыыла-сүөлэ, хамсыыра-харамайа, норуот эҥин араас дьарыга, сэбэ-сэбиргэлэ, таҥаһа-саба, аһа-үөлэ уо. д. а. поэзия араас дьүһүннээһинигэр бары кэриэтэ кытталлар.

Быдан былыр өбүгэлэр соҕурууттан илдьэ кэлбит образтыыр объектарын (холобур, тэбиэн, кулан, хой, хахай уо. д. а.) тобохторо ордон хаалбыттарын аахсыбатахха, нууччалар кэлиэхтэригэр диэри Саха сирин тас өттүттэн норуот тылынан айымньытыгар киирбит биир эмэ үүнээйи, кыыл, харамай баара биллибэт. Дьүһүннээһиннэр бары бэйэ ис эйгэтиттэн, олоҕуттан, историятыттан, мифологиятыттан үөскээбиттэр. Ол, үөһэ эппит курдук, норуот сайдыылаах дойдулартан сибээһэ быстан, Хоту Муустаах муора хонноҕор өр бэйэтэ бэйэтигэр бүгэн, ойдон олорбутуттан тахсар.