Иһинээҕитигэр көс

Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын сайдыыта 2

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
1 кэрчик Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бэһис глава)
Копырин Николай Захарович
3 кэрчик


Саха поэзиятын дьүһүннээһинигэр улахан уларыйыылар нуучча культуратын сабыдыалынан тахсыбыттара. Сахалыы уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ нуучча культуратын, тылын, литературатын сабыдыалын үс этапка хайытыахха сөп: бастакы этап — XVII үйэ 30-с сылларыттан (Саха сирэ Россия государствотыгар холбоһуоҕуттан) бэттэх улуу Октябрьскай социалистическай революцияҕа диэри, бу — фольклорнай прэзия баһылыыр кэмэ; иккис этап — Улуу Октябрьскай социалистическай революция кыайыаҕыттан 1960-с сылларга диэри, бу — суругунан литература барҕарбыт, социализмы букатыннаахтык тутуу кэмэ; үһүс этап — 1960-с сыллартан саҕаланар, бу — наука, техника дохсуннук сайдар, социализмтан коммунизмҥа сыыйа киирии кэмэ.

Нуучча культуратын сабыдыала эрдэттэн киирбитин норуот айымньытыттан көрөбүт. Биһиэхэ бэрт өрдөөҕүтэ нууччаттан кэлбит остуоруйалар, легендалар, араас кэпсээннэр бааллар. Олор тустарынан ааспыт үйэ ортотун диэки Саха сирин чинчййэ сылдьыбыт академик А. Ф. Миддендорф суруйбута. Ол курдук, былыр уу мотуогун саҕана мамонт кыыл, улахана бэрт буолан, Нуой оҥочотугар кыайан баппакка, ууга өлбүтэ үһү диэн үһүйээни сирдьит сахалар киниэхэ кэпсээбиттэр (134—821). Нууччаттан киирэн, библия үһүйээнэ оччоттон сахаҕа тарҕаммыт эбит. Оттон Уйбаан Сарыабыс, Соломуон Муударай, Салтаан Саар, Суут Балаахырап уо. д. а. тустарынан остуоруйалар сахаҕа эмиэ өрдөөҕүттэн киэҥник биллэллэр.

Нуучча боростуой үлэһит дьоно хайдах сахалары кытта бииргэ олорбуттарын, бэйэлэрин норуоттарын культуратын сахаларга тарҕаппыттарын, сахалары кытта бодоруспуттарын туһунан элбэх үһүйээннэр бааллар. Холобур, билиҥҥи Уус-Алдан оройуонун сиригэр, Өспөххө былыр (XVII үйэ эргэтин саҕана буолуон сөп) Василий Готовцев диэн ыраахтааҕы былааһын утаран кэлбит киһи олохсуйбута эбитэ үһү. Бу киһи кэргэнинээн Үөнэ аҕатын ууһугар, Булгунньахтаах диэн сиргэ, олорбут. Кинилэр сотору сахалыы үчүгэйдик билэр буолбуттар. Уоллаах кыыс оҕолоро саха оҕолорун ортолоругар улаатаннар, саха тыла төрөөбүт тылларын курдук буолбут. Кинилэр саха ырыатын, үҥкүүтүн, оонньуутун таптаан улааппыттар. Кинилэр сахалыы тылынан нуучча остуоруйаларын, кэпсээннэрин дьонноруттан истибиттэрин доҕотторугар кэпсииллэр. Готовцев оҕонньор нуучча куораттарын, дэриэбинэлэрин, хайдах өстөөхтөрү кытта сэриилэспитин уо. д. а. тустарынан бэркэ кэпсиирэ үһү. Урут Өспөх сахалара аты көлө быһыытынан миинэн эрэ туһаналлара үһү, оттон Василий Готовцев саха атын кыһын сыарҕаҕа көлүйбүт. Кинилэртэн олохтоохтор аты сыарҕаҕа көлүйэргэ үөрэммиттэр. Сыарҕаны, дуганы, хомууту, сөдүөлкэни уо. д. а. оҥостор буолтар. Василий Готовцев кэмиттэн ыла бу дойдуга нуучча таҥаһа-саба, иһитэ-хомуоһа баар буолан испит. Кэлин Готовцевтар ыччаттара сахалары кытта хаан уруулуу буолбуттар (48—37). Бу үһүйээн кэпсээнтэн нуучча культурата олохтоох тыа маассатыгар хайдах дириҥник киирэн испитин көрөбүт.

Нуучча сабыдыала үһүйээннэр, остуоруйалар, кэпсээннэр ис хоһоонноругар, сюжеттарыгар, идейнэй матыыптарыгар эрэ буолбакка, ону таһынан олоҥхо, өс хоһооннорун, таабырыннар, чабырҕахтар, ырыалар-тойуктар поэтическай дьүһүннээһиннэригэр киирэр.

Сурукка биир саамай эрдэ биллибит сахалыы айымньынан А. Ф. Миддендорф үлэтигэр киирбит «Ыһыах төгүлэ» диэн ырыа буолар. Миддендорф Якутскайынан 1844 сыллаахха кэлэн ааспыта биллэр. Онон бу ырыа ааспыт үйэ 40-с сылларын иннинэ айыллыбыт буолуон сөп. «Ырыаҕа», биһиги ааҕыыбытынан, 20-тэн тахса нууччаттан киирбит тыл баар, олор образтаан этиигэ, хоһуйууну киэргэтиигэ туттуллубуттар (52—70).

«Сиэрэй сэбирдэх силитилээтэ, мотуок солко мутукча муҥутаата». «Сиэрэй», «мотуок», «солко» диэннэр нууччаттан киирбит тыллар буолаллар (серый, моток, шелк), баларынан сайын мас сэбирдэҕэ, мутукчата көҕөрүүтэ сиппитэ образтанар.

Миддендорф ити үлэтигэр киирбит «Бүлүү төгүлэ» («Песня в честь реки Вилюя») диэн ырыатыгар: «Таат (Таатта буолуон сөп) эбэм мотуок солко мутукчата муҥутаата, сиэрэй солко сэбирдэҕэ силигилээтэ, чопчу көмүс туораҕа торолуйда, хара көмүс хатырыга хаҥаата» (134—806),— диэн хоһуйуу эмиэ баар. Таарыйа эттэххэ, ити ырыаҕа «холуста хонуулаах» диэн баар. Онон холуста (холст) таҥас образка эмиэ өрдөөҕүтэ киирбит эбит.

Оччоттон баччааҥҥа диэри «сиэрэй солко сэбирдэх», «мотуок солко мутукча» диэн хоһуйан этии ырыаҕа-тойукка киирэн ахан биэрэр. «Сиэрэй солко», «мотуок солко» диэннэр куруук туттуллар эпитеттэр буолаллар.

«Ырыаҕа» «оһуордаах оронноох», «оһуор хонуулаах», «сиэгилээх сиэбэлэс мастаах» диэн этиилэр бааллар. «Ойуу», «дьарҕаа», «мандар», «дьэрэкээн» уо. д. а. синонимическай ис хоһоонноох тыллар баалларын үрдүнэн «оһуор» (узор) диэн тыл поэзияҕа эбии киирэр. Оттон «сиэбэлэһи (сиэмэлэһи)» тыл үөрэхтээхтэрэ «жимолость» диэнтэн таһаараллар. Нууччалар сэбирдэхтээх сэппэрээк маһы ити курдук ааттыыллар. Бу тыл олоҥхоҕо киирбит. Сорох олоҥхо бухатыырдара «сиэмэлэс мас торуоскалаахтар».

Үөһэ этиллибит ырыаҕа өссө маннык хоһуйуулар бааллар: «бар тыа баһаардаах, куруҥ тыа куораттаах, уулаах уулуссалаах, дулҕа тойонноох, киргил кинээстээх, чаарда чаччыыналаах, кукаакы кулубалаах!..». Мантан көрдөххө, куорат итинник атрибуттарынан, ыраахтааҕы саҕанааҕы дуоһунастарынан юмористическай уонна сатирическай образтары оҥоруу норуот айымньытыгар бэрт өрдөөҕүттэн үөскээбит эбит. Кэлин суругунан литератураны олохтоспут Н. Д. Неустроев «Кукаакы кулуба» диэн революция иннинээҕи саха тойотторун күлэр бастыҥ комедияны айбыта. Комедия «Кукаакы кулубалаах, киргил кинээстээх, суор сурук-суттаах...»,— диэн эпиграфтаах. Айымньы норуоттан силистээҕин ити эмиэ көрдөрөр.

Аны «ырыаҕа» нууччаттан киирбит таҥас-сап ааттарын туһанан метонимическай образтааһыннары хайдах оҥорбуттарын көрүөҕүҥ: «куһаахтааҕы куоттарымаҥ, ыстааннааҕы ыытымаҥ, сэлиэччиктээҕи ситиҥ, сөртүүктээҕи төлөрүтүмэҥ, хаалтыстааҕы ханыылааҥ, хампалааҕы ханыылааҥ».

А. Миддендорф кэлэ сылдьыытын саҕана былыргылыы национальнай быһыылаах-тутуулаах, симэхтээх таҥас-сап толору баара. Ону сэргэ нууччаттан кэлбит таҥас-сап эмиэ балачча дэлэйбит (134—831). Ити кэмҥэ куһаах (кусаак) кур, сэлиэччик, сөртүүк, хаалтыс, солко, хампа (канфа) таҥастар үгүстүк туттуллар буолбуттарыттан араас поэтическай хоһуйуулар үөскүүллэр.

Сахаҕа бэйэтигэр «саһыл саҕалаахтар», «оноолоох сонноохтор», «уһун сонноохтор» уо. д. а. этиилэр элбэх буолааччылар. Метонимическай образтааһыннары оҥорор үөрүйзхтээх буолан, норуот ити үөһэ этиллибит нуучча тылларын хоһуйууга хамаҕатык киллэртиир.

Итини таһынан, бу ырыаҕа «көрүлүүр көлүөнэ» (колено), «оонньуур уочарат» (очередь), «этэр ибирээт» (обряд), «саҥарар чаастыйда» (от слова «часто») диэн нууччаттан киирбит тылларынан доҕуһуоллаан этиилэр бааллар. А. Мйддендорф «көлүөнэ» диэн тылга маннык быһаарыы биэрбит: «мин утарсарым үрдүнэн, тылбаасчытым бу тылы нууччаттан киирбитэ диэн бигэргэтэр». А. Миддендорф сахалар бэйэлэрин былыргы ырыаларыгар нуучча тылларын кыбыталаан киэргэтэр үгэстээхтэрин эмиэ бэлиэтээбит (134—767, 799).

Мантан көрдөххө, бэрт эрдэттэн сахаҕа нуучча тыллара, көннөрү саҥаҕа эрэ буолбакка, ырыаҕа-тойукка киирэннэр, араас поэтическай дьүһүннээһиннэри эпитеттэри, тэҥнэбиллэри, метафоралары, метонимиялары — үөскэппиттэр. Ономатическай эрэ буолбакка, туохтуурунан («саҥарар чаастыйда») образтааһыннар эмиэ үөскүүллэр эбит.

Нуучча тылын, культуратын сабыдыалынан үөскээбит дьүһүннээһиннэр бэл саха фольклорун былыргы жанрытар, олоҥхоҕо, өтөн кииртэлээбиттэр.

Хомойуох иһин «олоҥхо сахалыы тылынан суруллуута ааспыт үйэ ортотуттан эрэ бэттэх, атыннык эттэххэ, Саха сирэ Росеия государствотыгар холбоспута икки сүүс сыл ааспытын кэннэ саҕаламмыт. Онон олоҥхо былыргы көрүҥэ хайдаҕын биһиги билбэппит.

А. Миддендорф үлэлэрин II чааһын VI отделыгар, хас да ырыалартан ураты, «Эриэн тойон, Эбириэлдьин хотун уола Эриэдэл Бэргэн» диэн олоҥхоттон быһа тардыы киирбит. Бу олоҥхоҕо абааһы уолун дьүһүнүн-бодотун ойуулааһыҥҥа «...буор хаһар күрдьэх курдук тиистээх» диэн этии баар (134—810). Мантан көрдөххө, билигин киһи барыта билэр, туттар сэбэ өссө «тимир күрдьэх» диэн ааттаныан иннинэ олоҥхо дьүһүйүүтүгэр хайы-үйэ киирэ охсубут эбит.

Олоҥхону аан бастаан (1848 с.) сахалыы сурукка киллэрбит киһинэн сахалар ортолоругар үөскээбит, нуучча төрүттээх А. Я. Уваровскай буолар. Кини айымньыны көннөрү «Олоҥхо» диэн ааттаабыт. Бухатыырын аатын быһыытынан бу олоҥхо «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотох» диэн ааттаныан сөп. Олоҥхо суруллубутунан сүрдээх кылгас, стилэ да уратылаах. Сахалар таптыыр уһун сиэллээх-кутуруктаах хоһуйуулара да, тылы тылга дьүөрэлээһиннэрэ да кэмчи. Ол, баҕар, Уваровскай идэтийбит олоҥхоһут буолбатаҕыттан буолуо. Уонна сахалар тылларын, культураларын төһө да үчүгэйдик биллэр, нуучча төрүттээх киһи, бэрт былыргы силистээх уустук образтары, тыл эҥин эгэлгэ дэгэттэрин ситэри баһылыыра, биллэн туран, ыарахан.

Уваровскай сахалары таптыыр, сахалар тылларын, культураларын үрдүктүк сыаналыыр киһи. А. Миддендорф этэринэн, бэйэтэ кэнэн сахаҕа кубулуйан хаалбыт киһи «Ахтыыларын» хас страницата кини дьиҥнээх сахалыы өйдөөҕүн-санаалааҕын көрдөрөллөр (134—768). Уваровскай, биһиги тылбытын аан бастаан сурукка киллэрэр киһи, бука, бу тыл барҕа баайын арыйан көрдөрдөрбүн, дьиҥ «ыраас» саха тылынан суруйдарбын диэбит буолуохтаах. Ол үрдүнэн, кини «Олоҥхотугар» нууччаттан киирбит тыллар элбэхтэр. Холобур, бухатыыр дьиэтин-уотун хоһуйарыгар маннык этиилэри ааҕабыт: «түөрт атахтаах остуоллаах», «сиэркэлэ тэлгэсэлээх», «ат туруорар алтан амбаардаах» (133— 82). Автор «Олоҥхотугар» даҕаны, «Ахтыыларыгар» даҕаны адьас сахалыы суруйа сатыырыттан сыаналаатахха ити «остуол», «сиэркилэ», «ампаар» диэн тыллар норуот күннээҕи саҥатыгар оччоттон лаппа киирбит буолуохтарын сөп.

Уваровскай «Олоҥхотугар» даҕаны, «Ахтыыларыгар» даҕаны «муора» диэн тыл киирбэтэх. Баҕар, оччолорго ити тыл киэҥник туттулла илигэ буолуо. «Олоҥхоҕо» «күөх далай байҕаллаах» диэн этиллэр. Оттон «Ахтыыларга», Петербурга сылдьан, «элбэх улахан сололоох байҕал тойотторун кытта» (133—80, 56) билсибитин туһунан суруйар. «Муора» диэн тыл оччолорго лаппа кииртэ буоллар, «муора тойотторун гытта» диэн сөп этэ.

Ол эрээри Уваровскай ити айымньыларыгар куорат, кинээс, кулуба («голоба»), хамыысыйа, сулуусуба, тыһыынча, сылабаар, чэй, саахар, биилкэ, ньуоска, сукуна, барча, сибиинньэ, быыдара уо. д. а. киирбиттэр. Ол аата, ити тыллар оччотооҕу дьон саҥатыгар туттуллар буолбут буолуохтарын сөп.

Ити «муора» диэн тыл кэнники сахалар олоҥхолоругар элбэхтик киирбит. Холобур, К. Г. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн биир саамай эрдэтээҕитэ (1895 с.) сурукка киирбит саха бастыҥ олоҥхотугар бухатыыр: «уҥуоргута биллибэт, улаҕата көстүбэт, оломо суох улуу муораҕа тиийдэҕинэ, ата «хорус» гына түстэ» (22—120),— диэн этии баар.

Олоҥхоһут «муора», «байҕал» диэн тыллары олбу-солбу, арыт сэргэстэһиннэри туттар. «Арҕаа дизки өттүн одуулаан турдахпына — аҕыс үөстээх Араат байаҕаллаах эбит»,— диир. Оттон Абааһы уола Айталыын Куону уоран барбыт сырыытын күүһүгэр «муора уута булкулла түстэ, байҕал уута баарыстана түстэ» дэнэр.

Оросин олоҥхотугар киирии тыл «муоранан» эрэ бүппэт. Бухатыыр сирэ «очуос булгунньахтаах», «дэриэспэ таас тибиилээх», сыһыыта «ортотугар туох да ото-маһа суох чыыстай дойду» (22—62, 64, 112). «Очуос булгунньах», «дэриэспэ таас» («дресва» диэнтэн), «дэриэспэ курдук үлтү ыстанна», «чыыстай буолак» диэннэр — фольклор айымньыларыгар үгүстүк көрсүллэр ойуулааһыннар. Ырыа тылын эмоциональноһын күүһүрдэргэ «чыыстай маҥан», «чуорунай хара», «сиилинэй күүстээх» диэн киирии тылы кытта хоһуласпыт эпитеттэр туттуллаллар.

Бухатыыр туттар сэбин, дьиэтин, дьүһүнүн-бодотун ойуулааһыҥҥа киирии тыллар эмиэ бааллар. Ньургун Боотур сытар ынах ханнын саҕа хара таас «мээчиктээх», «күкүр таас ампаардаах», «саннын байаатыгар диэри түспүт хара көмүс курдук куударалаах астаах», кыыһырдаҕына, «сирэйиттэн сиэрэ уотун курдук сирдьигиниир». Манна «мээчик», «ампаар» диэннэр чопчу предметтэри сирэйинэн ааттыырга туттуллубут буоллахтарына, «хара көмүс курдук куударалаах ас», «еи-рэйиттэн сиэрэ уотун курдук сирдьигиниир» диэннэргэ «куудара», «сиэрэ» диэн киирии тыллар уус-уран дьүһүннээһин быһыытынан туттуллубуттара көстөр. Итини тэҥэ «илиэсэй (илиэһэй) бэттэрэ», «абааһы атамааннара» диэннэр эмиэ бастаан-утаа образтаан этэр суолталаах туттуллубуттара буолуо. Оросин бу олоҥхотугар «тылбын күлүүстээн турабын» (22—88, 114, 176, 350, 356) диэн эриэккэс этии баар. Бу этии «тылбын биэрэн (туттаран) турабын» диэн суолтаҕа туттуллубут образтааһын буолара чуолкай.

Аны балачча эрдэтээҕитэ (1906 с.) суруллубут И. Г. Теплоухов-Тимофеев «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуурун» ылыаҕыҥ. Көстөрүн курдук, бу олоҥхо сүрүн геройун майгытын характеристйкалыырга «куруубай» диэн киирии тыл туһаныллыбыт.

Ити тэҥэ олоҥхо геройдарын ааттарыгар киирии тыллар кыбыллыбыттара элбэх. «Балтараа Баатыр», «Арсыын туора тиистээх Арсан Дуолай», «Халлаан Бэрэгиэһэ Бэриэт Бэргэн», «Сэттэ уон бууттаах сиэмэлэс мас торуоскалаах Дзбиэ Дэлэй бухатыыр», уо. д. а. А. Е. Кулаковскай «бухатыыры» эмиэ киирии тыл диир эбит. Д. Говоров «Мүлдьү Бөҕөтүгэр» абааһы эмээхсинэ нууччалыы «Дьэгэ-Бааба» (Яга Баба) диэн ааттанар. Бу «Дьэгэ-Бааба» балаҕанын «түү халпаак курдук логлу харбаан ылан», үөһэ халлааҥҥа таһааран баран, «сиксийбит куруппа курдук... ыһан кэбиһэр» (10—219). Манна «халпаак», «куруппа» диэн киирии тыллар олоҥхоҕо үчүгэй уус-уран тэҥнээһиннэри оҥорорго туһаныллыбыттар.

«Мүлдьү Бөҕөҕө» Халлаан Дьардьама диэн мифологическай кыыл хараҕа «алтан чааскынан», «сүлүүдэ тааһынан» дьүһүннэнэр: «икки алтан чааскыны кэккэлэччи туппут курдук икки силиэдэ таас харахтаах, халлаан хамсыктаах Дьардьам тимир туруук кыыла» (10—220).

Олоҥхо дьүһүннээһинигэр тэриэлкэ, чугуун, сиэркилэ, чөмчүүк, хаалтыс, сукуна, солко, былаат, сэлээппэ, өтүүк уо. д. а. олох-дьаһах, дьиэ-уот элбэх мала киирбиттэр. «Алтан тэриэлкэни кэккэлэтэ уурбут курдук„ алаан-дьалаан алаастар» (68—10); «кутуу чугуун куттахтаах... халлаан атыыр баргый кыыла», «сиэкилэ дугуй уу толбонноох» сир ийэ; абааһы уола «тоҕус уон тоҕус бууттаах дулҕа хара ноһумуой былаатын икки санньш байаатынан нэри-нэмиличчи нээлбилэнэн кэбиһэр», кини «сэттэ уон сэттэ бууттаах тиммр лэҥкэ хара сэлээппэ бэргэһэлээх»; «халлаан чалахайа хаалтыстаах» (31—7, 58, 137, 138, 235). Туйаарыма Куо «икки хараҕын уута икки уруускай чөмчүүк курдук күлүмүрдээбитинэн мөлбөрүс гынар» (40—179); Күн Толомон «тоҕус былас уйуллаах нуолур солко суһуохтаах», кини сирэйэ «кыһыл сукуна курдук кытара кыыһар» (68—21, 111).

Сир, халлаан баранар ыпсыытын сарыы таҥаһынан хайыһарынан образтаан этэллэрин туһунан урут ахтаҥ турабыт. Итини кэлмн киирии тылынан—өтүүгүнэн дьүһүннээн эмиэ этэр буолбуттар. Холобур, сорох олоҥхоҕо маннык этэллэр: «үктэнэн үөскээбит үтүө буорум өтүүк төбөтүн курдук үмүрүйэ бараныыта...» (49—25). | Онон нуучча культурата саха дьүһүннээһинигэр бастаан-утаа дьиэ эргин туттуллар араас тэриллэринэн, малларынан, иһиттэринэн-хомуостарынан өтөн киирбитэ диэххэ сөп. Үөрэх, интеллектуальнай билии сыста илик омугар итинтэн атын буолуон да сатаммат.

Итини таһынан олоҥхоҕо өссө христианскай итэҕэлгэ сыһыаннаах тыллар, терминнэр уонна олорунан образтаан зтиилэр бааллар. Бу өттүнэн үөһэ ахтыллыбыт И. Г. Теплоухов-Тимофеев «Кулун Куллустуура» ордук бэлиэ. Олоҥхоһут саха былыргы үрдүк таҥаратын — Үрүҥ Айыы тойону баһыттан атаҕар диэри нуучча итэҕэлин эгэлгэ атрибуттарынан симиир. «...Кыһыл көмүс ырыысалаах, арыы чаллах хатыҥын курдук араҕас-маҥан лампаадалаах, уон ордуга икки аанньал таҥара ньэмиэтэ суруллубут, тоҕус сиринэн нуоҕайдаах ураа көмүс бэргэһэтин кырыытынан ууруммут, тоҕус Ньукуола таҥаратын түөһүгэр көтөхпүт, аҕыс аанньал таҥаратын арҕаһыгар сүкпүт, сэттэ сибэтиэй таҥаратын сиһигэр кэккэлэппит, умуллубат чүмэчн уота манаардаах, ахпат лаадан сыта түптэлээх, сырдык ыырай сыккыабалаах аҕыс халлаан ыраахтааҕыта, сэттэ халлаан кинээһэ өрөһөлөөх өтөҕөлөөх Үрүҥ Айыы тойон» (68— 43).

Манна саха языческай итэҕэлэ булкуллубутун курдук, кини үҥпүт-сүктүбүт үрдүк айыыта таҥастыын-саптыын, ааттыын-суоллуун барыта булкуллан хаалбыт.

Кулун Куллустуур көрдөҕүнэ, Күн Толомон ийэтэ Боҕороодьусса, аҕата Ньукуола курдуктар эбит: «кэтэҕириин диэки Боҕороодьуссаны, уҥа диэки Ньукуоланы суруйбут курдук оҕонньордоох эмээхсин олороллор».

Аллараа дойдуга олохтоох Буор Маҥалай оҕонньор эмиэ «ыраахтааҕынан» аатырар буолбут: «илиэһэй улууһун ыраахтааҕыта буолбут Буор Маҥалай оҕонньор, Буор Сүргэй тойон!» (68—7, 136).

Уопсайынан И. Г. Теплоухов-Тимофеев олоҥхотугар нууччаттан киирбит тыллар, өйдөбүллэр элбэхтэр: «киэҥ дьаарбаҥ куорат», «кыһыл көмүс олбуор», «дьапталҕа көмүс кинигэ», «норуот», «хамаанда», «сибиидэ» уо. д .а. Оҕоһут эмээхсин «баабыскаһыт» дэммит, дьону мунньалларыгар «ыраах ыалларын барабааннааҕынан тардаллар». Ити курдук саха фольклорун былыргы жанрыгар арыт адьас атын обществоҕа үөскээбит өйдөбүллэр, терминнэр көһөрүллэн киирэллэр эбит.

Ол эрээри итинник, итиниэхэ майгынныыр көһөртөөһүннэр айымньы аайы баар буолбатахтар. Үгүс олоҥхоҕо нууччаттан киирбит таллары кытта сибээстээх дьүһүннээһиннэр айымньы бэйэтин былыргыттан илдьэ сылдьар национальнай айылҕатын алдьаппакка, сиэрдээхтик киирбиттэр. Оннук дьүһүннээһиннэр И. Г. Теплоухов-Тимофеев бу аатырбыт олоҥхотугар, биллэн турар, элбэхтэр.

Нуучча тылын, культуратын сабыдыалынан үөскүүр дьүһүннээһиннэр олоҥхоҕо улам кэҥээн испиттэр. Бастаан сурукка киирбит олоҥхолорго (Уваровскай «Олоҥхотугар», Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотуругар» уо. д. а.) сабыдыал аҕыйах буоллаҕына, кэлин суруллубуттарга (Теплоухов-Тимофеев «Кулун Куллустууругар», Говоров «Мүлдьү Бөҕөтүгэр» уо. д. а.) ол лаппа элбээн испит.

Олоҥхоҕо саҥаны этиилэр, олоҥхолонор кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, саҥаны киллэриилэр буола турбуттарын биир маннык холобуртан көрүөххэ сөп. Үөрэҕэ суох кырдьаҕас олоҥхоһут Д. М. Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоҥхотун, биһиги дойдубутугар тыа хаһаайыстыбатын социалистическайдыы холбоһуктааһын буолбутун кэннэ, 1935 сыллаахха суруйтарбыта 1938 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Олоҥхоһут «оччотооҕу бириэмэҕэ килиэбинэ суоҕуна, хотон холбоһугун саҕана, холоҥсолоох хотон кулубата хотонноохтор эбит»,— диэн бухатыыр дьиэтин-уотун хоһуйарыгар Саха сиригэр культурнай революция буолан, хотону дьиэттэн араарбыттарын кэннэ олоҥхолуурун туһунан быһаарбытын кинигэ аан тылыгар сөпкө бэлиэтээн тураллар (10—13).

Олоҥхо тылыгар-өһүгэр, уус-уран дьүһүннээһиннэригэр эрэ буолбакка, сюжетыгар, идейнэй ис хоһоонугар саҥа мотивтар кииртэлиир түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар. Олоҥхо «саҥа социальнай мотивтарынан, өссө, баҕар, саҥа сюжеттарынан, образтарынан, олох-дьаһах бэлиэлэринэн байарын», «тыла, поэтическай ньымалара сайдалларын» туһунан фольклорист Г. У. Эргис өссө 1940-с сыллардаахха суруйбута (22—44).

Биһиэхэ нууччаттан киирбит өс хоһоонноро, сомоҕо домохтор элбэхтэр. Олортон сорохторо калькалааһын быһыытынан үөскээбиттэр. Оннуктарга, холобур, киллэриэххэ сөп маннык этиилэри: «харчы ахсааны таптыыр» (деньги счет любят), «муораны тобугунан» (море по колено), «уутааҕар чуумпу, оттооҕор намыһах» (тише воды, ниже травы), «кини ырыата ылланна» (песня его спета) уо. д. а.

Оттон «өлүү суолун нэтээҕинэн бүөлээбиккэ дылы», «туора киһи иннигэр кыл саҕаны да көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэ сыта,рын көрүммэт», «бэрт киһи бэтиэхэлээх, үтүө киһи үгэлээх», «тыла мүөттээҕэр минньигэс», «сүлүүкүн үбэ үптээх», «маат бардым», «мэтээл туттар», «туппута эрэ торуоска, кэппитэ эрэ сэлээппэ», «холуоһаҕа олорбут», «этэрбэс радиота» уо. д. а. «нэтээги» (летяга), «бэрэбинэ» (бревно), «бэтиэхэ» (потеха), «мүөт» (мед), «сүлүүкүн» (шиликун), «маат» (мат), «мэтээл» (медаль), «торуоска» (трость, тростка), «сэлээппэ» (шляпа), «холуоһа» (галоши), «радио» диэн киирии тыллар лаппа үгүстүк туттуллар буолбуттарын эрэ кэннэ үөскээбит буолуохтарын сөп.

«Сиргэ түспүт сэрибиэй» (жребий), «хааппыла (капля) хаан хаалыар диэри»., «бэҕэһээҥи бэтэнээски» (бедняжка), «истиэнэ (стена) курдук эрэн», «сиидэ (сито) хайаҕаһын курдук», «тэрэпиискэ (тряпочка) курдук тутар», «хааһы (каша) буолбут», «алаадьы (оладьи) курдук эргитэр», «тустан ырычаахтастылар (от слова — рычаг)» уо. д. а. эмиэ нууччалар кэлбиттэрин кэннэ,. кинилэр тылларын сабыдыалынан үөскээбит этиилэр буолаллар.

«Бэтэнээски» диэн тылы ылыаҕыҥ. Бу тылы А. Е.. Кулаковскай «бедняжка» диэн тылтан таһаарар. Бу соҕотоҕун бэйэтэ туттуллубат, «бэҕэһээҥи бэтэнээски» диэн эдэр киһини сэнээн этэргэ туттуллар образтааһын, Н. С. Григорьев үөскэппит термининэн эттэххэ, сомоҕо домох буолар.

Оттон «ырычаах» сахаҕа бэйэтигэр ити тыл суолтатыгар туттуллар «төһүү» диэн тыл баарын үрдүнэн киирбит уонна туохтуурунан образтаан этэргэ туттуллар буолбут. Холобур, «тустан ырычаахтастылар» диэн («тустан төһүүлэстилэр» диэбэттэр) бэрт үчүгэй дьүһүннээһин үөскээбит. Манна икки мөлтөһүөр киһи тустан, тэҥҥэ эллэспиттэрин туһунан этиллэр. «Ырычаахтастылар» диэһин күлүү-оонньуу хабааннаах этии буолар.

Норуот баайдары, тойоттору күлэр-элэктиир чабырҕахтарыгар нуучча, саха тылларын соруйан булкуйан сытыы сатирическай обраһы айар түбэлтэлэр бааллар. Холобур, «Балтааса» диэн чабырҕахха маннык көрүдьүөс этиилэр бааллар:

Бырыы да бадараан,
Түөрт түгэн айаҕа
Дыбаа куонь пропаал —
Саам сатыы
Насыыла-насыыла приехал.
Ити дьыаланы
Исправник писаал,
Күбүрүнээтэр подписаал. (52—270)

Үөһэ эппиттэргэ олоҕуран түмүктээтэххэ, саха норуотун тылынан уус-уран дьүһүннээһинигэр нуучча культуратын сабыдыала бэрт эрдэттэн дириҥник иҥэн киирбит. Россияҕа капитализм үөскээн, пролетариат революционнай хамсааһына күүһүрэн истэҕин аайы саха культуратыгар нуучча норуотун культуратын прогрессивнай сабыдыала улам улаатан, күүһүрэн испит. Саха обществота бэйэтэ сайдан иһиитэ кини прогрессивнай сабыдыалы ылынымтыатын эмиэ күүһүрдэр. Ол курдук, манна өссө революция буолуон иннинэ сурук-бичик, оскуолаҕа үөрзтии, уус-уран литература уонна периодическай бэчээт үөскэхтэрэ баар буолбуттара.