Сүбэлэр-соргулар (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чолбон Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Иван Арбита|Иван Арбита]]
Өйдөөтүм



Сүбэлэр-соргулар


Төhөҕө даҕаны, көмүhүөм,
Бэйэҕин итэҕэс өйдөөмө,
"Мин эрэ мөлтөхпүн, мин өлүөм,
Сарбыллыам" диир тылла көрдөөмө.

Күөгэйэр күннэргэр сыаналаа
Кэннигэр кэриэскин кээhэргин,
Сүүс сылы курдаттыыр аналлаах
Үүнэр күн өйүгэр тиллэргин.

Төлөннөөх тапталынан таптаа
Бар дьон оҥорбутун барытын,
Таптал диэн тылынан кынаттаа
Санааҥ үөрүүтүн, айманыытын.

Эдэр саас муҥутуур күнүгэр
Эн дьэллэм, сайаҕас буолар буол,
Саhыма дьон-сэргэ кэннигэр,
Көҥүллээх сир көрдөөх уола буол.

Хаhан да дьулайан, симиттэн,
Сүрэххин эрэйдии сатаама,
Кимтэн да кистээмэ, сэгэттэй,
Санааҕын, санааҕын, санааҕын!


1940