Иһинээҕитигэр көс

Өйдөөтүм (Иван Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сүбэлэр-соргулар Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|]]
Сайыҥҥы түүн



Өйдөөтүм


Өйдөөтүм сайыҥҥы киэһэҕэ
Санаабыт аһыллар үөрүүтүн,
Ардыгар кэпсэтии тиһэҕэр
Тайсымна тарҕаһар өлүүтүн.

Өйдөөтүм киэһээҥҥи халааммар
Быһыттар былытым кыыспытын,
Сүүрүктээх үрүччэ хамсаамна
Халыйан сынньана сыппытын.

Өйдөөтүм биһиги биир киэһэ
Биэрэги кэрийэ бааппытын,
Минньигэс чуумпуну бэккиһээн
Сир дьолун уруйдуур чааспытын.

Өйдөөтүм этиҥнээх самыырга
Эн дьиэҕэр хойутаан хаалбыппын,
Эн тылгын, эн хаста хамныыргын
Өйдөөтүм бу хоспор баар курдук.

Өйдөөтүм санаабын билимнэ
Биир кэмҥэ саарбахтаан ылбыккын,
Өйдөөтүм ол киэһэ кэлэҥҥин
Эппиккин төннөрөн барбыккын.


11.11.1936