Иһинээҕитигэр көс

Тугу эрэ суохтуур курдукпун... (В. Потапова)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн


Тугу эрэ суохтуур курдукпун...
Тугу? Бэйэм да билбэппин.
Арай, хаһан эрэ булбуппун
Сүтэрбиттии, тэһийбэппин.

Тулам туох эрэ дьиктитин
Тумна сылдьарым дуу,
Эбэтэр, туох эрэ сибикитин
Сүрэҕим таайара дуу?..